- Саха суруйааччыларыттан норуокка биллибит «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхолору Былатыан Ойуунускай уонна Сергей Васильев-Борогонскай сурукка тиһэн үйэлээх айымньылары хаалларбыттара.
- Сергей Васильев- Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхото оҕолорго аналлаах «Чуораанчык» сурунаалга 90-с сылларга ойуулаах-мандардаах, тэттик тиэкистэринэн тахсыбыта.
- Былатыан Ойуунускай «Дьуруруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун тыл үөрэхтээҕэ Владимир Державин тылбаастаабыта.
- Егор Сидоров «Мүлдьү Бөҕө» диэн олоҥхону нуучча тылыгар тылбаастаан таһаарбыта. Кинини үрдүк таһымнаах уонна тылы үчүгэйдик билэр, үөрэппит тылбаасчыт быһыытынан билинэллэр. П.А.Слепцов-Ойуунускай олоҥхотун ырытан суруйбут лингвист-учуонайынан буолар. Олоҥхоҕо кэпсэнэр дойдулары дьиҥ олоххо баар омуктары кытта тэҥнээн көрбүтэ эмиэ ураты дьикти суолталанар. Холобур, «Аллараа дойду» олохтоохторун кытайдары кытта. Былатыан Ойуунускай ырытыытыгар, Аллараа дойдуга өссө элбэх дойдулар баар: бэтэрээҥҥи « Аллараа дойду» — «Орто дойдуга» маарынныыр, онно эмиэ дьоннор олороллор. Итини Тагров диэн Ньурба олоҥхоһутун «Эр Соҕотох» олоҥхотун аахтахха ылынаҕын. Олоҥхоҕо Орто дойду бухатыыра Эр Соҕотох бэтэрээ Аллараа дойдуттан кыыһы кэргэн ылар, онтон ийэтэ Аллараа дойду бухатыырыгар кэргэн тахсар.
- Билиҥҥи кэмҥэ фольклор билимин үлэһитэ, тыл билимин дуоктара В.В. Илларионов 40-ча олоҥхону бэчээккэ таһаарбыт киһинэн буолар. Бу олус элбэх. Олоҥхо ис хоһооно үксүн биир буолар: абааһы уола кэлэн Орто дойду кэрэ кыыһын уоран эбэтэр күүс өттүнэн өттөйөн Аллараа дойдуга илдьэ барар. Ыал буолаары. Ону Орто дойду бухатыыра баран, быыһаан, кыыһы төттөрү аҕалар. Сороҕор Орто дойду бухатыыра булугас өйүнэн абааһы бухатыырын албыннаан кыайар. Айыы бухатыырыгар үксүгэр Айыы Умсуур удаҕан көмөлөһөр, абааһы бухатыырыгар эмиэ көмөлөһөр удаҕаннаах.
Виктор Борисов-Алтан Түһүнэй, кыраайы үөрэтээччи.