Тааттатааҕы «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердардарын үлэлэлэрин биир саамай сүрүн хайысхата дьоҥҥо көмөнү оҥоруу буолар. Оҕолор үлэттэн толлубакка, ким бириэмэлээҕинэн, сайаапка түстэр эрэ, хомуллан, тэринэн ыҥырбыт киһиэхэ көмөҕө ойоллор. Үлэлии тиийбит сирдэригэр ыйан биэрбит үлэлэрин түмүгүн көрдөхтөрүнэ, олус үөрэллэр, астыналлар, дуоһуйууну ылаллар.
Ол курдук, бу дьыл муус устар 19 күнүгэр, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнигэр, өр сылларга Таатта улууһун олохтоохторугар доруобуйалара тупсарыгар кыһамньытын ууран туран үлэлээбит Данилова Мария Дмитриевнаҕа тэлгэһэтиттэн хаары таһаарыыга Сима Попов, Саша Торговкин, Саша Аввакумов, Андриан Боппосов, Семен Васильев, Уля Маркова көмөлөһөн кэллилэр. Лидердар бу саастаах киһиэхэ көмө оҥорон махтал тылларын истэн санаалара көтөҕүлүннэ.
Бу курдук ким көмөҕө наадыйдар, кыаллар буоллаҕына, бары бииргэ түмсэн оҥорон иһиэххэ наада. Итинник үлэлииргэ хайа баҕарар өттүттэн киһи туһаны ылар. Ол курдук, оҕо түмсүүлээх, толкуйдаах, үлэ тэриллэринэн сатаан тутта үөрэнэр, бэйэ икки ардыгар харыстабыллаах сыһыан үөскүүрүгэр төһүү күүс буолар, элбэх буоллахха, ханнык баҕарар үлэ кыайтарар диэн санаа киирэр. Онтон көмө ылбыт киһи кыайбат үлэтэ үмүрүйэн дуоһуйуу, үөрүү кууһан инникитигэр эрэли үөскэтэр.
Онон бэйэ-бэйэҕэ хаһан баҕарар үтүөнү эрэ баҕара сырыттахха, көмөлөстөххө олохпут кэрэни эрэ түстүө, сырдыгы эрэ сыдьаайыа!
«Сатабыл» медиастудията, Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.