Бүгүн алтынньы 22 күнэ — биир дойдулаахпыт З.К. Степанов төрөөбүт күнэ.
Захар Константинович Степанов – сахалартан бастакы идэтийбит композитор. Россия уонна Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ, ССРС культуратын туйгуна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай уонна Россия композитордарын союһун Д.Д. Шостакович аатынан бириэмийэлэр лауреаттара, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
“Күлүмүрдүүр үрүҥ көмүс хатырыктаах эмис собо балыктаах, кус-хаас мустан төрүүр-үөскүүр үгүс кэрэ үрэхтэрдээх, күөллэрдээх, Өлүөнэ өрүс эбэлээх, сылгы-ынах сүөһү тото-хана аһыыр, мэччийэр киэҥ нэлэмэн сыһыылардаах, сибэккилээх хонуулардаах, элбэх күндү түүлээхтээх, кыыллар таптаан таалалыыр тыалардаах, сиртэн хостонор араас баайдаах, күөх гаазтаах – бу мин төрөөбүт Кэбээйим”, — диэн киэн тутта кэпсиир Захар Константинович Степанов.
Захар Константинович төрөппүттэрэ көрдөөх, эйэҕэс дьон эбиттэр. Кини төрөппүттэриттэн ырыаҕа дьоҕурдарын ылыммыт. Бииргэ төрөөбүттэрэ Степановтар бары ыллыыр дьоҕурдаах дьон. Кыра эрдэҕиттэн куруук киҥинэйэн ыллыы сылдьарын көрөн аҕата кырыымпа оҥорон бэлэхтээбит. Онтон ыла Захар Константинович кырыымпаҕа оонньуур буолбут. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан баяҥҥа уонна балалайкаҕа оонньуурга үөрэммит, оҕолору мунньан ансаамбыл тэрийбит.
Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн баран дойдутугар Кэбээйигэ кэлэн ырыа уонна музыка учууталынан үлэлиир. 100-н тахса киһилээх хору туруорар. Төрөөбүт дойдутугар айымньылаахтык үлэлии сылдьан, Захар Степанов Новосибирскайдааҕы М.И. Глинка аатынан государственнай консерваторияҕа киирбитэ уонна 1972 с. туйгуннук бүтэрбитэ.
Ити сыл Захар Константинович көҕүлээһининэн Кэбээйи сэлиэнньэтигэр оҕо музыкальнай оскуолата аһыллыбыта. 1992 сыллаахха бу оскуолаҕа Захар Константинович Степанов аата иҥэриллибитэ. Оскуола баян, фортепиано, үҥкүү, художественнай, прикладной салаалардаах.
Композитор төрөөбүт Кэбээйитин кытта ыкса сибээстээх этэ. 2014 сыллаахха “Ааттара умнуллубат” диэн ааттаах кинигэни таһаартарбыта. Бу кинигэҕэ Т.Е. Сметанин, П.С. Кобяков, И.Р. Петров, Н.Х. Дьяконов, П.Е. Соловьев, Г.Г. Кобяков, П.Е. Степанов, И.Н. Левин, И.И. Егоров-Танаринскай, П.И. Кобяков, С.К. Стручков — уон биир – биир дойдулаахтарын хоһоонноругар суруйбут ырыаларын киллэрбитэ.
Эбэм Захар Константинович үөрэнээччитэ СР культуратын туйгуна Мария Семеновна Максимова — Кэбээйитээҕи З.К. Степанов аатынан Кэрэ эйгэ оскуолатын фортепиано кылааһын учуутала, “Күбэйэ” эбээлэр ансаамбылларын салайааччыта. Мария Семеновна Тимофей Сметанин тылыгар, Захар Степанов музыкатыгар “Бу Лена” диэн ырыаны сөбүлээн толорор. Бу ырыаны ыллаатаҕына, Лена өрүс үрдүгэр төрөөбүт Таас Тумуһун саныыр. Мин эбэм сүбэтинэн фортепиано кылааһын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим.
Захар Степанов суруйбутунуу: “Маннык сиэдэрэй айылҕалаах, кэрэ мааны дойдуттан араас талааннаах эдэр ыччат үөскээн-төрөөн тахсаллар”.
Маша МАКСИМОВА, 2016 сыл,
“Нуклеус” пост эдэр кэрэспэдьиэнэ, Кэбээйи оскуолата.