Сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар, Уус Алдаҥҥа, тиийэн дьоммор илии-атах буола, көмөлөһө, үөрэ-көтө барабын. Хас сайын аайы дьиэ кэргэмминээн күүстээхтик үлэҕэ түһүнэбит. Тыа сиригэр үлэ хаһан да бүппэт.
Быйыл дьиэ өрөмүөннээтибит. Акылаатын уонна дьиэ сүрүн эркиннэрин бөҕөргөтүүгэ үлэ бөҕө ыытыллынна. Оттон мин муостатын кырааскалалыырга, күүлэ тас өттүн дьиэ истиэнэтин оҥорго күүс-көмө буолбутум. Элбэҕи, саҥаны биллим-көрдүм, үгүскэ үөрэнним.
Эдьиийбинээн, Юлялыын, оҕуруокка уу кутабыт, буорун көбүтэбит, сыыһын ыраастыыбыт. Тэпилииссэбитигэр оҕурсу, помудуор, сүбүөкүлэ үүнэр. Аһаҕас сиргэ сибэкки арааһа баар. Үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, күлэн-үөрэн, саҥаран-иҥэрэн, күөлгэ киирэн сөтүөлээн, уунан ысыһа оонньоотубут.
Төрөппүттэрбин кытта тыаҕа тахсан сир аһын хомуйдубут. Биһиэхэ дьэдьэн буһан, дьэдьэннээтибит. Син балаччаны хомуйдубут.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн күүтүүлээх үөрэх дьыла саҕаланар күндү күннэрэ оскуолаҕа үүннүөхтэрэ диэн эрэллээхпин. Учууталбын аҕынным. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Оскуолаҕа оҕолорбун кытта үөрэнэрим ордук эбит дии санаатым. Дьиэҕэ күнү быһа төлөпүөммүн, ноутбукпун тутан олоруохпун баҕарбаппын.
Слава Ильин, II кылаас, Дьокуускай 3 №-дээх орто оскуолата.
Уус Алдан, Балыктаах.