«Үһү» диэнинэн бүтэр, кырдьыга, сымыйата биллибэт, тыллаах кэпсээн элбэх. Балартан дьиҥ олоххо буолан ааспыттара үһүйээҥҥэ кубулуйан, уостан уоска тиһиллэн, күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэн эрдэхтэрэ.
Бүгүн эйиэхэ анаан, бассаап нөҥүө “дьаарбайар» дьикти кэпсээни билиһиннэриим.
Мин, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыан икки сыл иннинэ, Ленинград куоракка төрөөбүтүм. Биһиги дьиэ кэргэн Маркиз диэн ааттаах куоскалаах этибит. Маркиз мин төрүөм икки сыл иннинэ биһиги дьиэбит харысхала буолан олохсуйбут. Оччолорго, бука, түү мээчик курдук эбитэ буолуо…
1941 сыл балаҕан ыйыттан Ленинград блокадатын ыар күннэрэ саҕаламмыттара. 900 хонук устатыгар өлүү-сүтүү, аччыктааһын куорат олохтоохторун иилии эргийбитэ. Араас дьон ханна барыай, аччыктаан өлбөт туһуттан, ыттары, куоскалары, холууптары, тураахтары, бэл диэтэр, чыычаахтары сииллэрин истэрбит.
Бу кэмҥэ куоскабыт сүтэн хаалбыта. Дьонум: «Сиэтэхтэрэ», – диэн, көрдүү даҕаны барбатахтара. Онтон биһигини тыылга атаарбыттара.
Сэрии ыар кэмнэрин, «инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан» диэбиккэ дылы, бэрт эрэйинэн туораан, Кыайыы буолбутун кэнниттэн, 1946 сыллаахха Ленинградка төннөн кэлбиппит. Урукку дьиэбитигэр олохсуйбуппут. Инникигэ эрэл үөскээн, олохтоохтор санаалара кэлэн, урусхалламмыт куораты өрө тардыы буолбута.
Арай блокада кэмигэр куораты баһылаабыт кырыысалар кыайтарбатахтара. Ити сэрии, ыарыы, өлүү-сүтүү сэймэгин кыыллара күн-түүн элбээн иһэллэрэ сөхтөрөрө. Онон, куораты кырыысалартан ыраастыырга, күүстээх «сэрии» саҕаламмыта. Араас сирдэртэн куоскалары хомуйан, поезд анал эшелонунан тиэйэн аҕалан ыыталаабыттара. Дьааттаан, уоттаан, араастаан бултаһан көрөллөрө эрээри, кырыысалар улаханнык сүтэн-оһон барбатахтара.
Эргиллии
Биир сарсыарда олох эрдэ ааммытын куоска кэлэн тарбаан, араастаан ньааҕынаан, барыбытын уһугуннарбыта. Аҕам ааны аспыта. Соһуйуохпут иһин, сүрдээх бөдөҥ, хара-маҥан эриэн дьүһүннээх, Маркизпытыгар маарынныыр куоска олороро. Тырыта барбыт кулгаахтара, муннугар, көхсүгэр килэрийэ оспут дириҥ баастара уонна быстан кылгаабыт кутуруга «сэрииттэн» тыыннаах ордубутун туоһулуура.
Куоска, дьиэҕэ киирээт, быстыбыт кутуругун хороччу тутан, биһигини төгүрүччү хаама сылдьан сытырҕалаабыта, аалыммыта. Онтон, Маркизпыт сүтүөн иннигэр сөбүлээн сыппыт дьыбааныгар ыстанан тахсан, охтон түһээт, утуйан хаалбыта.
Сөҕүөхпүт иһин, куоска үс күннээх түүн аһаабакка утуйбута. Ол сытан арааһы түһүүр быһыылааҕа: атахтарынан тэбиэлэнэрэ, ньааҕыныыра, ардыгар курдьугунаан ыллыыра. Эмискэ-эмискэ түүтэ адаарыйан, ырдьыгынаан эрэрдии аһыыларын килэтэ, кырыктаахтык сыыгынаан, тибиирбэхтээн ылара. Кини түүлүгэр сэрии бүтэ илик быһыылааҕа…
Итинник утуйа сыттаҕына дьонум чинчийэн, чахчы биһиги куоскабыт – Маркиз буоларын итэҕэйбиттэрэ. Ол – көхсүн тириитигэр баар төгүрүк бөлтөркөй уонна үрүҥ моонньугар артыыстар кэтэр «бабочка» хаалтыстарын курдук хара ойуута этэ.
Маркиз эйэлээх олоххо түргэнник үөрэммитэ. Хас сарсыарда аайы, икки биэрэстэлээх сиргэ баар собуокка, дьоммун атаара барсара. Кэлээт, мин хаһан хойутаан туруохпар диэри, тапталлаах дьыбааныгар утуйан ылара.
Онтон түннүккэ олорон, ааспыт эрэйдээх олоҕун кэпсиирдии, курдьугунаан ыллыыра. Түүнүн кырыысалары бултаһара.
Манна даҕатан этэн аастахха, ылбычча куоска кырыысаны кыайан туппат. Күүстээх-уохтаах, харса-хабыра суох куоскалар эрэ кырыысаны бултаһаллар.
Онон сылыктаатахха, Маркизпыт, чахчыта даҕаны, сэрии куоската буолбутун итэҕэппитэ. Биир дьиктитэ, туппут кырыысаларын олох сиэбэт этэ, биһиэхэ көрдөрөрдүү, аан боруогун таһыгар кэчигирэччи уурталаабыт буолара. Манньатын, төһө даҕаны аска кырыымчык кэм буоллар, киниэхэ анаан бэйэбит аспытыттан өлүүлүүрбүт.
Ону таһынан, уулуссаҕа эмтээх пиибэ доруоһатын атыылыыр павильон баара. Ол атыыһыта 100-150 грамм пиибэ доруоһатын Маркизка «наркомовскай» диэн аныыра. Ыалларбыт, таһынааҕы тэрилтэ дьоно бары Маркиһы билэллэрэ, блокаданы ааспытын, кинилэри буулаабыт кырыысалары тутаттыырын иһин ытыктыыллара, маанылыыллара.
Профессор быыһаабыта
1948 сыллаахха, сэрии дьайдаҕа, Маркиз үөһээ тиистэрэ олоччу түһэн хаалан эрэйдэммитэ. Харахпыт ортотугар уота-күөһэ умуллан барбыта. Чугастааҕы бэтэринээр быраастарга көрдөрбүппүтүн, төһө даҕаны аһынналлар, «утутуҥ» диэн сүбэлээбиттэрэ.
Биир күн, куоскабытын «утута», зоологическай клиникаҕа барбыппыт. Ийэбиниин харахпыт уутун кыаммакка, куоскабытын кууһан, көрүдүөргэ уочараттаан олорбуппут.
Арай ытын көрдөрө сылдьар аҕамсыйбыт киһи кэлэн: «Тыый, туох үчүгэй куоскалааххытый?» – диэн ымманыйбыта. Ийэм, хараҕын уутун ытыһын көхсүнэн сотто-сотто, Маркизпыт олоҕун кэпсээбитэ.
Киһи долгуйбута, ойон туран, куоскабытын көтөҕөн ылан, харса суох айаҕын атытан көрбүтэ. Онтон: «Сарсын, НИИ стоматология кафедратыгар күүтүөм. Маркизкытыгар хайаан да көмөлөһүөхпүт», – диэт, куоскабын миэхэ куустараат, ытын сиэтэн тахсан барбыта.
Куоскабытын өлөрбөт эрэ туһуттан, кыра да сылтаҕы түргэнник ылыммыппыт. Үөрэ-көтө үһүөн дьиэлээбиппит.
Сарсыҥҥы күнүгэр, НИИ-га тиийээппитин кытта, куоскабытын харсыынаттан таһааран көрбүтүнэн-истибитинэн барбыттара. Биһигини ыҥырбыт киһибит кафедра профессора буолан соһуппута. Кэллиэгэлэригэр Маркиз сэрии сыллааҕы дьылҕатын, блокада кэмигэр ыттар, куоскалар хайдах эрэйдэммиттэрин кэпсээбитэ. Онтон сылтаан тиистэрэ түһэрин быһаарбыта. Мустубут дьон олус болҕойон истибиттэрэ, аһыммыттара, Маркизка тугунан эмэ көмөлөһүөхтэрин баҕараллара сирэйдэриттэн-харахтарыттан көстөрө.
Куоскабыт муннугар эфирнэй маасканы кэтэрдэн, утутан кэбиспиттэрэ. Айаҕын атытан кээмэй устубуттара уонна үрүҥ көмүс туттарыктары туруорбуттара. Ол кэнниттэн утуйа сылдьар куоскабытын харсыынаҕа уган биэрбиттэрэ уонна икки нэдиэлэнэн тиис быратыаһын кэтэ кэлэрбитигэр ыҥырбыттара.
Куоскабытын икки нэдиэлэ устата убаҕас аһынан аһаппыппыт. Бириэмэ түргэнник ааспыта. Ыйыллыбыт кэмҥэ оҥоһуу тииһи кэтэ тиийбиппит. НИИ үлэһиттэрэ, Маркизка быратыас кэтэрдэллэрин көрөөрү, бары үмүөрүспүттэрэ. Быратыаһы туттарыктарга кэтэрпиттэрэ.
Куоскабыт тииһэ килэйэ сылдьар, көрдөөх оруолу толорооччу клоун артыыска майгынныыр буолбут. Олордуу тииһин сөбүлээбэккэ, айаҕыттан таһаараары араастан сордоммута, муннун кытта хайа тардыммыта. Хата, санитар кыыс санаа булунан, буспут эт тоорохойун аҕалан, айаҕар үҥүлүппүтэ. Эт сиэбэтэҕэ өр буолбут Маркиз, бэрт үчүгэйдик ыстаан, амтаһыйа-амтаһыйа, эти сиэн кэбиспитэ. Уоһун-тииһин салбаммыта, саҥа тэрилэ үчүгэйин билиммиттии туттубута. Дьэ, ити кэнниттэн, олордуу тииһин өлүөр диэри улаханнык биһирээбитэ.
Утуйарыгар уонна аһыырын быыһыгар олордуу тииһин хостоон ылан, уулаах ыстакааҥҥа угарбыт. Эбэлээх аҕам оҥоһуу тиистээх ыстакааннарын таһыгар Маркиз иһитэ эбиллибитэ. Аһылыктар быыстарыгар, аа-дьуо ньылбыйан кэлэн, ыстакааннаах тииһэ баарын-суоҕун көрөн, бэрэбиэркэлээн барар идэлэммитэ.
Биир эбиэт иннигэр Маркиз олордуу тииһэ сүтэн хаалбыта. Куоскабыт, тииһэ суох миилэтин килэтэ-килэтэ, араастаан ньааҕынаан, дьиэни барытын аймаабыта. Бары көрдөөбүппүт эрээри булбатахпыт. Хата, Маркиз бэйэтэ суунар сир кэннигэр түспүт быратыаһын хостоон таһаарбыта.
Ити кэнниттэн ыстакааннаах тииһиттэн ырааппат буолбута. Түүннэри-күнүстэри тииһин манаан, ыстакаанын таһыгар хороллон олороро, сытара.
Кууспутунан бараахтаабыта
Маркиз итинник олордуу тиистээх өссө 16 сыл олорбута. 24 сааһын туолуута өлөрүн сэрэйбитэ быһыылааҕа. Хас да хонук тиистээх ыстакааныгар чугаһаабатаҕа. Мөлтөөн-ахсаан, аһаабат да буолбута.
Күн сириттэн күрэнэр күнүн, чааһын чопчу билбит этэ. Ол күн, туох баар күүһүн түмүнэн, ыстакааннаах тииһэ баар долбууругар тахсыбыта. Сэниэ киллэрэрдии олорбохтуу түһээт, бэйэтин тиистээх ыстакаанын сиргэ тоҕо охсон түһэрбитэ. Итиэннэ ыстанан түһэн, кутуйаҕы тутардыы, тииһин саба баттаабыта, тииһэ суох миилэтинэн ытыран ылбыта. Тапталлаах дьыбааныгар бэрт эрэйинэн тахсан сыппыта, тииһин илин атахтарын ортотугар сэрэнэн уурбута уонна атахтарынан түөһүгэр ыга тардан кууспута…
Миигин тобулу көрбүтэ, курдьугунаан бүтэһик ырыатын тарпыта уонна хараҕын симэн, өлөн хаалбыта…
Иван АНДРОСОВ тылбааһа