Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын көрсө Дьокуускай куорат «Созвездие» бибилэтиэкэтэ «Сирдьит сулус» ааҕааччы кэнпириэнсийэтин кэтэхтэн ыытта. Кыайыылаахтар ааттарын бу сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп. Онтон keskil14.ru куйаар ситимэ бу күрэххэ информационнай тиэрдээччи быһыытынан сылдьар уонна бастыҥ үлэлэри таһаарар.
3 степеннээх дипломант — Сандал Николаев, Дьокуускай куорат 38 №-дээх орто оскуолатын 9-Б кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччыта — Надежда Аркадьевна Матвеева.
Чулуу киһи оҕо сааһа
(эссе)
Чулуу дьон туһунан ааҕарбын сөбүлүүбүн. Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев оҕо сааһын туһунан булан аахтым. Урут ааҕарбар үксүн наар “үс” сыанаҕа үөрэммит, ол эрээри олоххо улахан ситиһиилэммит дьон туһунан тиэкистэргэ түбэһээччибин. Онтон билигин ЖЗЛ серияҕа Олег Сидоров “Михаил Николаев” диэн кинигэтин булан аахтым уонна олус астынным. Кини оҕо сааһа хайаан да итинник буолуохтаах этэ диэх курдук ылынным.
Михаил Ефимович кыра сылдьан холобур ылар киһитэ ийэтэ эбит. Былыргы сахалар алааһынан олороллоро. Таҥас-сап чарааһа. Оттон кинилэр олохторо суол ортотугар турар буолан элбэх киһи иттэн ааһара. Ийэтэ өрүү дьону аһынар эбит, ол кини өйүгэр иҥэн хаалан, дьоҥҥо көмөлөһүөхтээҕин туһунан өрүү саныыр эбит. Тоҥмут, үлүйбүт, аччык оҕолор таарыйдахтарына, бүтэһик аһын туран биэрэрэ. Кэлин мин ийэм хааһыта минньигэһин ахтар дьон элбэх этэ диэн Михаил Николаевич кэпсиир эбит. Мишалаах бэйэлэрэ да кырыымчык олохтоох ыал, хантан улахан минньигэс хааһыланыахтарай, аччыктара бэрт буолан ууга буспут убаҕас хааһыны ол курдук минньигэстик саныыллар эбит. Оччолорго Миша улааттахпына, улахан тойон буоллахпына, Дьокуускайтан тотоойу ас, халыҥ таҥас аҕалан дьоҥҥо түҥэтиэм диэн баҕа санаалаах үһү. Оччолортон дьон туһунан саныыр эбит дии санаатым.
Миша 12 сааһыгар ийэтэ Егор Кононович Максимов диэн Хатас киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Бу киһи оҕолорго олус элэккэй киһи эбит. Онон кинини батыһа сылдьан уһанарга, от-мас үлэтигэр үөрэммиттэр. Миша ийэтэ сельпоҕа дьиэ сууйар, оттон аҕата сылгыһыт киһи эбиттэр. Миша ийэтигэр көмөлөһөн элбэхтик сельпо дьиэтин сууйбуттаах уонна аҕатыгар көмөлөһөн сылгы аһатыһар дьарыктаах эбит. Миша өрүү олус ыраас, таҥаһын-сабын олус көрүнэр бэрээдэктээх оҕо эбитэ үһү. Кини ийэтин туһунан биир дойдулаахтар олус ыраас дьахтар этэ диэн ахталлар эбит. Миша Ким уонна Клим диэн убайдардаах уонна Октябрина диэн эдьиийдээх эбит. Уонна Егор Максимов диэн бырааттаах эбит. Бу ыал оҕолоро бары бэйэ-бэйэлэрин олус өйөһөллөр эбит.
Ыаллыы олорор учууталлара оскуола дириэктэрэ эбит. Кини Мишалаах элбэхтик ийэлэригэр көмөлөһөллөрүн көрөр буолан өрүү хайгыыр, биирдэ эмит уруоктарын толорботохторуна сэмэлээбэт эбит. Бу учуутал билии биэрэрин таһынан оҕолорго улахан холобур буолар, инникилэрин ыйан кэрдэн биэрэр киһи эбит. Кинини оҕолор бары олус ытыктыыллара.
Миша сэттис кылааһы бүтэрэн баран Эдьигээн сиригэр убайыгар Климҥэ барбыт. Онно интэринээккэ олорон үөрэнэр. Сааскы каникул кэмигэр 90-120 км ыраах Кыстатыам, Баханы дэриэбинэлэргэ хайыһарынан бара сылдьыбыттара умнуллубат өйдөбүл буолан билигин да астына саныыр. Сайыныгар хоту дойду сиригэр моркуоп, бурдук арааһын үүннэрэн олотоох дьоҥҥо көдөрбүттэр. Олохтоохтор бурдук хайдах үүнэрин онно көрбүттэр. Оттон Миша Өктөм оҕото буолан билэр эбит уонна учууталларыгар саамай билэр киһи быһыытынан сатабыллаах көмөлөһөөччү буолбут. Итини барытын ааптар Егор Сиидэрэп учуутал ахтыытынан суруйбут. Бу Эдьигээҥҥэ олорор кэмигэр балыктыыры таптаабыт уонна ыарахан атлетиканан дьарыктаммыт.
Оттон Михаил Ефимович үөрэҕэр хайдах эбитий диэн интэриэһиргээтим. Учууталларын ахтыылара баар. Бары “Миша олус кыһамньылаах үөрэнээччи этэ дииллэр эбит. Биирдэ да уруогун аахпакка, нойосууһун үөрэппэккэ кэлбэтэх эбит. География учуутала олус элбэх ыйытыы биэрэр уол диэн сөбүлээбэт быһыылаах өссө. Учууталлар бары бу уолтан хайаан да улахан быһаарыылаах тойон тахсыаҕа дииллэр эбит.
Дьэ ити курдук араас элбэх интэриэстээх, дьарыктаах, талаһыылаах эбит Михаил Ефимович. Ити хаачыстыбалара кинини эппиэтинэстээх, дьулуурдаах гына оҥорбуттар. Оттон дьоҥҥо көмөлөһөр баҕата кинини норуот көмүскэһээччитэ, тапталлаах сирдьитэ, киэн туттар тумус киһитэ оҥорбуттар. Саха дьонугар Михаил Ефимович Никоаев курдук киэҥ санаалаах, дириҥ билиилээх, сирдьит дьоннор үөскүү турдуннар, саха кэскилин туһугар.
keskil14.ru