Сайдыы эйгэтин тэрийэргэ оҕо саас төрүт уратытын тутуһуу
(Үлэ уопутуттан)
Оҕо саас төрүт уратыта. Сааһынан өй-санаа ситиитэ-хотуута. Бу төрүт ураты сайдыы эйгэтин тэрийэр, салайар үлэлээх…
Оскуола сүһүөхтэринэн көрдөххө, «Өй-санаа» уонна «Дьарык» эйгэтигэр бу курдук «ситии-хотуу» хаамыыта маннык «тиһиллэр»:
I сүһүөх. Оҕо тус бэйэтин киһи (омук) быһыытынан тус өйдөөх-санаалаах сыаннас быһыытынан ылыныыта:
— эйгэ иһигэр бэйэтэ тус санаалаах-көрүүлээх буолуутун өйдөөһүнэ;
— «тугу-кими»— барытын өйдөөн-төйдөөн ылыныыта;
— үөрэнээччи буоларын «тутан» бэйэҕэ ылыныыта;
— тус бэйэтин дьарыгын тэрийэргэ маҥнайгы үөрүйэхтэри бэйэтигэр сыһыары тутуута.
II сүһүөх. Оҕо тус бэйэтин олохтон үөрэнэр үөрэнээччи быһыытынан эйгэҕэ сыһыан үөрүйэҕин, о.э. майгы-сигили сатабылыгар үөрэниэхтээҕин билиниитэ уонна сайыннарыыта:
—эйгэҕэ тус бэйэни билинии уонна эйгэҕэ бэйэни «киллэрии» тыынын тутан ылыыта;
—эйгэҕэ тус бэйэтин интэриэһин уонна кыаҕын билинэр кута уһуктуута;
—сыһыан эйгэтигэр бэйэтин ис чиҥин, дьоһунун тургутан көрүүтүн үөскээһинэ уонна тыллыыта;
—олох сыаннастарын бэйэҕэ бэрийэн көрөн ылыныыта.
III сүһүөх. Оҕо тус бэйэтин олохтон үөрэнэр үөрэнээччи быһыытынан ылыныыта уонна дьоһуннук сайдыы кирбиитигэр киириитэ:
—эйгэ иһигэр тус бэйэ талан ылар көҥүллээх уонна быһаарыылаах буолуутун бэйэҕэ иҥэрии;
—киһи «көҥүл кынаттаах» буолуутун тутан ылыы;
—тус бэйэни бэйэ дьайтан, кутталтан босхолооһунун өйдөөн-төйдөөн ылыныы;
—олоххо тус бэйэ соруга «ситиһии» буоларын өйдөөһүн уонна онно дьулуһууру ситиһии;
—тус бэйэни салайар олох сүнньүн, кини салайар тыынын тобулан өйдөөһүн уонна тутуһуу.
Бу үөһэ этиллибит оҕо киһи быһыытынан ситиитин-хотуутун хаамыытыгар сөп түбэһэр сайдыы эйгэтэ тэриллибитэ. Ол сүрүннүүр өйдүөтэ: оҕону оҕоҕо төнүннэрии, омугу омукка төнүннэрии.
Тосхоло: Оҕо өйүн-санаатын тус бэйэтэ сайыннаран, Таптал, Махтал, Эрэл санаа кынаттаах көҥүл саха киһитэ буола үүнүүтэ.
Сүрүн баһылыыр балаһыанньа:
- Оҕо тус бэйэтин көөрөлөппөккө улаатарын хааччыйар омук майгыннаах эйгэни тэрийии;
- Оҕо бэйэтин уратытын өйдүүрүн тэрийии;
- Оҕо бэйэтин уонна бэйэтин дьарыгын сөпкө тэрийэр, сыаналыыр ис кыаҕын уһугуннарыы;
Оҕо сайдыытын хааччыйар балаһыанньа:
1) Оҕо бэйэтэ тус толкуйдаах, дьиҥ өйдөөх буолуута «көҥүллэнэр»;
- Оҕо үөрэнэр тиһигин талан ылыыта.
Оҕону кутталтан босхолуур балаһыанньа:
- Оҕо бэйэтин тэтиминэн үөрэниитэ;
- Оҕо ханнык баҕарар түгэҥҥэ бэйэтин билинэн салайыныыта;
- Оҕо атын оҕолор уратыларын уонна дьарыктарын сөпкө сыаналаныыта.
Учуутал өттүттэн сорук: Оҕону «киһи (омук) быһыытынан» ылыныы: сааһынан, тус уратытынан.
Учуутал «үлэтэ»: учуутал – кыттааччы, көмөлөһөөччү.
Бу курдук анаарыы түмүгэр өйбүт-санаабыт уларыйан, биһиги тутан ылбыт өйдүөбүт: оҕобиһигиттэн, улахан дьонтон көрдүүр, баҕарар ирдэбилэ – Мин тус бэйэм чопчута кэһиллибэккэ чөл буолуута уонна Үрдүк аналлаах олох Улуу ситимин олохтуура.
Биһиги саныахпытыгар, мантан ордук Үрдүк Сорук суох. Ол иһин оҕо кута-сүрэ уйаланан-дуоһуйан, астынан, киһи-хара-буолар кэскилин түһэрсэр санааттан оҕо сайдар сокуонун тутуһан, бу курдук өйдөөх-санаалаах эйгэни тэрийэргэ быһаарыммыппыт (Көр: В.Е.Степанова «Бэйэни сайыннарыы»: учууталга аналлаах пособие, -Дьокуускай: Бичик, 1999 — 96 с. С. 36.) Эйгэ сүрүн уратыта – оскуола үс сүһүөҕүн «үлэтин» тутуһуу. Ити туһунан, уйулҕа үөрэҕиттэн, сайыннарыылаах үөрэх өйдүөтүттэн уруккуттан бары билэбит гынан баран – ол оскуола аанын аһан киирэ илигэ эмиэ биллэр.
В.Е.Степанова, философия билимин кандидата. /«Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии» кинигэ. 25-27 сс./ В.Е.Степанова. – Дьокуускай: Бичик, 2017. – 176 с. (Сайдыы саҕахтарын арыйан)./
Аграфена АРЖАКОВА,
А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия «Сэргэлээх» лаборатория оскуолатын учуутала.