Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү 2-с №-дээх агро хайысхалаах орто оскуолата «Бастакылар хамсааһыннарын» кытта «СахаЛето» диэн фестивальга кыттыыны ылла. Үөрэнээччилэр кыһын устата үүнээйини хайдах олордор туһунан билиини ылан, сайын аайы хортуоска, араас оҕуруот аһын олордон атыылыыллар. Бу туһунан XI кылаас үөрэнээччитэ Күннэй Алексеева кэпсиир:
Биһиги оскуолабытыгар хас биирдии кылаас сэриэбэй бырахсан ханнык үүнээйини көрөрүн-харайарын талар. Холобур, биһиги быйыл кукуруза олордубуппут, ону дьаарбаҥкаҕа илдьэ кэллибит. Бу лааҕырга оҕолор үлэлииллэрин сөбүлүүр буолаллар диэн көрөбүн. Манна сылдьан хамнас ылабыт. Уопсайа, 30 үлэһит оҕо баар. Мин бэйэм оскуолабыт лааҕырыгар VIII-с кылаастан наһаа сөбүлээн сылдьабын, элбэх үүнэйилэри олордон дуоһуйабын. Дьонум эмиэ маннык дьарыктанарбын сөбүлүүллэр. Манна сылдьан төрөөбүт дойдубар тапталым күүһүрдэ дии саныыбын. Маны тэҥэ дьиэбэр эмиэ үүннэрэбин. Салгыы дьэдьэн уонна мята олордон көрүөхпүн баҕарабын. Оҕуруот аһын уонна үүнээйини олордуу, көрүү миэхэ бэйэтэ уоскулаҥы биэрэр дьарык буолар.
Күннэй Алексеева үүнэйинэн дьарык таһынан өссө дизайнер буолуохпун баҕарабын диэн синтетическай кыраасканы, химикаттары туттубакка айылҕа кырааскатынан эко-суумкалары киэргэтэн оҥорор. Кини «экопечать», «экобактика», «экопропаривание» диэн тиэхиньикэлэринэн үүнэйилэртэн, сибэккилэртэн кырааска оҥорон уруһуйдуур.
Автор: Снежана Воронова