Уоттаах улуу сэрии кэмигэр оҕо буолан сылдьыбыттар Улуу Кыайыы төһө сорунан-муҥунан кэлбитин хоргуйалларынан, эт-сиин ыарыытынан, харахтарын уутунан кээмэйдииллэрэ. Иитэр-аһатар, араҥаччылыыр аҕалар, убайдар, сэрии уотугар киирэн сэймэктэнэр кэмнэригэр үнүгэс курдук тыллан эрэр оҕолор сындааһыннара сыыллар, эттэрэ элэйэр күүстээх үлэни санныларынан сүгэн, аччык олох муҥун муннуларынан тыыран, аһыы-аба туустаах хараҕын уутун амтанын билбиттэрэ. Сорохторо аас-туор дьылларга хоргуйан өлбүттэрэ.
Тыыннаах хаалбыттара сэрииттэн эргийэн кэлбит аҕыйах ахсааннаах аҕа дьоннорун кытта алдьаммыт-кээһэммит, айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэрэргэ сыраларын-сылбаларын, доруобуйаларын биэрбиттэрэ. Киһи буолан, олоҕу салгыыр оҕону-ыччаты тэнитэн, Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар аҕыйахтара да тиийэн кэллэ…
Биһиги дэриэбинэбитигэр, Боотулууга, сэрии сылларын оҕолоро, түөртэр. Аҕыс сүүс нэһилиэнньэлээх нэһилиэк 0,005 бырыһыана. Олортон биирдэрэ — мин эбэм эдьиийэ, 80 саастаах ытык кырдьаҕас Дария Семеновна Тебенова. Кини киһиттэн эрэ эрэллээх эмчит, кыайыылаах үлэһит, тапталлаах эбээ, хос эбээ. Эбээ Даарыйа Үөһээ Бүлүү улууһун, Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ. Комсомол, коммунист партия олохтоох кэмитиэтин бэриниилээх чилиэнэ, сэкирэтээрэ.
Үлэлээбэккэ олорбута аҕыйах сыл буолла, ол эрээри хотонугар үс ыанар ынахтаах, күнүн аайы түбүктээх, сылдьыбыт эрэ амсайар амтаннаах суораттаах, кэпсэппит эрэ сэргиир үтүө сүбэлээх. Билигин даҕаны ыарахан ыарыһахха ыҥырыллан, сүүрэн тиийэр Айыыһыт-Иэйэхсит кэриэтэ бар дьоно сүгүрүйэр киһилэрэ.
Кини кэпсииринэн, 1939 сыллаахха Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр төрөөбүт. Дьоно Быччагдаан түбэтигэр Уус уолбата диэн сиргэ олорбуттар. Максим Горькай аатынан колхоз чилиэннэрэ эбиттэр. “Оҕо турбат” этэ. Даарыйа уон биирис оҕонон төрөөбүт. Абааһыттан көҥөнөн ааттаабакка сылдьыбыттар. Онтон биир нуучча хонон ааспыт, ол киһи араспаанньатынан «Чугунов» диэн ыҥырар буолбуттар. Кини иннинээҕи, эдьиийдэрин аахха бэриллибит кыыс, дэҥҥэ кэлэн хонорун иһин, «Хоноһо» диэн буолбут.
Убайа Уйбаан сэрии иккис сылыгар Үгүлээт оскуолатыгар сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан, куор ыарыыттан өлбүт. Ийэтин сурдьа, чулуу булчут Семен Николаевич Тебенов, сэрии иккис сылыгар фроҥҥа барар бэбиэскэни туппут. Таайа барарын саҕана Даарыйа хаҥас илиитин сөмүйэтэ «көрөр» буолан сытыйбыт. Ону үстээх кыра оҕо өйдөөтөҕүнэ, уһун сонноох киһи урбачыйан киирэн, чоройо сылдьар уҥуоҕу кыптыыйынан быһа кырыйан баран, куобах тириитин түүтүн кэриэрдэн баайан кэбиспит, ол онон мүлтүччү оспут.
Бу таайа сэриигэ барарыгар, Даарыйаны бэйэтин оҕотун курдук, аатын биэрэн, сельсэбиэккэ суруттарбыт. Аҕата, Василий Степанович Тетелев, Тиксиигэ борокуот таһаҕаһын сүөкээһиҥҥэ үлэ фронугар сылдьыбыт. Сэрии кэннэ онно үлэлээбиттэр суос-сатыы, салааскаларын соһон, Тиксииттэн дойдуларын булбуттар. Элбэх киһи аара аччыктаан, тоҥон өлбүттэр.
Эр дьон сэриигэ барбыттарын кэннэ Даарыйа ийэтэ Анна Николаевна Тетелева, Быччагдаан Ааната, хараҕа суох ийэтэ Огдооччуйалыын үс кыра оҕолоох хараҥаттан-хараҥаҕа диэри холкуос үлэтигэр, сайынын от үлэтигэр, кыһынын от тиэйиитигэр үлэлээбит. Кыайыылаах үлэһит уонна дьиэтигэр ийэтэ көмөлөөх буолан, биир ынахтарын үүтүнэн иитиллэн олороохтообуттар. Биир ынахтарын холкуоска биэрбиттэр.
Даарыйа эбэтэ хараҕа суох да буоллар, холкуоска сүөһү быата хатан, тэһиин, сулар өрөн, буутай оҥорон, үлэ күнэ аахсар эбит. Ону ааһан, бэлэмнээн барбыт маһынан, уутунан уот оттор, чэй өрөр, оҕолору көрөр, киэһээҥи ынаҕын ыан тоһуйар. Саас куйуур саҕана, Аана үлэтиттэн кэлэригэр ким эмит ойбонугар куйууру эргитэ түһэн, балыктаах кэлиэ диэн олгуйугар уу оргутар. Үлэ күнүгэр уолуттан сурук кэллэҕинэ, үчүгэй сураҕы иһиттэҕинэ, бурдугу суорунаҕа тардан, лэппиэскэ оҥорор.
Итинник тулуурдаах, үлэһит, сатабыллаах саха дьахталлара сэриигэ, туспа дойдуга өлөрө-тиллэрэ биллибэт кыргыһыыга сылдьар дьонноругар бөҕө тирэх, оҕолоругар-урууларыгар халбаҥнаабат харысхал буолбуттар. Бу үрэх баһыгар сүөһү ииттэн, булдунан, балыгынан айахтарын ииттэн олорбут айылҕа оҕолоро тоҕо да буор сир уйбат муҥар түбэспиттэрэ буолуой?!
Оҕо сылдьан истибит ынырык кэпсээннэрэ өйтөн сүппэттэр. Үгүлээккэ аччыктаан өлбүт дьону сиилэс ампаарыгар көмөллөрө. Даарыйаттан эрэ аҕа ыалларын кыыһа, убайа аччыктаан өлбүтүн, аҕата уолун сүгэн киһи уҥуохтарын диэки барбытын кэпсээбит. Ону Аана: «Оо, дьэ, маһа суох» — диэбитин өйдүүр.
«Сэрииттэн аҥаар атаҕа суох Аана Дьөгүөрүн Сахаара кэлбитэ. Сахаҕа бөдөҥ, чэгиэн да бэйэлээх этэ, атаҕынан кыанар да этэ.
Ол Сахаар кэпсииринэн, сэриигэ уотунан уһуурар улахан сэптэр үйэ тухары үүммүт сүүнэ мастары от курдук быһыта охсон түһэрэллэр, кинилэр уһуутаабыт уоттарыттан хоруорбут сиргэ көлүйэ саҕа дьөллөрүттэҕэс баастар үөскүүллэр. Оннук сэптэр ытыалаатахтарына, таас дьиэ биирдэ ньимис гынар. Дьэ, өлүү! Ол үлүгэргэ инчэҕэй эттээх хайдах тулуйан сылдьыай?
Ол аата биһиги боотурдарбыт үөдэн түгэҕэр адьарай биистэрин кытта сэймэктэһэллэр дуо? Олоҥхоҕо эрэ итинниги истиллээччи», —диэн былыргыны санаан, эбээ Даарыйа муҥатыйар.
Эбээ Даарыйаттан сэрии кэмигэр “саамай өйдөөн хаалбыт түгэниҥ” диэн ыйыппыппар манныгы кэпсээтэ: «Таайбын 1944 сыл саас сэбиэт Суоппуйа тиэйэн аҕалбыта. Бааһыран, буомуран, ыалдьан, сэрииттэн босхоломмута. Бүлүүгэ кэлбитигэр, «чулуу булчут киһини эмтээҥ» диэбиттэр, харчы биэрбиттэр, ону “дьонум иэдэйдэхтэрэ” диэн Бүлүүгэ тохтообокко, дойдутун булбут.
Мин кыбыыга түһэр туллуктарга доҕуур иитэн бодьуустаһабын. Дьонум үлэлэригэр. Дьиэҕэ сэрииттэн инбэлиит буолан кэлбит таайым уонна кырдьаҕас эбэм бааллар. Мин дьиэм диэки бараары хаары оймоон суолга тахсан истэхпинэ, үрдүбэр кынат тыаһа тирилээтэ. Көрө биэрбитим, балаҕан кэннинээҕи тыаттан сүүнэ улар көтөн сапсынан бөҕө иһэр. Үөһэттэн улардааҕар кыра көтөр сурулаан түһэн, нэһиилэ ыадастан көтөн иһэр да буоллар, улары тэбэн түһэрдэ. Куота сатаабыт улар төбөтүнэн хойуостан, түҥ-таҥ барда, миигиттэн чугас сууллан түстэ. Мин соһуйан да, куттанан да, саҥа аллайбытынан, куотуох курдук буоллум. Арай көрбүтүм, кыра көтөр булдун ылбата, көтөн баран хаалла. Улар хамсаабат. Мин сэрэнэн-сэрэнэн сытар көтөргө чугаһаатым, ыраахтан туран талаҕынан анньыалаан көрдүм. Улар хамсаабат, өлбүт.
Улары моонньуттар ылан, сүгүөх курдук өрө тартым, кыаллыбат. Хайдах илдьэрбин билбэтим. Таайым ыалдьа сытар, сэниэтэ суох, эбэм эрэйдээх хараҕа суох. Мин ыстааммын бөрдүү бааммыт ситии быабын сүөрэн, көтөрү моонньуттан баайдым уонна соһон бардым. Быам сөллөн хаалар, ону хаттаан баайабын. Өр бодьуустаһан аҥаар илиибинэн көтөрбүн соһон, аҥаарбынан ыстааммын бобо тутан, тиритэн-хорутан дьиэм ааныгар, дьэ, кэллим.«Ааҥҥытыын!» – диэн хаһыытаатым.
Эбэм үөрэн бөҕө буолла: «Байанай биэрдэҕэ өлгөмүн! Бу мантыҥ алталаах лөгөй байанайыгар тэҥнээх». Биэстээх Даарыйа кыыс таайын көтөрүнэн мииннээн, тыынын салҕаатаҕа. Оннук, булчут киһиэхэ сирэ-дойдута, айылҕата да биэрэрэ күүстээх, аналлаах курдук.
Даарыйа 1945 сыллаахха, алта сааһыгар, эдьиийин сайыһан, оскуолаҕа киирэр. Дьоно кинилэри үөрэттэрээри, балаҕан туттан, Үгүлээт дэриэбинэтигэр көһөллөр. Сэрии кэннэ олох бытааннык көммүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэн кэлэн баран, аччык оҕолор хохтуну, хаппыт мундуну үчэһэҕэ үөлэн, уокка сырайан сиэн, киэһэ дьоннорун үлэттэн кэлэллэрин күүтэллэр.
Улуу сэрии сылларыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх Анна Николаевна Тетелева, Василий Степанович Тетелев, Семен Николаевич Тебенов таптаан, иитэн таһаарбыт туйах хатарааччылара үлэһит дьоҕурдаах үтүө удьуор утумун салҕаан, дьонун үтүө ааттарын үйэтитэн, биллэр ааттаах-суоллаах киһи киһитэ буолан олорор, оҕотун-уруутун олох үөһүгэр сылдьарга уһуйар.
Ааптар: Диана Каменева, VII “Б” кылаас, 2 №-дээх оскуола (салайааччы М.С.Тебенова).