Т.н.д. А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Смотри, это Россия» диэн күрэххэ кытта сылдьаллар. Бастакы сорудахтара — Херсон үөрэнээччилэригэр эҕэрдэ ыытыы.
Алтынньы 24 күнүгэр Абый орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччилэрэ «Смотри, это Россия» диэн акцияҕа кытыннылар. Бу манна оҕолор Херсонскай уобалас үөрэнээччилэригэр эҕэрдэ видеолары ыыттылар. Бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, дойдуларын Саха сирин, Абый туһунан кэпсээтилэр.
Ол иһин бары сахалыы таҥастаах уонна чороонноох кэлбиппит. Сахалыы кылгас хоһооннору эппиппит. Биһиэхэ учууталбыт Ираида Петровна билигин Херсонскай уобаласка кутталлаах кэм буола турар диэн кэпсээтэ. Харьков куорат ханна баарын эттэ уонна көрдөрдө. Онно олорор оҕолор санааларын көтөҕөр акция баара үчүгэй эбит. Алтыстар бу акцияҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннастыбыт.
Айсен Черемкин.
Оҕолор видеороликтарын манна көрүҥ:
keskil14.ru