Саха гимназиятын кытта алтыспытым ыраатта. Уонна биири бэлиэтээтим: үөрэх бу кыһата саҕалаабыт бырайыагын, көтүмэхтэммэккэ, утумнаахтык уонна ситимнээхтик ыытар эбит. Сорох оскуолалар, тугу эрэ биирдэ тэрийээт, ону уруйдаан-айхаллаан баран, сонно тута уостан хаалаллар. Оттон бу гимназия үтүө өрүтэ, уратыта – ылсыбыттарын тиһэҕэр тиэрдэллэригэр, систиэмэлээхтик, былааннаахтык үлэлииллэригэр. Холобура, ааҕааччыларбыт бары билэллэрэ буолуо, “Кэскил” хаһыаты кинилэр сылын ахсын оскуоланан суруйтаралларын.
Ол сиэринэн, Саха гимназиятын дириэктэрэ Валентина Васильевна Софронеева 2014 сыллаахха ньиэмэстэри кытта кыттыһан олохтообут “МостТы” диэн бырайыактарын эмиэ хаһыс да сылын үлэлэтэ сылдьаллар. “Ээ, били, Матиас Бургхардт дуо?” – диэн өйдүү түһүөххүт сорохтор. Оннук. Саха сирэ билэр буолан эрэр кинини, Германия Гамбург куоратын федеральнай сирин үөрэхтээһиҥҥэ ведомствотын начаалынньыгын. Дьиҥэр, улахан дуоһунастаах киһи. Уонна Саха гимназия бырайыагар суолта ууран, өйөөн, уон биирис төгүлүн Саха сиригэр кэлэн барда.
—-Бу сырыыга үөрэнээччилэри эрэ аҕалбатым. Уон алта буолан кэллибит: 5 оҕо уонна 11 улахан киһи. Итинтэн алтата доруобуйаларынан хааччахтаах дьон. Кинилэри кытта иллэҥ кэммэр гандбол оонньооччубун. Мантан тиийбит делегацияны кытта күрэхтэһэн турардаахтар. Онно Саха сиригэр ыҥырбыттара. “Кырдьык даҕаны, тоҕо барыа суохтаахтарый? Инбэлиит буолла да, наар хааччахха сылдьыахтаахтар үһү дуо?” – дии санаабытым уонна бу, сири-дойдуну көрдөрө, аралдьыта, сэргэхситэ таарыйа, доҕотторбун илдьэ кэллим. Айаммыт ороскуотун бэйэбит уйанабыт. Дьокуускайга ОВЗ-лаах оҕолор коррекционнай кииннэригэр түстүбүт. Иитиллээччилэрин уонна Саха гимназиятын учууталларын кытта гандболга куоталастыбыт. Ону сэргэ саха омук үгэһин, аһын, култууратын билиһиннэрэр тэрээһиннэргэ, холобура, Атласовтар уһаайбаларыгар, Өлүөнэ очуостарыгар сырыттыбыт. Мин Саха сирин олус сөбүлүүбүн, үөрүүнэн кэлэ турабын, — диир Матиас Бургхардт.
—Дьокуускайга быйыл “Год добрососедства” биллэриллибитэ дии. Ол бырагыраама чэрчитинэн, итиэннэ бу бырайыагы ыалдьытымсах буолуу үтүө холобурун быһыытынан сыаналаан, мэрия дьоммутун таһарга автобус биэрэн абыраата. Ньиэмэстэрбит барыта 10 күн сырыттылар. “Итиччэ кылгас кэмҥэ тугу үөрэтэн-билэн баралларый?” — диэн ыйытаҕын. Нуучча тылын үөрэтэр оҕолор Россия куоратын, олохпут укулаатын, тылы илдьэ сылдьар дьон саҥатын илэ истэн-көрөн, элбэҕи эбинэллэр. Оҕолору ыалларынан түһэртээбиппит. Үөрэнээччилэрбитигэр. Дьиэлэригэр нууччалыы-ньиэмэстии кэпсэтэн, тылларын сайыннардыннар диэн. Онтон күһүн биһиги оҕолорбут кинилэргэ барыахтара. Итинник атастаһыы туһата улахан.
Биһиги Саха гимназиябыт дириэктэрэ В.В. Софронеева оҕо эрдэҕиттэн 40 сыл устата Петра Шмидт диэн ньиэмэс кыыһын кытта суруйсар. Ол кини кэлистэ бу делегацияны кытта. Аан бастакытын дьүөгэтигэр ыалдьыттыы.
Бу быйылгы бырайыак ис хоһооно өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэриллибит “Год консолидации” сылыгар оруобуна сөп түбэһэр. Ол курдук, норуоттар сомоҕолоһууларын, киһи барыта тэҥин, доҕордуу уонна аһыныгас буолууну, арахсыбакка, атааннаспакка, сир үрдүгэр бары эйэлээхтик олорорго дуьулуһууну бигэргэтэр соруктаах, — диэн кэпсээтэ бу “МостТы” бырайыак куратора Мария Ивановна Соргоева.
“Фестиваль зарубежной песни” диэн быраһаайдаһар биэчэрдэригэр сылдьыбытым. Саха гимназиятын оҕолоро омуктуу ырыалары толордулар, дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Онно ньиэмэстэрбит “Чингизхан” бөлөх аатырбыт “Moskau” ырыатын кыһамньылаах куратордарыгар Мария Ивановна Соргоеваҕа анаатылар, тылын уларытан, махтанан ыллаатылар.
Куонкурус кыайыылааҕынан XI кылаас үөрэнээччитэ Ньургуйаана Васильева буолла.
Саалаҕа ыалдьааччылар ортолоругар олорор кыыһы кытта кэпсэттим.
— Айта Оконешникова диэммин. Миэхэ VIII кылааска үөрэнэр Вивиен Мюллер диэн кыыс хоноһолоото. Саха сиригэр иккис сырыыта. Нуучча тылын кыраһыабай тыл диэн үөрэтэр. Күһүн киниэхэ мин олоро барыам. Ый курдук. Бу иннинэ Гамбурга иккитэ сылдьыбытым. Маннык атастаһан үөрэнии олус көдьүүстээх. Оскуолабын ЕГЭ эрэ сибидиэтэлистибэлээх буолбакка, DSD дипломнаах бүтэрэн, Германияҕа инженер идэтигэр үөрэнэ барар баҕа санаалаахпын. Саха гимназията билиҥҥи үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр сайдыылаах, киэҥ ыырдаах, хас да тылы билэр ыччаты иитиигэ болҕомтотун уурара хайҕаллаах.
А.Иевлева.