«Таҥсык» рубрикаҕа бүгүн Семен Местников биһиэхэ сыырдаах, ветчиналаах түргэнник астанар круассан буһаран көрдөрүө.
Биһиэхэ наада:
- Бэлэм слоенай тиэстэ;
- Ветчина;
- Сыыр;
- Салат сэбирдэхтэрэ;
- Сымыыт уоһаҕа;
- Иэдьэгэйдээх сыыр.
Бастаан бэлэм тиэстэни ылан тэнитэбит уонна үс муннуктуу быһабыт. Ол кэнниттэн тиэстэбитин эрийэбит, оһоххо уурарбытыгар сымыыт уоһаҕынан сотобут. Круассан буспутун кэннэ, таһааран сойутабыт. Онтон аҥаардаан баран, иэдьэгэйдээх сыырынан (творожнай сыыр) аҕыыбыт. Ол кэннэ салаты, сыыры, ветчинаны, оҕурсууну үрүт-үрдүгэр уурабыт.
Минньигэс уонна тотоойу үөрэнээччи оскуолаҕа илдьэр өйүөтэ бэлэм буолла!