«СОФИМ» устудьуоннар тутуу этэрээттэрэ тэриллибитэ 50 сылын көрсө Бүлүү бөлөх улуустарынан айаҥҥа туруммут этэрээт бэс ыйын 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр ыалдьыттаан ааста. Кинилэр 1972 сыллаахха «Дүллүкү» сопхуоска саҥа хонтуора дьиэтин туппуттар. Ол саҕана СГУ устудьуон оҕолоро 17 саастаахтар эбит. Манна кэлэн тутууга үлэлииллэрин таһынан сорохтор дэриэбинэ оҕолоругар сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн үлэлэппиттэр. Римма Романовна, Светлана Иннокентьевна диэн кыргыттар оҕолорго араас ырыаны-хоһоону, саҥа үҥкүүлэри үөрэппиттэр, тыа оҕолоругар сонун тэрээһиннэри ыыппыттар.
Үйэ аҥаарын уҥуордуур көрсүһүү нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр ыытылынна. «СОФИМ» студэтэрээт чилиэннэрэ бары үөрэхтэрин бүтэрэн, физика, математика учууталларынан үлэлээбиттэр, ону таһынан сорохтор наука докторыгар тиийэ үүммүттэр. Дүллүкүгэ үлэлиир кэмнэригэр хамандыырдара Василий Федорович Каратаев эбит. Кини: «Оччотооҕуга СГУ устуодьуннара 17-18 саастаах оҕолор уонна «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» девиһинэн 2-3-түү сыл сопхуоска үлэлээбит уонна Сэбиэскэй армия, байыаннай флот кэккэтигэр сулууспалаабыт ыччат, этэрээт тэринэн кэлэн аан бастакыбытын Дүллүкүгэ тутууга үлэлээбиппит. Онон биһиэхэ Дүллүкү сүрэхпитигэр-быарбытыгар олус күндүтүк саныыр дойдубут буолар. Оччолорго сопхуос салалтата уонна олохтоохтор биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Эдэр устудьуон оҕолорго сопхуос хонтуоратын эрэнэн, итэҕэйэн туттарбыттара. Тыа сиригэр буровой массыына суох буолан, паарынан үрдэрии этэ,» — диэн ахтан кэпсиир.
Сайыҥҥы сылаас күҥҥэ «СОФИМ» байыастара бибилэтиэкэ тиэргэнигэр олорон, үйэ аҥаарын анараа өттүгэр совхоз хонтуоратын тута сылдьыбыт кэмнэрин олус интэриэһинэйдик, истиҥник санаан-ахтан сиһилии кэпсээтилэр. Кинилэр биһиги саҕа саастарыгар сайыҥҥы кэмҥэ сынньаммакка, тыа сирин үлэтигэр көмөлөһөр, үмүрүтэр сыаллаах үлэлииллэр-хамсыыллар эбит диэн сөҕө санаатыбыт. Оччотооҕуга кинилэри кытары алтыспыт нэһилиэкпит ыччаттара, билигин аҕам саастаах дьон, көрсүһүүгэ кэлэн ирэ-хоро кэпсэтэн, элбэх ыччат кэлэн дэриэбинэ олоҕун наһаа сэргэхсиппиттэрин, эдэр саастарын биир кэрэ, умнуллубат кэмин санаһан, биир остуолга олорон чэйдээн, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Биһиги оҕолор 50 сыл анараа өттүгэр буолан ааспыты, үлэ кэминээҕи түгэннэри, кэпсээннэри олус сэргээн, астына иһиттибит. 1972 сыллааҕы стройэтэрээт байыастара быыс булан кэлэн биһиэхэ ыалдьыттаабыттарыгар, сонун түгэни бэлэхтээбиттэригэр олус махтанабыт.
Ыалдьыттарбыт айаннарыгар ыксыыр буолан, биир эрэ байыаһы кытта кэпсэтэн хааллыбыт. Ол курдук Мария Ивановна Петрова маннык ахтар-саныыр:
-Биһиги бастакы куурус кэннэ 17-лээх оҕолор манна үлэлии кэлбиппит. Саамай бастакы үлэҕэ эриллиибитин Дүллүкүгэ барбыппыт. Сопхуос дириэктэриттэн саҕалаан нэһилиэнньэ барыта бүөбэйдээн кэриэтэ диэххэ сөп, аспытынан-үөлбүтүн хааччыйан, кыһалҕабытын барытын быһааран абыраабыттара. Наһаа үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Онон улахан-улахан махталбытын тиэрдэбит. Биһиги бары математиктар уонна физиктэр этибит. Мин үөрэхпин бүтэрэн баран 45 сыл программиһынан үлэлээбитим. Эдэр сааспар тутар этэрээккэ сылдьыбытым суолтата олус улахан. Дьону кытта алтыһарга, кэлэктиипкэ бииргэ үлэлииргэ, уустуктары сүбэнэн туоруурга үөрэммиппит. Бүгүҥҥү көрсүһүүттэн наһаа үчүгэй өйдөбүллээх баран эрэбит. Биһиги Дүллүкүгэ үлэлээбит кэммитин нэһилиэнньэ билиҥҥэ диэри наһаа үчүгэйдик өйдүү-саныы сылдьарыттан ис сүрэхпититтэн-дууһабытыттан олус үөрдүбүт, долгуйдубут, астынныбыт. Улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сонун кэпсээннээх, сэргэх сэһэннээх, ыарыа-тойук аргыстаах «СОФИМ» тутар этэрээт байыастара салгыы Сунтаар улууһугар тиийэ айаннаатылар. Дүллүкү олохтоохторо айан суола табылыннын, сыал-сорук туоллун диэн алгыы хааллылар.
Уруйдаана Афанасьева, Х кыл,
Анна Тобохова, IX кыл.
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, «Эрчим» корпост.