Мин от ыйыгар «Ситис» лааҕырга 2 сезоҥҥа сылдьан кэллим. От ыйын 8 күнүгэр үс массыынанан Ыччат дьиэтиттэн хоҥнубуппут. «Ситис» лааҕыр Бүлүүчээн диэн нэһилиэктэн чугас турар. Манна 25 оҕо Сунтаар улууһун араас оскуолаларыттан хабыллан сылдьыбыппыт. Лааҕыр, төһө да Сунтаартан тэйиччи турдар, олус кэрэ көстүүлээх айылҕалаах сиргэ турар.
Бу аҕыйах хонук иһигэр элбэх оҕону кытта билистим, элбэх табаарыстанным.
Манна ыытыллыбыт дьарыктар, тэрээһиннэр уопсай сатабыллары сайыннараллар. Онон лааҕырга 21 хонук устата сылдьан, олох оскуолатыгар бастакы хардыыларым буолла диэн эрэллээхтик этиэхпин сөп.
Билбэт усулуобуйаҕар, туора саҥа педагогтарга, түүннэри-күнүстэри билбэт кэлэктиипкэр киирэн, бэйэ-бэйэни кытта алтыһан, дьэ ол буолар — мин саамай улахан СИТИҺИИМ: тулуурга, өйдөһөргө, биир сомоҕо, бэринилээх буоларга, бырастыы гынарга үөрэнии уонна өйүүр, өйдүүр, ахтар-суохтуур күндү дьоммун, дьиэ кэргэммин өссө бүк төгүл сыаналыырга үөрэниим. Бу лааҕырга бииргэ сылдьыспыт доҕотторум бука барыбыт кыайыыта.
Улахан махталбын тиэрдиэм этэ лааҕыр үлэһиттэригэр, наһаа астынан, үөрэн туран хас биирдии оҕоҕо үтүө сыһыаҥҥыт иһин.
Маҥнай бириэмэ наһаа бытааннык ааһар этэ, онтон бүтэһигэр күн тиийбэт курдук буолан хаалар эбит. Бу курдук оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрин, үрүҥ түүннэрин өйүү-саныы сылдьыахпыт.
Барыгытыгар ситиһиини, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, кытаанах доруобуйаны баҕарабын, үлэҕит түбүгэ үтүө түмүктэрдээх буоллун.
«Ситис» лааҕыр өссө да үүнэ-сайда турдун!
Махталы кытта Саян КОКАРЕВ,
А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 7-б кылааһын үөрэнээччитэ.