Мин хос эһэм Софрон Иванович Константинов Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Дьараайыга 1910 сыллаахха балаҕан ыйыгар төрөөбүтэ. II Наахараттан аҕабыыт кэлэн Софрон диэн сүрэхтээбит.
Хос эһэм аҕата Иван Иванович, ийэтэ Александра Дмитриевна Константиновтар аҕыс оҕоломмуттар. Долборуктаах диэн сиргэ сайылыыллара, онтон Дьараайыга кыстыыллара. Сири табыйан, тыаны солоон, «даарда» суханан сири тиэрэн, саас тарааҕынан тараан, ньэчимиэн, сэлиэһинэй, дьаарысса, оруос бурдуктары ыһан бэйэлэрин да, аймахтарын да аһаталлар эбит. Оруоһу күһүн ыспыттара, кыһын хаар анныгар хаалан баран, саас тахсан кэлэр эбит. Кыстыкка улаханныын-кыралыын 90-ча сүөһүнү кыстаталлара. Олус үлэһит дьон эбиттэр.
Хос эһэм Софрон Иванович 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта. Ленинградскай фроҥҥа сэриилэспитэ. Ленинград куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Пехотаҕа сэриилэһэ сылдьан, хаҥас илиитигэр уонна сототугар бааһыран, 1944 сыллаахха атырдьах ыйыгар дойдутугар төннөн кэлбит.
Эмискэ кэлэн кэргэнинээн Кэтириистин холбоһон, 10 оҕону төрөппүттэрэ: Иван, Степан, Николай, Татьяна, Софрон, Варвара, Акулина, Мария, Семен, Елена.
Сэрииттэн кэлэн баран, 1945 сылтан эһээм Сталин аатынан холкуос чилиэнэ буолар. Биригэдьииринэн үлэлээбит. Үлэтигэр олус кыһамньылаах, ыанньыксыттарга, тулаайах хаалбыт эмээхситтэргэ ордук көмөлөһөрө. Отторун-мастарын дьаһайан баар гынара.
«Сэрии өссө бүтэ илигинэ, элбэх ыалга сүөһүлэрин , сылгыларын иитэргэ көмөлөспүтэ», – диэн Марина Петровна Дьячковская махтанан ахтарын туһунан дьонум кэпсииллэрин билэбин. От үлэтэ буолла да, звено салайааччытынан үлэлиирэ. Кэнники сылгынан дьарыктаммыт.
Кыыһа Акулина Софроновна аҕатын туһунан маннык ахтар:
Бэйэтин хаһан да хайҕаммат, элбэҕи кэпсээбэт этэ. Арай сэриигэ хамандыырын быыһаабытын туһунан ахтан аһарбыта. Сэрии ветерана Илья Николаевич Пестерев аҕам туһунан: «Соппуруон герой буолуохтаах киһи хаалбыт», – диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын.
Эмис нэһилиэгин биир ытыктанар кырдьаҕаһа Екатерина Николаевна Солдатова хос эһэм туһунан маннык кэпсиир:
Соппуруон оҕонньору оҕо эрдэхпиттэн билэр киһим этэ. Дьон-сэргэ кинини бэртээхэй сылгыһыт диэн наар үтүө тылынан ахтан кэпсииллэрэ. Убайын Баһылайы кытта сайын атынан от оҕустараллара. Мин убайым Василий Николаевич биригэдьиирдээбитэ. Кини куруутун: «Эмиһи Соппуруон оҕонньор тутан олорор. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһата, көмөтө тугунан да кэмнэммэт. Хас сүппүт сүөһүнү, сылгыны барытын ханна баар буолуохтарын сөбүн барытын билэр, ыйан, булар аҕалара», – диэн этэр буолара. Оҕонньор сүрдээх көнө майгылааҕа. Уон оҕотун таһынан убайа Баһылай кэргэнэ өлөн хаалбытын кэннэ кини оҕолорун Петр Васильевич Константиновы уонна Тихон Васильевич Константиновы, кыра Баһылайы эмиэ бэйэтигэр сыһыаран, үлэҕэ үөрэтэн көрбүтэ-истибитэ. Киниттэн үөрэнэн Петр Васильевич улахан ытыктанар сылгыһыт буолбута.
Хос эһэм Софрон Иванович, ити этэллэрин курдук, туруу үлэһит буоларын «Сыллар быыстарын сэгэтэн, кэлэр кэми түстэһэн» диэн Амма улууһугар тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытын историятын сырдатар кинигэҕэ баар. «Үчүгэй үлэлээх колхозтаахтар» диэн түһүмэххэ хос эһэм аата эмиэ баарын көрөн, киэн тутуннум, үөрдүм, долгуйдум.
Хос эһэм олорбут олоҕо билигин сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар. Кини Аҕа дойду Улуу сэриититтэн тыыннаах төннүү дьолун, дьоннорун-аймахтарын көрсүү, оҕо-уруу төрөтүү үөрүүтүн, үлэ-хамнас өрө күүрүүтүн этинэн-хаанынан билбитэ.
Ааспыт сылга төрүттэрбит олорбут өтөхтөрүгэр бэлиэ туруорбуппут. Ситим быстыбатын, кинилэр олорбут олохторунан киэн туттарбытын, ытыктыырбытын көрдөрдүбүт.
Мин хос эһэбинэн Софрон Иванович Константиновынан киэн туттабын. Биһиги дьоллоох олохпут туһугар кыайыыны аҕалбытыгар махтанабын. Өйдүү-саныы сылдьыахпыт диэн эрэннэрэбин.
Коля ДМИТРИЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма