Олунньу 2 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар 8-ыс төгүлүн ыытыллар үөрэнээччилэр улуустааҕы «Винокуров ааҕыылара» чинчийэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан ааста.
Мин бииргэ үөрэнэр доҕорбунуун Дима Винокуровтыын «Техника. Технология. Дизайн» диэн хайысхаҕа кытынныбыт. Үлэбит аата «Илиинэн оҥоһуллубут остуол оонньууларын нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы». Салайааччыбыт саха тылын уонна литературатын учуутала Ньургуйаана Семеновна Кривошапкина. Бу темаҕа үлэлээммит саха остуол оонньууларын арааһын биллибит, бу оонньуулары бэйэбит оҥордубут, оонньуу быраабылаларын билистибит, үөрэттибит.
Мин ийэбин кытары кылтан мээчиктэри оҥордубут, сукунаттан этэрбэстэри тиктибит. Оттон Дима аҕатыныын талах мастан ынахтары, күүгүнэйи, дугданы оҥорбуттара.
Бу өбүгэбит толкуйдаан айбыт оонньуулара оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар оонньуулар эбит. Оонньуу нөҥүө оҕо билэ-көрө сатыыр баҕата күүһүрэр, өйө-санаата уһуктар.
Бу үлэбитинэн биһиги бастакы миэстэни ылан олус үөрдүбүт. Саха төрүт оонньуулара сайда турдуннар!
Жанна Созонова, 9 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөк-Күөл б.