Ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай к. «Лена» киинэ-тыйаатырыгар «Сэрии оҕолоро» диэн анимация документальнай реконструкция-киинэтин билиһиннэрии буолла. Бу ураты жанрынан устан, «Күн оҕолоро» айар устуудьуйа саха киинэтин историятыгар саҥа сүүрээни киллэрдэ.
Киинэ ис хоһооно Таатта улууһун кырдьаҕастарын оҕо эрдэҕинээҕи сэрии кэмигэр ыар олохторун туһунан ахтыыларыгар олоҕурар. Бу ахтыылары 2017 cыллаахха устубуттара. Кэпсээбит дьоннортон аҥаардара олохтон туораабыттар. Кэм кэрдии аастаҕын аайы, бу киинэ суолтата өссө үрдээн иһиэ…
Сардаана Барабанова, киинэ режиссера:
— Биһиги Таатта улууһун кытта биэс сыллааҕыта нэһилиэктэринэн сылдьан, сэрии кэмин оҕолорун ахтыыларын устан хомуйбуппут. Барыта 80-тан тахса ахтыы мунньуллубута. Кырдьаҕастар барахсаттар сэрии кэминээҕи оҕо саастара хайдахтаах курдук кыһалҕалаахтык ааспытын истэ олорон, хайаан даҕаны, элбэх дьоҥҥо, ордук эдэр ыччакка тиэрдиэхтээхпит диэн бигэ санаалаах этибит. Ол гынан баран, хайдах оҥоробут диэн толкуйга сылдьыбыппыт. Аҥаардас кинилэр эрэ кэпсээннэринэн, интервьюларынан киинэ оҥоһулуннаҕына, хобдох буолуо, аны ол кэминээҕи хаартыска да, видео-архыып да кэмчи, суох да диэххэ сөп. Онон толкуйдаан-толкуйдаан, анимационнай киинэ оҥорорго санаммыппыт. Бырайыак суруйан, Россия Президенин граннарын куонкурсугар кыттыбыппыт, онно кыайбыппытыгар, олус үөрбүппүт, соһуйбуппут.
Былырыын балаҕан ыйыттан сценарийбытын саҕалаабыппыт. Онтон худуоһунньуктар Феодосий Заровняев, Станислав Захаров үлэлээн саҕалаабыттара, кэнники эбии эдэр худуоһунньуктар Юлиана Ксенофонтова, Лилиана Ермолаева кыттыбыттара. Дьиҥэ, бастаан 50-ча эҥин уруһуй наада дии санаабыппыт, онтон олох даҕаны кэҥээн, киинэни бүтүннүүтүн уруһуй гынар эбиппит диэн толкуйдаан, үлэ үс төгүл элбээн тахсыбыта.
Худуоһунньуктары кытта тэҥҥэ анимацияҕа үлэ саҕаламмыта. Эмиэ туспа хамаанда тэрийбиппит, онно Влад Потапов, Мария Софронова, Александр Костромыкин, Тим Третьяков, Надежда Ефимова, Николай Мочкин киирбиттэрэ. Уруһуй, анимация сүрдээх сылаалаах, уустук үлэ эбит. Раскадровкаҕа Сергей Слепцов, Кыйаара Юмшанова үлэлээтилэр. Киинэбит таҥыллан тахсарыгар монтаж режиссера Михаил Эверстов биир өрөбүл күнэ суох олорон үлэлээтэ. Музыканы киинэ эйгэтигэр улахан уопуттаах композитор Моисей Кобяков суруйда, тыаһын-ууһун Петр Скрябин оҥордо. Редакторынан Диана Худаева, тылбааска Саргылана Сандаар уонна Саха театрын иһинэн үлэлиир оҕо театральнай устуудьуйатын оҕолоро үлэлээтилэр. Инньэ гынан, сыл аҥаарыттан аҕыйах кэм иһигэр күүстээх үлэ барда, онтубутун бу пресс-показтаатыбыт. Билигин кыра ол-бу итэҕэстэри туоратан, эбэн-сабан баран, киэҥ араҥаҕа таһаарыахпыт. Бүгүҥҥү туругунан, киинэбитин Саха сиригэр бастакы анимационнай киинэ диэххэ сөп. Анимация биһиги республикабытыгар сайдар кэскиллээх, онно олохтоох үлэ барыахтаах дии саныыбын.
Биһиги сүрүн сорукпутунан Саха сирин тыатыгар олохтоох дьон Кыайыы туһугар оҕолуун-кырдьаҕастыын бары кыахтара тиийэринэн бэйэлэрин харыстаабакка, үлэлээбиттэрин, ыар кэми дьарамай санныларыгар сүкпүттэрин көрдөрүү буолар. Хомойуох иһин, сэрии кэмигэр тыылга саха норуотун ортотугар өлүү-сүтүү олус улахан этэ. Аҥардас Таатта улууһугар нэһилиэнньэ ахсаана 51 % көҕүрээбитэ. Ол иһин биһиги ыар чахчыны умнуо суохтаахпыт, норуот, ыччат өйүгэр-санаатыгар хаалларыахтаахпыт.
Влад Потапов, видеограф, аниматор:
— Бу үлэ режиссёрбут, продюсербыт Сардаана Николаевна Барабанова салайыытынан оҥоһуллунна. Интервью кадрдарын бэйэтэ уһулан саҕалаабыта син балайда буолбут. Мин бу бырайыакка сүрүн аниматор буолабын. Киинэ сүнньүнэн анимация гына оҥоһуллубута наһаа үчүгэй, тоҕо диэтэххэ, киинэни улахан дьон эрэ буолбакка, оҕолор көрөллөрө олус наадалаах. Бу сэрии ыарахан кэмигэр элбэх оҕо олох иһин охсуһан, ыарахаттары утарсан, тыыннаах хааллахтара. Киинэни тыыннааһыҥҥа уруһуйу хамсатыы эрэ буолбатах. Манна хас биирдии уруһуй, анимацията да суох, бэйэтэ тыыннаах курдуктар, ол иһин П.П. Романов аатынан художественнай училище худуоһунньуктарыгар махтанабын. Бырайыакка бииргэ үлэлиир доҕотторум Юмшанова Надя, Третьяков Тим, Алекс Кос уонна киинэни таҥан оҥорбут Миша Эверстов миэхэ улахан көмө буоллулар. Мин бэйэм “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын “КэскилМедиа” устуудьуйатыгар үлэлиибин. Режиссер, видеограф буолабын. Дириэктэр О.И.Семеноваҕа, устуудьуйа салайааччыта Т.В.Чьямоваҕа өйөбүллэрин иһин махтанабын. «Күн оҕолоро» айар бөлөххө үлэлээбитим хас да сыл буолла, өссө да бииргэ үлэлиирбит инники элбэх турдаҕа.
— Биир күн «сэрии буолла» диэн кэпсэтэллэр улахан дьон.
— Германия саба түстэ, онон кыайыы туһугар үлэлиэх тустааххыт, Сталин туһугар. Бойобуойдук.
— Убайдарым сэриигэ барбыттара. Кэриэс эппиттэрэ, аны эргиллибэппит диэн.
Эмээхситтэр ытаһыы-соҥоһуу. — Турары-турбаты барыларын үлэҕэ таһаарбыттара.
— 3 кылааһы бүтэрбит оҕолор оттуубут. Ууга түһэ-түһэ.
— Наһаа кураан буолбута, айылҕа кыһарыйбыт курдук.
— Күөл барыта хатан.
— Ынырыктаах кураан этэ. Араас үөн бөҕө ыспыта, кулахы-былахы.
— Оҕус сиэтэрим да, оҕустарым талбыттарынан соһо сылдьаллара, кырам бэрт буолан.
— 5-6 саастаах оҕо ынах иэтэрим. Ньирэйдэригэр эмтэрэн кэбиһэбин. Тоҥоммун сытар ынахха көхсүбүнэн сыстабын. — Оҕус сиэтээччилэр эрдэ оҕустарбытын көрдүү барабыт. Атахпыт тоҥор.
— Биир атах таҥаһын таҥныбатаҕым. Бэйэбит атахпытыгар ииктээн ириэрэрбит. Күлгэ атаххын буккуйбахтыы түһэн ириэрэҕин.
— Үөрэхтэн тохтоон, үөрэхпин харыһыйан ытыыбын. Этэрбэс да суох, сон да суох. Үөрэнэ барар оҕолору сайыһабын.
— Куобах кулгааҕынан сон тикпиттэрэ. Сонум сох буолан үөрэммэтэҕим.
— Оскуола тымныы. Хардаҕас кыбынан барарбыт оскуолабытын отттоору.
— Чэрэниилэ кэлиэ дуо? Ынах хаанынан суруйарбыт.
— Заём төлүүбүт. Боломуочунай кэлэн ирдиирэ.
— Байыаннай нолуогу төлөөрү, аҕам ынаҕын өлөрбүтэ.
— Кыргыттар маһы эрбиибит, уолаттар хайыталлар. — Үлэ кэнниттэн аны фроҥҥа ыытаары мохуорка кисиэтин тигэбит, быысыпкалыыбыт.
-Үтүлүк тигэбит.
— От тиэйэр этибит.
— Ферма сааҕын тиэйэбин. Тоҥо-тоҥо.
— Сороҕор аһыыр да кыах суох. Сылайан утуйан хаалаҕын. — Сороҕор кэпсэтэбит. Дьоммут сэрииттэн ньиэмэс оҕотун билиэн тутан аҕалаллара буоллар. Ньиэмэс оҕотун үлэлэтиэ да этибит.
— Былыргы оҕо өйдөөх. Аһын кэмчилиир. Биир күн аһыыр, иккис күн уу-хаар аһылыктанар.
— Туорах бурдук суох. Күндү ас лэппиэскэ буолар, тааска тардан. -Ыал кэрийээччилэр бааллара. Ыалы кэрийэн ас көрдүүллэр. Этэрбэс уллуҥа, аан бүрүөһүнэ көрдүүллэр. Буһаран сиэри…
— Дьон бөҕө өлөн, харайбаттар.
— Кыайан буору хаспаппыт. 2 миэтэрэ дириҥнээх иини хаһыахтаахпытын нэһиилэ 1 миэтэрэ хаһабыт.
— 51 бырыһыан нэһилиэнньэ хоргуйан өлбүтэ.
— Кыайыы буолбутугар үөрүү да үөрүү. Куустуһа сылдьан. Наһаа үчүгэй күн этэ.
— Ийэлэрбит алаадьылаабыттара ол күн. Ол эрэ алаадьы сытын өйдүүбүн. Онтон ыла итинник үчүгэй сыты сыттаабатаҕым даҕаны.
— Уһун түүнү была утуйбакка оонньообуппут-көрүлээбиппит. Дьокуускайга бараат буолбут этэ.
— “Сэрии уотугар суумкатын сүгэн» диэн ырыаны билигин да өйдүүбүн.
-
Саамай үлэни таптыыр буолуҥ, үчүгэй майгылаах киһи буолуҥ. Наһаа үчүгэй үйэ үүннэ. Оҕолор, үөрэниҥ, испэсэлиис буолуҥ. Бэрээдэктээх, ийэ дойдуга бэриниилээх дьон буолуҥ.
-
Биһиги олохпутун хатылаабатыннар.
-
Ыраас халлаан чэмэлийэ турдун.
keskil14.ru