Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын “Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэннэрэ бу сайын Сахабыт сирин оройуоннарыгар, нэһилиэктэригэр алдьархайдаах ойуур баһаардара турбуттарын туһунан суруйаллар.
Бу сайын ийэ айылҕабыт сайыны уруйдаан, солко күөх мутукчанан симэнэн турдаҕына, атар куйаас сатыылаан, ойуу-бичик дойдубутугар сүүнэ үлүгэр уот күөнтээн, тоҥ куйаартан Сахабыт сирэ кыһыл баас буолан көһүннэ, буруотунан тумнарда. Тыынар тыыннаах, көтөр-сүүрэр алаһата, хорҕойор хорооно, уйата уокка былдьанна, сырдык тыына быһынна, эрэйи көрүстэ. Үгүс нэһилиэктэр, ол иһигэр Ытык-Күөл уот оҕуругар ыктаран, ыксаллаах балаһыанньа тирии сырытта. Улууспут аҕа баһылыга Михаил Михайлович Соров сатабыллаах салайыытынан олохтоох дьоммут түмсэн, баһаары утары тустаах үлэ баран, буруо быыһыттан күммүт тыкта. Мин аҕам Прокопий Николаевич баһаары утары түүн уот иһийиитин баттаһа, эрбиинэн балаһа силэйиитигэр сылдьыбыта.
Хомойуох иһин, Горнай улууһун Бэс-Күөл бөһүөлэгэр уот саба ааҥнаан, үгүс ыал олорор дьиэтэ күлгэ кубулуйда. Билигин бу тахсыбыт алдьархайга өрөспүүбүлүкэбит салалтата, дьоно-сэргэтэ дэриэбинэни сөргүтүүгэ, чөлүгэр түһэриигэ күүһүн барытытын ууран туран, күргүөмнээх тутуу бара турар.
Киһи дьалаҕай, көтүмэх сыһыаныттан айылҕабыт эмсэҕэлиирин өйдөөн туран, кэнэҕэски тускубутун саныах тустаахпыт.
Лия МАРКОВА, 8-б кылаас.
Сахабыт сирин бары улуустарыгар баһаар туран, айманыы бөҕө буолла. Олус элбэх сирбит умайда. Тыа баһаара ыам ыйыттан саҕаламмыта. 2021 сыл устатыгар Аан дойду үрдүнэн Саха сирин баһаара саамай бөдөҥүнэн ааҕыллар. Баһаарбыт буруота Уралга, Хакасияҕа, Забайкальскай кыраайга, Иркутскайга, Сахалиҥҥа, хотугулуу-илин Казахстаҥҥа уонна да атын Россия сирдэригэр тиийбитэ. Аны биһиги олорор сирбитигэр, Ытык Күөлгэ, баһаар уота чугаһаан, куттал үөскээн ылбыта, элбэх киһи көмөҕө тахсыбыта. Туох даҕаны көстүбэт буолуор диэри буруо кэлэн, салгын киртийэн дьону аймаабыта. Баһаар уота дэриэбинэҕэ чугаһаан эбэлээх эһэбин эвакуация буолан, көһөрө сыспыттара, вертолет улахан тыаһа айдааны таһаарбыта. Элбэх билэр дьонум убайдара, аҕалара баһаары умулларыыга сылдьыбыттара.
Баһаар буолан, элбэх кыыл өллө. Горнай улууһун Бэс-Күөл диэн дэриэбинэтэ уокка былдьанна, элбэх иэннээх сир умайда. Чурапчы улууһугар баһаары утары охсуһа сылдьан, биир киһи өллө.
Онон быйыл сайын Сахабыт сиригэр олус уустук кэм буолан ааста.
Саргылана НЕМОРИЦЫНА, 8-в кылаас.
Бу сайын наһаа элбэх баһаар буолла. Ордук Саха сиригэр улахан баһаар буолла. Биричиинэтэ диэн өтөрүнэн буолбатах сылаас сайынтан дииллэр. Ол эрээри дьон буруйа эмиэ баар. Кураанах оту өртөөһүн, бөҕү-сыыһы уматыы, табаҕы умулларбакка быраҕыы уонна да атын биричиинэлэртэн баһаар буолаллар дии саныыбын. Кырдьаҕастар этэллэринэн, ити тыа, айылҕа ыраастанар дииллэр. Оннук да буолуон син.
Биһиэхэ Тааттаҕа эмиэ наһаа элбэх тыа умайда. Ол тыа умайара дьиэбититтэн кытаран көстөрө. Буруо сайыны быһа хойуутук турбута. Ол киһи доруобуйатыгар наһаа охсуулаах, буортулаах. Күөх халлаан, күн, ардах күндү да буолар эбит диэн билбиппит.
Саха сирин олохтоохторо, атын да дойдуттан харчынан, аһынан-таҥаһынан көмө оҥорбуттара. Убайдарым эмиэ баһаар умулларыытыгар баран көмөлөспүттэрэ.
Аны инник алдьархайдаах, алдьатыылаах баһаардар буолбатыннар.
Денис ВАСИЛЬЕВ, 8-в кылаас.