ШСК (оскуола спортивнай кулууптарын) регионнааҕы түһүмэҕэр Чурапчы улууһун чиэһин Семён Дмитриевич Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын оҕолоро көмүскээтилэр.
11 улуустан кэлбит хамаандалары кытта үрдүк таһымнаах, тэрээһиннээх күрэх буолла. Биһиги
оскуолабытыттан 6-7 кылаастартан 13 үөрэнээччи кытынна. ШСК күрэхтэһиитигэр олунньу ый саҕаланыытыттан физкультуура учуутала Александр Петрович бэлэмнээн саҕалаабыта. Оҕолор олус үчүгэйдик баскетбол онньуур буолбуттара, бу көрүҥҥэ интэриэс үөскээбитэ.
ШСК күрэҕэр уопсайа сэттэ түһүмэх баар. Саахымакка хамаандаттан 4 оҕо (икки кыыс, икки уол) кыттыыны ылла. Уолаттар 11 хамаандаттан 9-с, кыргыттар 7-с миэстэни ситистилэр.
«Брейн-ринг» түһүмэххэ спортка сыһыаннаах боппуруостарга эппиэттээтилэр. Мэҥэ Хаҥалас хамаандатыгар үс баллынан хотторон кэбистилэр. Футболга көрдөрүү чаҕылхай буолбатах эрээри, уолаттар туох баар кыахтарын ууран туран оонньоотулар.
Спортивнай ориентирование интэриэһинэй күрэхтэһии эбит. Биэс кыыс, биэс уол кыттыыны ыллылар. Оҕолорго нүөмэр биэрэллэр, тарбаххар чип кэтэҕин. Биэрбиттэрин карталарынан куонустары көрдүүгүн, буллун даҕаны да, тарбаххар баар «чип» баттыыгын. Уолаттарбыт 9-с, кыргыттар 5-с миэстэ буоллулар. Спортивнай ориентированиены наһаа сэргээтибит.
Спортивнай туризмҥа 3 уол, 3 кыыс кыттыыны ылла. Чэпчэки атлетикаҕа эстафетаҕа 4 кыыс, 4 уол 500 м, 60 м сүүрүүгэ, уһуну ыстаныыга күрэхтэстилэр.
3х3 баскетболга Өймөкөөн, Дьокуускай, Горнай хамаандаларын кытта оонньоотулар.
Бүлүү хамаандатын кытта 3:3 очколара тэҥнэһэн, эбии биир мүнүүтэ бэриллэн, 4:3 Чурапчы кыайбыта.
Уопсай түмүккэ көрдөрүү намыһах эрээри, биһиги элбэҕи биллибит, уопут ыллыбыт, атын оҕолору көрдүбүт. Ол барыта инники өттүгэр биһиэхэ туһалыаҕа. ШСК кыайыылааҕын Дьокуускай хамаандатын кыайыытынан эҕэрдэлиибит.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, Vll кылаас,
С.Д. Флегонтова аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы