Эбээн Бытантай улууһун дэлэгээссийэтэ Таатта улууһугар ыытыллыбыт Хотугу многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр кыттыыны ылан кэллэ. Саккырыыр, Кустуур оскуолаларын үөрэнээччилэрэ хамаанда састаабыгар киирэн улуустарын чиэһин көмүскээтилэр.
Кинилэр бастаан улууска күрэхтэспиттэрэ. Ол түмүгүнэн Саккырыыртан икки, биһиги Кустуурбутуттан икки оҕо талыллан Тааттаҕа күрэхтэһэ барбыттара.
Бу күннэргэ Саккырыыр орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитин Северьяна Потапованы көрсөммүн Тааттаҕа ыытыллыбыт күрэхтэһии туһунан кэпсэттим.
– Северьяна, дьэ хайдах туох күрэхтэһэн кэлбиккин туһунан кэпсээ эрэ.
– 20-чэ хамнаада күрэхтэһэ кэлбит. Саха сирин араас улуустарыттан сүрдээх кыахтаах, бэлэмнээх оҕолор кэлбиттэр. Хотугу многоборьеҕа биэс көрүҥҥэ күрэхтэстибит. Наартаны ойуу, үстэ төхтөрүйэн хотугулуу ыстаныы, маамыкта быраҕыыта, палкалаах сүүрүү көрүҥнэрэ бааллар. Улахан күрэхтэһиигэ бастакы сүрэхтэниим буолар. Онон уопут ыллым. Саҥаны биллим. Күрэхтэһии тыынын иҥэринним.
– Күрэх кэнниттэн тус бэйэҕэр туох санаа хааллай?
– Бастатан туран, нууччалыы эттэххэ, мотивация ыллым. Сүрдээх күүстээх, кыахтаах оҕолор баалларын көрөн сөхтүм. Биһиги эмиэ туора туран хаалбакка, туох баарбытынан кытынныбыт. Төрөөбүт дойдуҥ чиэһин көмүскүүр диэн улахан эппиэтинэс буоларын биллим. Мин санаабар, ити барыта бэйэм сайдыыбар туһалаах уонна наадалаах буолуо.
– Бу бастакы күрэҕин эйиэхэ туох соругу туруорда?
– Инникитин өссө күүскэ дьарыктаныам. Бу күрэх миэхэ дьулууру биэрдэ.
Спорду күүстээх санаалаах дьон талаллар дии саныыбын. Биһиги доҕотторбут эт-сиин сылайарын тумнан, спордунан дьарыктаналларынан киэн туттабыт!
Наум НАУМОВ, IX кылаас, Кустуур, Эбээн Бытантай