70-с сыллартан улахан экраҥҥа Индия киинэлэрэ көстөр буолбуттара. Остуоруйа курдук омуннаах да буоллар, улаханыттан кыратыгар тиийэ бары умсугуйан көрөллөрө. Тоҕо диэтэххэ, онно ыраас таптал ойууланара, ырыа, үҥкүү тэнийэрэ, сымыйаны кырдьык кыайара, куһаҕаны үтүө суох гынара.
Индия оччотооҕу киинэлэрэ барыта таптал туһунан буолара. Ол эрээри, манна куустуһуттан атын тугу да көрдөрбөт этилэрэ. Ол иһин ыччат өйө-санаата буортуйбата. Оттон оҕолор таптал диэн итинник нарын, сырдык, ыраас буолуохтааҕын курдук өйдүү, ылына улааталлара. Этэргэ дылы, урукку киинэлэр истиҥ иэйии хайдах курдук киртэн-хахтан тэйбит буолуохтааҕын бигэргэтэллэрэ.
Оттон билиҥҥи киинэлэрбит хайдахтарый? Эр киһи уонна дьахтар билистилэр да, сонно тута хоонньоһоллор. Ону дьиэ кэргэнинэн бары көрө олорор буоллахха, ол таптаһыы түгэнэ кэллэҕинэ, хайдах эрэ табыгаһа суох буолааччы. Чэ, онто да суох билиҥҥи оҕолор ол-бу арааһы Интернет ситимиттэн билэ-көрө сылдьаллар. Туох да хааччаҕа суох үйэ үүннэ. Соруйан ыччаты буортулуурга оҥоһуллар курдук барыта…
Ону тэҥэ тапталбыт эмиэ уларыйда. Урукку курдук «ыраас», «кирдээх», «дьиҥнээх», «сымыйа» диэҥҥэ араарбакка эрэ, аны билигин биир тыл ынан «виртуальнай» диэн ааттыыр буоллубут.
Виртуальнай таптал — хаһан да илэ көрбөтөх, алтыспатах, кэпсэппэтэх киһигин кытта Интернет ситимин көмөтүнэн (сайт, чат, ватсап, инстаграм, “другвокруг”, “контакт”, о.д.а.) кэпсэтэн билсиһэри ааттыыллар.
Дьиктитэ диэн, дьон үксэ виртуальнай тапталга итэҕэйэр эбит. Кырдьык, сорохтор аналларын булаллара буолуо. Оттон сорохтор баҕас таах албыҥҥа эрэ киирэн биэрэллэр, киһи үөйбэтэҕэр түбэһэллэр. Буолумуна, монитор, дисплей анараа өттүгэр туох өйдөөх-санаалаах, сыаллаах-соруктаах киһи олороро биллибэт буоллаҕа дии.
Киһи дьиибэргиэх, аттыларыгар баар табаарыстарын аахайбакка, дьэ, хаһан да харахтаабатах киһилэрин таптаан сордонуу бөҕөлөрө буолаллар. Ол төрүөтэ биллэр: сурук нөҥүө оннооҕор өлөрүөхсүт даҕаны эҥкилэ суох аанньал буолан «уруһуйданыан» сөп. Билбэт киһигэр сымыйалаан үчүгэй буолар судургу. Дэлэҕэ элэктээн этиэхтэрэ үһү дуо: «Виртуальнай доҕор — саамай идеальнай», — диэн. Арай ыаллыы олорор, эйигин урут-уруккуттан сөбүлүүр Баанньа дуу, Таанньа дуу эрэ наар куһаҕаттар, мөкү өрүттээхтэр.
Дьэ, оннук кэнэн санаанан салайтаран, элбэх эдэр киһи, чуолаан кыыс аймах, араас быһылааҥҥа, моһуокка түбэспитэ, хомолтону билбитэ үгүс.
Ол эрээри, Интернет да нөҥүө билсэн, ыал буолбуттар эмиэ бааллар. Ол ортон биир холобуру кэпсиим.
Ира уонна Вова «контагынан» булсубуттар (ааттара уларыйда). «Доҕ ордуу буолуох» сайаапканы Ира бастаан ыыппыт. Ол күнтэн ыла кинилэр суруйсан саҕалаабыттар. Кыыс Саха Сиригэр олорор, уол Казань куоракка үөрэҕин бүтэрээри сылдьар кэмэ эбит. Бэйэтэ, дьиҥэр, Мииринэйтэн төрүттээх. Хас да ый «виртуально» билсэн баран, биир үтүө күн Дьокуускайга «реально» көрсүбүттэр. Бэйэ-бэйэлэрин илэ олоххо эмиэ сөбүлээбиттэр. Билигин эдэр ыал бастакы оҕотун күүтэр.
- Интернет нөҥүө билсии, мин санаабар, туох да куһаҕана суох. Тоҕо диэтэххэ, эн манна кинини тас көрүҥүн иһин таптаабаккын, кини ис санаатын билэн сөбүлүүгүн. Бу быдан ыраас таптал, — диир аан ситимтэн аналын булбут Ира.
Ол гынан баран, мэтээл икки өрүттээҕин курдук, виртуальнай таптал да үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Аатын этиэн баҕарбат кыыс онуоха маннык кэпсээтэ:
- Мин сылдьар уоллаахпын. Ону таһынан Интернеккэ кэпсэтэр табаарыстаахпын. Сиэр-майгы өттүнэн ылан көрдөххө, мин доҕор уолбун таҥнара сылдьар курдукпун. Ону өйдүүбүн. Ол гынан баран, суруйсар уолбуттан тэйиэхпин, кэпсэтэн бүтүөхпүн баҕарбаппын. Ыарыы курдук ыллаттаран кэбиспиппин. Киниэхэ быдан арыллабын, аһаҕастык кэпсэтэбин. Уонна кини миэхэ «моральнай» өйөбүл буолар. Холобура, уолум миигин сатаан өйдөөбөт да түгэнигэр, кыыһырыстахпытына, тута ноутбукпун арыйа баттаан, ситиммэр киирэн, «көстүбэт киһибэр» үҥсэргиибин, көмө, сүбэ көрдүүбүн, Ааспыкка уолум ноутбукпун хаспыт, барытын аахпыт. Дьэ, күнүүлээн, өһүргэнэн, буолан-хаалан турбата ээ! Тылбынан быһаара сатаабытым да — туһа суох. Ол күнтэн ыла сыһыаммыт өссө мөлтөөтө… Аны арахсан туран, ол суруйсар киһибэр тиийэр кыаҕым суох. Кини миигин таптаабат. Ол туһунан тыл да көтөхпөт. Көннөрү кэпсэтэр эрэ быһыылаах. Оттон мин кинини ахтабын…
Биллэн турар, доҕордоһор киһилээх эрээри, уоран билсэр, кэпсэтэр сыыһа, иэстэбиллээх буолара чахчы. Оттон соҕотох киһи сүрэҕин аҥаарын көрдөнөрүгэр, аралдьыйарыгар — социальнай сайтар баҕас табыгастаахтар.
Билигин урукку курдук ким да почтанан суруйсубат. Аныгы технологияны туһанан, Интернет ситимигэр киирэн, аҕыйах мүнүүтэнэн билсэллэр. Ону утарар, уларытар кыахпыт суох. Олох ирдэбилэ, тэтимэ буоллаҕа эбээт. Арай СЭРЭХТЭЭХ уонна СИЭРДЭЭХ эрэ буолуохха наада… ‘
К. Лыткина.