«СЭРГЭЛЭЭХ» СЭҺЭНЭ: ТУС БЭЙЭНИ САЙЫННАРЫЫ
Ый аата | Сэтинньи |
Ый суолтата | Сатабыл |
Ый суолтатынсүрүнөйдөбүлэ | Өркөн өй,
сырдык өй |
“ҮӨРЭНЭЭЧЧИ ТАһЫМЫГАР ТАХСЫЫ” үлэлээх үөрэх маҥнайгы чиэппэрэ, үөрэнээччи үлэтин, дьарыгын «Түһүү» түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бу чиэппэр икки ыйа үөрэнээччи идэтигэр киирэргэ табыгастаах эйгэни тутан, хас биирдии киһи Тус Бэйэтигэр үлэлиир эйгэтин тэрийдэ.
Үүммүт иккис чиэппэрбит «Айан-1» түһүмэх аата – «ѲБҮГЭ БЭЛЭҔИНЭН БЭЙЭ ИС КЫАҔЫН УһУГУННАРЫЫ» диэн. Үѳрэнээччи иҥэринэр ѳйдѳбүллэрэ:
Мин бэйэм эбээһинэспин уонна бырааппын билэбин.
Мин быйылгы баҕа санаам – бэйэм дьоҕурбун сайыннарыы.
Мин бэйэм дьоҕурбун сайыннарар былааннаахпын.
Чиэппэр икки ыйын эйгэтин туһанан, ѲБҮГЭ БЭЛЭҔИНЭН БЭЙЭ ИС КЫАҔЫН УҺУГУННАРАРГА үлэлиибит.
ТУС БЭЙЭНИ САЙЫННАРАРГА үлэ хас биирдии тыл ис хоһоонун, өйдөбүлүн болҕойоро ирдиир. ѲБҮГЭ – биһиги хас да көлүөнэ дириҥ төрүттэрбит. ѲБҮГЭ БЭЛЭҔЭ – бу күн сиригэр олохпут. БЭЙЭ ИС КЫАҔА – хас биирдии киһи тус ураты дьоҕурбут. Киһи кыаҕа кини бэйэтэ көрдөнөн туһаммат, кыһаммат буоллаҕына, утуйар. Онон киһи ОЛОХ СИТИҺИИЛЭЭХ ҮӨРЭНЭЭЧЧИТЭ буолар туһуттан, бэйэтин ис кыаҕын булунарга, кыһанарга үлэлиэхтээх. ӨБҮГЭ биэрбит олоҕор эбээһинэспитин, бырааппытын билэн, дьоҕурбутун сайыннарар инники сыал-сорук туруорунабыт, былааннанан толорорго дьулуһабыт.
Сэтинньи өйө-санаата
Ый сүрүн өйдөбүлүн ис хоһооно —
Бэйэ кыаҕар эрэнии: — Тобуллаҕас-аһаҕас өй — Дьоҕуру таба тайаныы — Билии-көрүү, тардыы
|
Сэтинньи — сатабыл ыйа
Сахаҕа “Сатабыллаах—саһыл саҕалаах” диэн түгэнтэн табыгастаах, барыстаах, албастаах ньыматынан кыайыылаах тахсар киһини этэллэр. Түргэн, сытыы, имигэс ѳйдѳѳх киһи ылбыт үѳрэҕин-билиитин көдьүүстээхтик туттар сатабыллаах буолар, түгэҥҥэ барыстаах ньыманы була охсор. Ааҕан, суоттаан, толкуйдаан, мэйиигин үлэлэтэҕин, өйгүн чочуйаҕын, сытыылыыгын
|
САТАБЫЛ ыйыгар
Тус Бэйэҕэ АЛГЫС тыл
Сатабыл Айыы Тойон!
Мин диэки көрөн
Мичик гын!
Тобулар сытыы толкуйданыым!
Умсугуйар аһаҕас албастаныым!
Имигэс сымса ньымаланыым!
Аграфена Ивановна АРЖАКОВА, А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия “Сэргэлээх” лаборатория оскуола учуутала.