Ахсынньы 21 чыыһылатыгар Аан Даан кэмигэр , хараҥа муҥутуу күүһүрэр. Итинник кэмҥэ иччигэ көмөлөһөөрү Айыы суолунан сэттэ Айыы Намыһын кэлэр. Кинилэр сэттэ кыталык кыыс буола орто дойдуга аргыый намылыһан киирэллэр. Бу киирэн иччигэ тохтууллар. Уу иччитигэр, буор иччитигэр, салгын иччитигэр, уот иччитигэр уонна таас иччитигэр.
Итиннэ сэттэ Айыы Намыһын үөһээ дойдуттан үрүҥ тыыны аҕалан, куту-сүрү бөҕөргөтөр. Ийэ кут орто дойдуга төлкөнү аҕаларыгар иччини итинник бэлэмниир.
Бу иһин ахсынньы 21 чыыһылатыгар Айыы Намыһын эдьиийгэ, Айыы Умсуур хотуҥҥа туһаайан маннык алгыыбыт.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Билиилээх олох айыыта
Билгэ Хаан тойон
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин.
Лах, лах, лах.
-2-
Дьээ !
Алам-чалам!
Айыы хаан удьуорун
Алгыстаах айахтааҕа,
Домньут тыллааҕа
Аҕыс халлаан арчыһыта,
Тоҕус халлаан домньута
Айыы Намыһын эдьиийбит
Айыы Умсуур хотун
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гына
Бэттэх буол,
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ.
Арыылаах саламаатынан
Манньытан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Айыы суолун барҕатын
Өрөгөйдөөх саргылаах,
Өлбөт-сүппэт ыйаахтаах
Үһүс халлааҥҥа олохтоох
Үлэлээх олох төрдүгэр
Дьөһөгөй айыыга,
Төрдүс халлааҥҥа олохтоох
Тэрээһиннээх олох төрдүгэр
Хотой Айыыга уруйдатан
Өркөннөөх
Өрөгөйү үрдэт,
Саас тухары сайдар
Саргы дьаалыны салай.
Ыраах да буолларгын
Сытыы сырыыгынан
Ыксалаһа сырыт,
Суох да буолларгын
Уоттаах сулус сүүрүүгүнэн
Чугаһыы тур.
Уһун тускул
Уруй-айхал.
Дом.
</p
1
Лол, чо