Кэлиҥҥи кэмҥэ хаһыаттарга абааһы, араас сибиэннэр тустарынан суруйуу элбээтэ. Көстүбэт күүстэр адьас аттыбытыгар сарбаҥнаһа, тулабытыгар барыҥнаһа сылдьалларын курдук буолан барда. Бэл, сэбиэскэй кэмҥэ октябренок, пионер саҕаттан абааһы, таҥара суох диэн иитиини ааспыт дьон даҕаны өйдөрө-санаалара уларыйан, кыраттан да дьих-дьах тутта сылдьар буолан хааллылар. Бэчээт тылын күүһэ, дьэ, итиннэ сытар быһыылаах.
Мин бүгүн эһиэхэ уруккута чаҕылхай пионер, төлөннөөх комсомолец, кэлин булгуруйбат хомуньуус киһи бэрт дуона суохтан куттанан уйулҕата улаханнык хамсаабыт түбэлтэтин туһунан кэпсиим.
Киһибитин Баһылай диэн ааттыаҕыҥ. Кини төһө да сэттэ уонун аастар, «тэп» курдук сылдьар оҕонньор. Арай кэлин истэринэн мөлтөөн, дөйүҥү соҕус. Ол эрээри, дьээбэни-дьиибэни истибитэ эрэ баар буолар. Дэлэҕэ, эмээхсинэ Маарыйа: «Бу оҕонньор сымыйанан истибэтэҕэ буолар. Үөннээҕи син истэр ээ», – диэн хомуруйуо дуо?
Биир күн Баһылайдаахха куораттан сиэннэрэ Коля тахсан үөрүү бөҕө буолбута. Кыра эрдэҕиттэн эһэлээх эбэтигэр сайылыыр, кэлин үөрэххэ киирэн да баран, быыс буллар эрэ тахса турар буолан, кырдьаҕастар саамай куттарын туттарбыт сиэннэрэ.
Уоллара сарсыарда тураат, бөһүөлэк анараа уһугар олорор эдьиийин аахха барбыта. Маарыйа, килиэп ыла, бэкээринэҕэ тахсыбыта. Онно эмээхситтэри кытары ону-маны ыатаран, бөһүөлэк сонунун барытын ырытыһан баран, күн ортото биирдэ киирээччи.
Баһылай дьыбааҥҥа саҥа кэлбит хаһыаты ааҕа сыппыта. Түбэлтэтигэр былыр биир ыалы буулаабыт сибиэн туһунан суруйуу этэ.
Ол ыалларга маҥнай дьиэлэрин иһигэр сур кырынаас көстөр буолбут. Хатан баҕайытык чардыргыы-чардыргыы, киһиэхэ боотургуур кырынааһы дьиэлээх дьахтар үөтүрэҕинэн сырбаппытыгар эмискэ сүтэн хаалбыт.
Дьэ, онтон ыла абааһы буулаан сордообутун туһунан уустаан-ураннаан аҕай суруллубут. Ону бэркэ умсугуйан ааҕа сыттаҕына, арай, ханна эрэ кырынаас хатан баҕайытык чардыргыырга дылы гынна. Баһылай дөйүҥү бэйэтэ ону истээт, чөрбөс гына түстэ. Мэктиэтигэр тыыммакка да иһиллээн сыппахтыы түһэн баран, хаһыатын салгыы ааҕан эрдэҕинэ, бу сырыыга адьас илэ-бааччы иккитэ субуруччу чардырҕаан ылла.
Оҕонньор хорос гына олоро түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Истибитин итэҕэйбэккэ, адьас хамсаабакка, харабыл хаас курдук хонойуоҕунан хонойон баран олордо. Кэнникинэн көнчөччү көһүйэн хаалла. Кэмниэ-кэнэҕэс кулгааҕым чуҥкунаабыт эбит дии санаан, төттөрү сытаатын кытта, кырынааһа эмиэ чардырҕаата.
Баһылай онуоха тигээйигэ тиктэрбит киһи курдук өрө татакалыы түстэ да, хаһыатын туора хаһыйаат, сулбу ыстанан турда. Хос аанын таһыгар турар улахан сиэркилэ аттыгар ойон тиийбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Тыҥыаҕынан тыҥаан, тугу эрэ чуҥнуур курдук туттан туран, сиэркилэҕэ бэйэтин көрөн баран, куттаммыта өссө улаатта. Хараҕа дьиэгэнийбитэ, сыҥааҕа босхо барбыта, сирэйэ-хараҕа тырыттыбыта сүрдээх эбит. Маннык сирэйдэммитин-харахтаммытын хаһан да көрө илигэ.
Ити туран, сиэркилэ туумбатын үрдүгэр турар чаһыны көрөн, эмискэ холкутуу түстэ. «Тууй-сиэ! Бу чаһы будильнига тыаһыыр эбит дии», – диэн сиргэ силлээн баран, чаһыны сулбу тардан ылбыта, төрүт да батарыайата суох эбит. «Бай! Оччоҕо туохпут чардыргыырый?» – дии санаан, тулатын эргиччи көрүөлээтэ. Итинник тыаһы таһаарыахха айыылаах атын туох да баарын булан көрбөтө.
Ол турдаҕына, кырынааһа эмиэ чардыргыы түстэ. Онуоха оҕонньор, талах чыпчаххайынан сискэ мииннэриллибит киһилии, өрө чинэккэлии түстэ. Маарыын бакыччы соҕус туттан иһиллии турбут бэйэтэ, аны адьас чыначчы тартаран хаалла. Саҥа хантан кэлэрин истээри төбөтүн кыҥначчы соҕус туттан баран, өөр да өр турда.
Кэмниэ-кэнэҕэс кырынааһа эмиэ чардырҕаата. Оҕонньор хаҥас диэки эргичис гынаат, бакыччы туттубутунан эмиэ таалан хаалла. Оҕолор «Күнүс, күнүс, күнүс. Түүн!» диэн оонньуулларыгар кыттара буоллар, адьас кими да тулутуо суох быһыылаах. Бэл, сирэйигэр биир да тымыр ибир гымматыныы таалан турда.
Ити турдаҕына эмээхсинэ киирэн кэллэ. Оҕонньоро дьикти баҕайытык туттан баран, хараҕын эрэ хамсата-хамсата таалан турарын көрөн соһуйуу бөҕөнү соһуйда.
– Хайа, оҕонньоор! Хайдах буоллуҥ? – диэбитэ уу чуумпу дьиэҕэ наһаа улаханнык сатараан иһилиннэ. Баһылай бакыччы туттан туран, ол саҥаттан өссө ньыкыс гына түһээт, уҥа илиитинэн таҥнары сапсыйа-сапсыйа:
– Аргыый! Аргыый! Кырынаас саҥарар, – диэн хайдах эрэ хабарҕатынан сибигинэйэ былаастаан саҥарбытыгар Маарыйа эмиэ тыыммакка да ах баран хаалла.
Болдьообут курдук ити кэмҥэ кырынаастара сытыы баҕайытык чардыргыы түстэ. Маарыйа кырынаас саҥатын истэн, наһаа дьиктиргээтэ, тутан турар килиэбин аһыыр остуолга илдьэн уураат:
– Кырдьык кырынаас чардыргыыр дии. Хантан кэлэн хаалбыт кыылый? – диэн баран оҕонньорун сирэйин көрөөт, тоҕо эрэ наһаа куттанан кэллэ. Баһылайын кытары биэс уонча сыл бииргэ олордулар эрээри, киһитэ маннык уйулҕата хамсаабытын көрө илик этэ. Бэл, биирдэ оттуур сирдэриттэн төннөн иһэн, тыатааҕыны кытары утары көрсө түспүттэригэр атырдьахтаах эрэ да сырыттар, маннык куттамматаҕа. Хата, сирэйэ-хараҕа тыйыһыран, хараҕа уотунан тымтан, тыытыһар буоллаҕына сүгүнүнэн бэриммэт санаалааҕа биллэр этэ.
Оттон билигин… Баара эрэ кырынаас чардыргыырын истэн баран уйулҕата хамсаабыта, сирэйэ-хараҕа холлубута сүрдээх. Онто Маарыйаҕа эмиэ дьайан, тугун-ханныгын ситэ өйдөөбөтөр даҕаны, ханнык эрэ дьулаан күүскэ хам баттатан, тута салыбырас буолуор диэри куттанна.
Ол кэмҥэ кырынаастара эмиэ чардыргыы түстэ. Маарыйа, ыйылыыр, ыҥыранар икки ардынан саҥа таһаара-таһаара, кырыытынан соҕус устан, Баһылайын таһыгар илибирэйэн тиийдэ. Мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр эрэллээх эркин, дурда-хахха курдук саныыр киһитин окумалыттан хам тутан баран, хараҕын кырыытынан уҥа-хаҥас көрүөлүү сатыы турда.
Ол турдахтарына, таһыттан сааскы чэбдик салгынтан тэтэрэ кыыһан, сиэннэрэ Коля үөрэн-көтөн киирэн кэллэ. Эһэлээх эбэтэ туохтан эрэ уйулҕалара хамсаабытын көрөн:
– Хайа, эбээ, туох буоллугут? – диэбитигэр, Маарыйа титирэстээбит куолаһынан:
– Ханна эрэ кырынаас саҥарар дии, – диэтэ.
Коля оҕонньордоох эмээхсин кырынаастан тоҕо итиччэ айыылаах куттаммыттарын таайа сатыы турдаҕына, сервант үрдүгэр уурбут суотабай төлөпүөнүн батарыайата олорон эрэрин биллэрэн, икки төгүл чыыбырҕаан ылла.
– Ээ, ити мин төлөпүөнүм дии. Иитиитэ бүтэн эрэр диэн биллэрэр, – диэт, ойон тиийэн төлөпүөнүн арааран баран, эһэлээх эбэтин диэки эргиллибитэ, оҕонньор туох эрэ аһыыны сиэбиттии, сирэйин сөрүөччү туттан, оттон эмээхсин үөрүөн да, хомойуон да билбэтэхтии, алааран хаалан тураллар эбит.
Данил Макеев