Сэтинньи ый номнуо саҕаланна. Хара тыа иччитэ Баай Байанай ыйа үүннэ. Хас биирдии саха эр киһитэ бултуу барарын санаата. Түүлээххэ сонордоһоору, хара тыаҕа бултуу бараары оҥосто тутта сылдьаллар. Кинилэр эрэллээх доҕотторо булчут, суолдьут ыттар эмиэ үөрүү-көтүү буоллахтара.
Мин аҕам эмиэ өрөбүлэ буолла да, бултуу бараары баҕатыйар. Кини киискэ бэйэтин ыттарынаан сылдьааччы. Саһылга, киискэ хапхаан уурааччы. Түүлээххэ сууланан саха дьоно тымныыга, чысхааҥҥа тоҥмоттор, онон Сахабыт сирин бытарҕан тымныытыгар түүлээх таҥас олус сылаас уонна туһалаах.
Эвелина Жданова, «ЫЛЛЫК» пост Ньурба, Хаҥалас.