Мин ийэм өттүнэн хос эбэм Семенова Александра Никитична сэрии кэмин оҕото. Биһиги улахан дьиэ кэргэн саамай таптыыр, ытыктыыр киһибит. Кини билигин 88 саастаах. Хос эбэбин оҕо эрдэҕинэ баттаҕа барыта куударатын иһин Куудараас диэн ааттаабыттар. Эбэбит барахсаны билигин суунарыгар, аһыырыгар эрэ өйөөн туруорабыт. Ол эрэн ыйыттахха былыргыны олус үчүгэйдик кэпсиир. Ол иһин эбэм Валентина Захаровна “Трудовойбут барахсан” диэн кинигэни бэчээттэппитигэр үксэ: “Эбээ ахтыыта” диир. Мин ол кинигэттэн тугу билбиппин хос эбээбиттэн өссө чуолкайдаабыппын билиһиннэрэбин. Сэрии саҕаланыгар, 1941 сыллаахха, эбэм уонча саастаах оҕо эбит.
Эбээ, сэрии саҕаламмытын туохтан,кимтэн истибиккин кэпсээ эрэ.
— Ол саҕана араадьыйа, тэлэбиисэр суоҕа.Элбэх да сыл аастаҕа, арай убайым Дьөгүөрсэ барахсан ампаар кэннигэр тахсан ытыы олорорун олох чуолкай өйдүүбүн. Ол сэриигэ барар бэбиэскэтин тутан баран үлэлээн испит сириттэн дьонун, биһигини кытта быраһаайдаһа кэлэ сылдьыыта эбит этэ.Ол да курдук сэрии сиэртибэтэ буолбута. Бүтэһик суругар: “Оһуобай сорудахха көтөбүт”,-диэбит дииллэрэ.Сураҕа суох сүппүт ааттаах. Толору аата Семенов Егор Чирикович,учуутал буолан испитэ баара…
Онтон ол суруга баар дуо?
— Хантан кэлээхтиэ баарай, хайа пиэримэ дьиэтигэр көһөр баарыгар. Олорор дьиэ өһүөтүгэр кыбытан кээһэр буолаллара. Аҕам үлэ боруонугар барбытын кэннэ. Ийэм биһикки иккиэн үөрэҕэ суохпут. Дьон ааҕарын истэрбит.
Оччоҕо,биһиги аймахтан хас буолан сэриигэ кыттыбыттарай?
— Бу мин аҕам эрэ өттүн эттэххэ Аҕам Семенов Никита Чирикович сааһа ааһан, уоттаах сэриигэ кыттыбакка Тиксии Бухта диэн сиргэ балыкка үлэлээн баран, ааҕарын суруйарын, чиэһинэйин иһин тууһаммыт балыгы арыаллаан Уркуускай куоракка ыытыллыбыт. Онно эмиэ үлэҕэ сылдьан,ыран, хоргуйан, мэрэ быстан балыыһаҕа сыттаҕына, күн санаалаах саха дьоно булан аҕалбыттар. Өйдүүбүн ээ аҥаар илиитэ суох, биир илиитэ эмиэ мултугур тарбахтаах киһи аҕабар кэлэ сылдьан, илиитин көрдөрө – көрдөрө: “Бу илиилэрбинэн көрөн – харайан аҕалсыбытын”, -диэн илиилэрин уунан көрдөрбүтүн.
Ол киһи хантан кэлбитэй?
— Дьокуускай Намыттан диир буолаллара. Иккис киһи Дьөгүөрэп Баһылай диэн Дүллүкү киһитэ. Ол киһини кытта букатын уруулуу тэҥэ буолбуппут.Онтон Багдасаайап дииллэрэ биирин. Ол Багдасаайап кэлэн иһэн дьоннортон оннук киһини билэҕит дуо? Тугунан эмэ төлөһүө дуо? диэн ыйыталаспыппар: “Кэргэнэ оҕоломмута уонна холкуос бастыҥ үлэһиттэрэ. Төлүөхтэрэ диэбиттэрэ кырдьык эбит”,- диэн үөрэн – көтөн 1000 солкуобай харчыны кытта, саҥа көстүүм кэтэн барбыта. Оччолорго оҕо төрөөтөҕүнэ 1000 солкуобайы,судаарыстыба биэрэрэ.Онон Таайыҥ Арамаан харчыта барбыта.
Онтон сэрииттэн бааһыран кэлэн испит быраата диэн баар дии, бу кинигэҕэ?
— Ол, Арамаан Чирикович Семенов, улахан быраата оройуоҥҥа райсоветка үлэлээн олорон, тылланан барбыт. Икки илиититтэн, атаҕыттан матан кэлэн иһэн Бүлүү эбэҕэ өлбүт.
Онтон кыра быраатын араспаанньата, аҕатын аата тоҕо атыный?
— Былыр оҕону ыалга, аймахтарыгар ииттэрэ биэрэллэрэ. Хос -хос эбэҥ Аана кэргэнэ өлбүтүгэр саамай кыра уолун эдьиийигэр дуу, балтыгар дуу ииттэрэ хаалларан баран, төрүт сириттэн Тылгыныттан иккистээн кэргэн тахсан Мэйииккэ кэлэн олохсуйбут. Барыта сэттэ оҕото улааппытын билэбин. Микиитэ,эһиги хос эһэҕит, Өлөксөөндүрэ,Арамаан, Мааппа,Дьөгүөрсэ,Борускуо уонна саамай кыралара, күтүөтүн аатынан Иннокентьев Матвей Николаевич.
Онтон эһэбит хайдах кэлбитин ахтыаҥ,кэпсиэҥ буолаарай?
— Хоргуйуу – быстыы диэн сүрдээх суол. Аҕабын аҕалбыт киһи илдьит ыытан ыҥыырдаах аты сэтиилэммит киһи, ыҥыырга кыайан олорор кыаҕа суох киһини ыҥыырга биллэҕэ сытыаран аҕалбытын көрөн,ийэм “бүтээхтээбит” диэн баран ытаабытыгар,биһиги үс оҕо эмиэ ытаспыппыт.Ол эрэн киһи сымыйаргыан курдук бар дьонун көмөтүнэн,ким туохтааҕынан,чорбойорунан,боссоон,хатаҕалаан аһатан уонна сайын муҥхалаан,балыктаан сиэтэн,баара суоҕа ыйтан ордоот,эһэлии эргийэр буолан хаалбыта. Онтон дьэ үлэлээн хамсаан киһитийбитэ.Бастаан кэлэн баран илиитин күн уотугар тутан өрө ууннаҕына,уҥуоҕа ыйдаҥаран көстөр буолара…
Ити барыта аҕам бииргэ төрөөбүттэрин кэпсээтим.Сэрии бүппүтүгэр эбэм Аана: “Сэрииттэн уолаттарбын аҥаардастым диэхтээбитэ. Онтон ийэм дьонуттан билэрим диэн Таайым Сэмэн соҕотох төрөппүт уола сэбиэт үлэһитэ,Өлөксөй диэн киһи боруонньалаах эрээри дьонун аймаамаары, оройуоҥҥа сэриигэ барар дьону атаара барар курдук быраһаайдаспакка да тахсан барбыт, эргиллибэтэх. Таайым: “Саатар быраһаайдаспатаҕа, субу киириэх киһилии куттарбыт чаайа ,буруолуу хаалбыта”,- диэн ахтар буолара. Уонна иккис таайым сэрииттэн араанньылаах кэлбитэ. Кини Маайга олорбута. Бүөчүм диэн ааттааҕа. Баттык тайаҕынан сылдьара. Бүөчүм икки уоллааҕа.Таайым өлүөҕүттэн сибээс быстыбыта.Эһиги салгыа этигит буоллаҕа.
Бу ахтыы кэннэ мин эбээбин таптыырым өссө күүһүрбүт курдук буолла. Эбээм барахсан биһиги курдук дьоллоох оҕо сааһы билбэккэ,тоҥон аччыктаан сырыттаҕа…Чахчы сэрии буолбатын. Туругурдун Улуу Кыайыы 75 сыла.
Гоголев Ваня Үөһээ Бүлүү улууһа. Д.С.Спиридонов аатын сүгэр 4 №- дээх орто оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы Осипова Валентина Захаровна.