Оҕолор, иллэҥ кэмҥитигэр эһиги тугунан дьарыктанаҕыт? Ким эрэ тэлэбиисэр көрөрө, ким эрэ төлөпүөн хаһара буолуо…
Мин бүгүн эһиэхэ икки кэрэчээн кыыһы билиһиннэриэм. Инстаграмҥа кинилэр икки тыһыынча кэриҥэ сурутааччылаахтар. Эмилия Ксенофонтова (12 саастаах, 2 №-дээх оскуола) уонна Саша Шеломова (9 саастаах, 17 №-дээх оскуола). Иллэҥ кэмнэригэр сөбүлүүр дьарыктаахтар. Онон кинилэр дьон кэрэхсэбилин ылаллар.
Эһиги маҕаһыыҥҥа сылдьан, бааҥка иһигэр араас өҥнөөх убаҕас мыыла курдук оонньууру көрөргүт буолуо. Ол – слайм. Оҕолор бары астыналлар. Сыаната да удамыр. Кини сымнаҕас, имитэргэ да үчүгэй буолан, ньиэрбэни уоскутар.
Эмилия Интэриниэттэн көрөн, слаймы сэргээбит. Оҥорорго хайдах үөрэммитин кэпсиир:
- – Слайм – бу бары билэр “лизуҥҥут”. Инстаграмҥа оҕолор бэйэлэрэ оҥорбут слаймнарынан оонньууллар. Кинилэр араас буолаллар: биир өҥнөөх, кытаанах, сымнаҕас, өҥө суох, саарыктардаах, күлүмүрдэс, о.д.а.
Былырыын Москубаҕа сылдьан, слайм атыылаһан, астына оонньообутум. Онтон Интэриниэттэн хайдах оҥоһулларын көрөн, бэйэм оҥорор буолбутум. Бастакы слаймым “Луч” ПВА килиэйтэн этэ. Кытаанах, тыаһа кыра, нэһиилэ тардыллар этэ. Ол кэннэ араас килиэйи боруобалаабытым, састаабын уларытан испитим, баҕарбытым курдук табыллар буолбута. Мин “попкорн”, пенопласт саарыктарын, бульонкалары эбэбин. - Оттон Саша, Эмилияҕа кыттыһан, бииргэ оҥорсор буолбут:
– Өссө да атын лизуннар бааллар. Кинилэр бу биллэр слаймнар курдук буолбатахтар. Сорох оҕо, дьиэтигэр олорон, араас лизуну айан таһаарар. Бастаан көрдөххө, оҥорорго уустук курдук эрээри, оннук буолбатах.
Мин Эмилиялыын бырааппыт төрөөбүт күнүгэр билсибитим, онтон ыла слаймнары бииргэ оҥорор буолбуппут. - Эмилия:
– Төрөппүттэрим сороҕор олус элбэх ароматизаторынан тутуннахпына сэмэлииллэр, сытын сөбүлээбэттэр.
Оскуолаҕа уруок быыһыгар оонньуубут, учууталлар туох да диэбэттэр. Инстаграмҥа биһиги страницабытын көрөн, ымсыыран, атыылаһааччылар бааллар. Сороҕор сакаастаан оҥортороллор.Кыргыттар сүбэлэрэ:
Слайм куһаҕаннык тардыллар буоллаҕына, тиис суунар паастаны кыратык эбэн биэриэххэ сөп. Эбэтэр бытык хорунар күүгэни.
Сыста сылдьар буоллаҕына, аҕыйах хааппыла “Тетраборат натрия” эбэҕит. Сорохтор суоданы куталлар.
Аска өҥ биэрэр кырааска оннугар зеленканы, гуашь, акварель, акриловай да кыраасканы кутуохха сөп.
Ырысыап:
ПВА килиэйи иһиккэ кутуҥ. Кыраасканы эбиҥ. Биир өҥнөөх буолуор диэри булкуйуҥ. Кыра-кыралаан “Тетраборат натрия” эбиҥ. Онтон илиигитинэн мэһийиҥ.
Слайм араастара:
- “Антистресс”. Бу манан улахан дьон оонньуулларын сөбүлүүллэр. Наһаа имиттэххэ, тэстэн хаалыан сөп үһү. Ол да буоллар, сууйуллара чэпчэки. Маннык “антистресс” икки көрүҥнээх: сымнаҕас уонна кытаанах.
- “Лизунчик”. Илиигэ сыстыбат, халыйар, истиэнэҕэ сыстар. Туох баар кири, сыыһы барытын хомуйар. Биир нэдиэлэ кэриҥэ сылдьар.
3. “Илии жвачката”. Бу мантан арааһы оҥоруохха, уһатыахха, эргитиэххэ, быһыта тыытыахха сөп. Кытаанах соҕус эрээри, чэпчэкитик имитиллэр уонна тардыллар. Илиигэ ончу сыстыбат, быһыытын үчүгэйдик тутар.
4. “Попрыгунчик”. Эрэһиинэ попрыгунчигы кытта бутуйумаҥ. Бу хойуу быһыылаах слайм. Муостаҕа бырахтахха, тэйэрин иһин “попрыгунчик” дэнэр.
5. “Флаффи слайм”. Бу слаймы дьиэҕитигэр бытык хорунар күүгэнинэн оҥоруохха сөп. Тутарга олус үчүгэй, чэпчэкитик тэнийэр, тардыллар уонна имитиллэр.
6. “Быластылыын”. Имигэс буолан, хайдах баҕарар имитиэххэ сөп. Былыргы быластылыынтан уратыта аҕыйах.
7. “Хендгам” (илии жвачката) – “өйдөөх” слайм дииллэр. Маҕаһыыннарга “NanoGum” диэн ааттаах атыыланар. Остуолга уурдахха – ньалҕарыйар, оттон бырахтахха – кытаатар.
Айаана Третьякова.