Уоттаах сэрии толоонугар Феврония Николаевна Малгина-Хобороос биэс уолун бэһиэннэрин сүтэрбит ийэ. Кини үйэтин-сааһын тухары биэс уолуттан биирдэстэрэ эмэ тыыннаах төннүө диэн кэтэһэн эрэнэ саныыра. Хойут оройуонун дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэ көмөлөрүнэн оҕолоро кыргыспыт сирдэригэр Старая Русса, Новгород, Ильмень күөл, Ленинград сирдэринэн бара сылдьыбыта, уолаттарын кытары бырастыыласпыта…
Феврония Николаевна 1888 сыллаахха Таатта улууһугар Уус-Таатта нэһилиэгэр дьадаҥы Ньукулай уонна Ульяна Бехтюевтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 17 саастааҕар булчут Малгин Егор Петровичка кэргэн биэрбиттэр. Эдэр ыал, дьадаҥытык да буоллар, дьоллоохтук олорбуттара. Сүүрбэ оҕо төрөөбүтүттэн сэттэ эрэ оҕо улааппыт (биэс уол, икки кыыс). 30-с сылларга Малгиннар колхозка киирбиттэрэ, Феврония ынах ыаччынан, Егор булчутунан үлэлээбиттэрэ.
Оҕолоро улаатан, хас биирдиилэрэ тус-туспа суолу талбыттара. Үһүс уоллара, Алексей, 1917 сыллаах төрүөх, Томскайдааҕы медицинскай институт студена буолбута. 1940 сыл саас Малгин Алексей Егорович-II, финскай сэриигэ баҕа өттүнэн баран, ылбыт бааһырыыларыттан өлбүтүн уонна Томскай куоракка көмүллүбүтүн туһунан биллэрик туппута. Ол кэннэ, соторунан, кэргэнэ Дьөгүөр хомолтолоохтук өлбүтэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар, сэриигэ Ийэ дойдуларын көмүскүү Феврония Николаевна 4 уола, 2 күтүөтэ барбыттара.
Ийэҕэ ыар күннэр саҕаламмыттара, Феврония Николаевна утуу-субуу кутурҕаннаах биллэриктэри туппута:
- 1941 сыллаахха ахсынньыга улахан уола Малгин Алексей Егорович-I, 1914 сыллаахха төрөөбүт, колхоз бастыҥ булчута, сураҕа суох сүппүтүн туһунан.
- Бу биллэрик кэнниттэн иккис уола Малгин Петр Егорович, 1916 сыллаахха төрөөбүт, Кыһыл Аармыйа кавалериһа 1941 сыллаахха ахсынньыга сураҕа суох сүппүтүн туһунан ыар биллэрик кэлбит.
- Кыра уола Малгин Василий Егорович, 1919 сыллаахха төрөөбүт, Дьокуускайдааҕы фельдшер-акушер оскуолатын бүтэрбит, 1942 сыллаахха сэтинньигэ сураҕа суох сүппүт.
- Бэһис уола Малгин Спиридон Егорович, Дьокуускайдааҕы зоотехническай техникуму бүтэрэн зоотехник идэлээх этэ. Аармыйаҕа 1940 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Стрелковай дивизияҕа рота командирын солбуйааччытынан сэриилэспит. 1943 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр лейтенант Малгин С. Е. ыараханнык бааһыран Ленинградка госпитальга быстыбыт.
- Икки күтүөтэ сэрииттэн инбэлиит буолан төннүбүттэр, өр олорботохтор.
Сэрии ыар сылларыгар колхозтаах саха боростуой дьахтара улахан кыһалҕаны, эрэйи көрбүтэ. Икки кыыһын, 3-4 ыалы аччыктааһынтан быыһыыр кыһалҕаттан Феврония колхозка үлэлээбитэ, сайынын күөлгэ мундуга туулаабыта, күһүнүн куобахха туһахтаабыта, саас эрдэ куйуурдаабыта, кыһыҥҥы киэһэлэргэ фроҥҥа ыытаары ичигэс таҥаһы үтүлүк, бэргэһэ тикпитэ.
Өлүөр диэри биир эмэ оҕом кэлиэ диэн эрэнэ кэтэһээхтиирэ. Феврония Николаевна Малгина 1978 сыллаахха 90 сааһыгар күн сириттэн барбыта.
Суруйааччы, разведчица, Ленинскэй комсомол уонна Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара Зоя Ивановна Воскресенская 1976 сыллаахха Феврония Малгинаҕа бэлэхтээбит «Сердце матери» кинигэтигэр маннык диэн суруйбута:
Февронии Николаевне Малгиной. Низкий поклон Вам, матери, отдавшей на защиту Родины пятерых своих сыновей. Вместе с ними Вы совершили материнский, святой подвиг. Этот подвиг живет в славных делах нашей социалистической Родины, в счастье наших детей и внуков. Великое Вам материнское спасибо! Зоя Воскресенская 2.3.1976 г.
Худуоһунньук Семен Луканси ийэ албан аатыгар анаан уруһуйдаабыт хартыыната.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Баайаҕа нэһилиэгэр «Биэс уолаттарым» Валентин Стручков тылыгар уонна матыыбыгар, Роман Дедюкин аранжировкатыгар суруллубут ырыаҕа видеоклип усталлар. Баайаҕа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Роман Дедюкин, Кирилл Тимофеев, Евгений Христофоров, Станислав Луковцев, Данил Иванов олус долгутуулаахтык ырыаны толорбуттара уонна видео дьүһүйүүгэ биир дойдулаахтарын ааттара үйэтитиитигэр үлэлээбиттэрэ кэрэхсэнэр.
keskil14.ru