Оптуобус аана аһыллаатын кытта, таһырдьа ыһыы-хаһыы, оҕо ытыыра иһилиннэ. Туох буолла диэн өрө көрө түстүбүт. Онтон биир аҕам саастаах киһи, уол оҕону бэрэбинэ курдук көтөҕөн киллэрэн, олордон кэбистэ. Ол кэннэ иккис уолу бэрт сыралаһан, соһон кэриэтэ таһаарда. Биирэ утарылаһан, илиитинэн илгиэлэнэр, төттөрү түһэ сатыыр. Ойбоҥҥо уулуу киириэн баҕарбат өһөс борооску курдук, балайда өр хачымахтаста. “Барбаппын! Ханна да барбаппын! Күнү быһа оонньуоххут диэбитиҥ, эһээ!” – диэн, айаҕын муҥунан оптуобуһу биир гына орулаата. Арааһа, сиргэ сыппыт быһыылаах, таҥаһа-саба буор буолбут. Эһэтэ тэбии сатыырын чугаһаппат, өссө тэбиэлэнэр.
Ити курдук кыҥкыйдаабытынан киирэн, икки тэбис-тэҥ таҥастаах уол инники эрээккэ сэргэстэһэ олордо, оттон эһэлэрэ утары турда. Арай өйдөөн көрбүппүт, игирэлэр эбит. Сирэйдиин-харахтыын, таҥастыын-саптыын үүт-үкчүлэр. Сэттэлээх-аҕыстаах бэдиктэр. Дьүһүн-бодо бүтээхтээбит, буорайбыт дьоно. Харахтара дьолточчу иһиэр, сыыҥтара субуруйуор диэри ытаабыттар.
– Мин алдьаппатым, эн буруйдааххын, – биирэ ытаан сыҥсыйар.
– Суох, эн, – иккиһэ иннин биэрбэт.
– Чэ, кэбис, хаһыытаамаҥ, күөмэйгит бүтүө, – эһэлэрэ тохтото, буойа сатыыр да, өссө өрө бараллар. Кырдьаҕас киһи кинилэрдээҕэр ордук кыбыһынна, кулук-халык буолла. Иккис суумкатын тута сатаан баран, биир сиэнин тобугар уураары гыммытын, анарааҥҥыта атаҕынан тэптэ. Оҕонньор сыыһа-халты хабан ылла. Онуоха бакыат иһиттэн оҕуруот аһын арааһа уҥа-хаҥас төкүнүйдэ. Эһээ эрэйдээх, саҥата-иҥэтэ суох хомуйан, төттөрү укта. Ол тухары уолаттар сүгүн олоруохтара дуо, бэйэ-бэйэлэрин тэбиэлэһэллэр, үтүөлэһэллэр. Эһэлэрэ сиргэ тимириэн сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөн ырааҕа бэрт.
Оптуобус дьоно бары, тэлэбиисэри холбообут курдук, кулгаах-харах иччитэ буола түстүлэр. Туохтан аймалҕан тахсыбытын таайа сатыы олордулар.
– Ити Айдаар алдьатта. Кини буруйдаах… – биирэ санаан кэлэ-кэлэ, тэһэ баран сарылыыр.
– Сымыйаччы! – иккиһэ, атаҕастаммыт-баттаммыт курдук, ытаан сыҥсыйар.
– Чэйиҥ эрэ, бу да оҕолор, уоскуйуҥ! Түксү, сөп буолуо! Киһи сүөргүлүөн курдук быһыылана олоробут дии санаабаккыт дуо? Дьон барыта биһигини эрэ көрөр, – оҕонньор кыбыстан, сибигинэйэр кэриэтэ кыратык саҥарар.
– Суох, эһээ, күнү быһа оонньуоххут диэбитиҥ. Барыта Айдаар буруйдаах… – аны иккис сиэнэ буолан-хаалан турда, кыһыытын-абатын таһаараары, инитин дуу, биитин дуу, күүскэ тоҥолохтуур.
– Хайдах итинник дьону сырытыннарыахпыный? Кэбис, маннык оҕолор дьиэлэригэр сыталлар, ханна да тахсыбаттар, – эһэлэрэ уоскута сатыыр.
Истиэхтэрэ дуо, суох, уостарын толлоччу туттан, харахтарын өспөччү көрөн, биир кэм буугунуу олордулар. Биирэ сыыҥын туора соттор. Сонун ортоку тимэҕэ түспүт, түөһэ аһаҕас. Иккис уол бэргэһэтэ кыҥначчы барбыт, сүгүн олорбот, айаас аттыы биир кэм өрө мөхсөр.
Ол курдук, түөрт-биэс тохтобул кэннэ, утары миэстэ тахсыбытыгар, эһэлэрэ: “Айсаар, манна кэл эрэ”, – диэтэ уонна биир уолу туруоран, онно олордон кэбистэ. Игирэлэр иккиэн сирэйдэринэн уун-утары буоллулар.
– Оҕолоор, маннык бэйэ-бэйэҕитин ордук үчүгэйдик көрүөххүт. Сиэркилэ да наадата суох, – диэтэ эһэлэрэ бэрт холку куолаһынан. – Хайа, Айдаар, үчүгэй эбиккин дуо? Бырааккын көр эрэ. Эһигини олох устун тутуспутунан айаннаатыннар, үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэһинниннэр диэн, Айыыларгыт икки гынан ыыппыттар. Бэйэ-бэйэлэрин сыыһаларын көрө-истэ сырыттыннар диэн. Ону баара… – оҕонньор ситэ тугу да саҥарбата.
Онуоха уолаттар ылы-чып баран хааллылар. “Ама, бу мин үһү дуо?” диэбит курдук тутуннулар. Туораттан көрдөххө, кырдьык да, сиэркилэ да наадата суох, биир оҕо олорорун курдук. Улам уоскуйан, биирэ сыыҥын туора сотунна, иккиһэ эмиэ үтүктэн, таҥаһын-сабын көннөрүммүтэ буолла. Тугу да саҥарбаттар, билигин аҕай буугунуу олорбуттара ханна да суох.
Оптуобус тохтоото, аана “пуус” гына аһылынна. Ким эрэ таҕыста, сорох киирдэ. Айаммыт салгыы салҕанна…
Айыына
КСЕНОФОНТОВА.