Кылгас ол эрэн олус интириэһинэй нэдиэлэ ааста. Бастакы күҥҥэ буоларын курдук Россия уонна Саха Сирин гимнын толоруутуттан саҕаланна. Дьоһуннааҕы кэпсэтии бары кылааска Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах буолла.
Олунньу 21 күнүгэр улуустааҕы Аман Өс күрэҕэр биһиги уолаттарбыт ситиһиилээхтик кытыыннылар. Ол курдук Ан Валера 7 кылаас, Ан Владик 6 кылаас уонна Миронов Айдын 6 кылаас буолан саха тылын уонна литературатын учуутала Васильева Мария Васильевна салайааччылаах кытыннылар.
Сыл ахсын буоларын курдук быйыл эмиэ оскуолабытытагр Ырыа уонна строевой хаамыы күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Оскуола үрдүнэн барыта 8 кылаас, уонна 32 оҕо кыттыыны ыллылар.
Начальный кылаастарга бастакы миэстэни IV кылаас үөрэнээччилэр, 2с миэстэни II-с кылаастар, 3-с миэстэни III кылаастар ыллылар.
С.Е.Дадаскинов аатынан
Кырыкый оскуолата