Оскуолаҕа Саҥа Дьыллааҕы харыйа бырааһынньыгар биһиги, 2 «б» кылаас оҕолоро, Ганс Христиан Андерсен «Снежная королева» остуоруйатын көрдөрбүппүт. Үҥкүүлээбиппит, ыллаабыппыт. Мин кыракый разбойница буолбутум. Саамай үчүгэй маскарад иһин грамота ылбытым. Маҥнайгы учууталбыт Туйаара Николаевна Посельская туйгун уонна үчүгэй үөрэхтээх оҕолорго грамота туттарбыта. Мин үчүгэй үөрэнээччи буолан грамота ылан олус үөрбүтүм. Тымныы Моруос оҕонньор минньигэс бэлэҕинэн оҕолору барыларын күндүлээбитэ.
Ахсынньы 31 түүнүгэр биһиги дьиэ -кэргэнинэн толору астаах сандалыбыт тула олорон ааспыт сылга ситиһиилэрбитин, кэлэн иһэр сылга былааннанарбытын, баҕа санаабытын үллэстибиппит, бэлэхтэрбитин бэрсибиппит.
Кыһыҥҥы сынньалаҥмытын туһалаахтык атаараары, З.А. Тихонова аатынан Намнааҕы оҕо түөлбэтэ ыытар бэрт интэриэһинэй «Кидбург» диэн тэрээһинигэр тохсунньу 4 күнүгэр эбиэттэн киэһээ эдьиийдэрбин Алялыын уонна Аниталыын сылдьыбыппыт. «Юный краевед» салайааччыта, учууталбыт Надежда Ивановна Семенова биһигини олус үөрэн көрсүбүтэ уонна бастакы квест-оонньуубутугар «Создание прически» буолар кабинекка киллэрбитэ. Биһиги дьиэбититтэн эрдэттэн бэлэмнэнэн тараах, заколка аҕалбыппытынан бэйэ бэйэбитигэр баттахпытын тараан, прическа өрөргө үөрэммиппит. Мин баттахпын эдьиийим Аля уруккуттан өрөөччү. Иккис маастар кылааска биһиэхэ смузи оҥорор рецепт туһунан кэпсээбиттэрэ. Биһиги дьиэбитигэр кэлэн оҥорон испиппит, наһаа минньигэс этэ. Төрөппүттэрбит саҥа сатабылларбыппытыттан үөрбүттэрэ, хайҕаабыттара.
Оҕолору кытта оонньоон, күрэхтэһэн саҥаны билэн -көрөн сынньалаҥмытын туһалаахтык атаарабыт.
Оля Находкина
Мин Хамаҕатта Саха-французскай лицейин 5″а» кылааһыгар 4-5 сыанаҕа үөрэнэбин. Нам орто оскуолатыгар начальнай кылаастарга үөрэнэр эрдэхпиттэн З.А. Тихонова аатынан Нам оҕо түөлбэтигэр «Юный краевед» куруһуокка Надежда Ивановна Семенова салайыытынан дьарыктаммытым. Элбэх научнай-практическай конференцияларга, доклад ааҕыытыгар, хоһоон күрэҕэр кыттаммын элбэх грамота, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туппутум. Начальнай оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Самый лучший исследователь» анал аат ылбытым.
Саргылаах саҥа дьыл бырааһынньыктарын дьон бары олус долгуйа кэтэһэр.
Ахсынньы ыйга төрөөбүт буоламмын бу ый миэхэ олус күүтүүлээх, долгутуулаах. Дьиэбитигэр мин төрөөбүт күммэр ахсынньы 16 күнүгэр биһиги дьиэбитигэр харыйабытын симээн туруорааччыбыт. Тымныы Моруос оҕонньорго сурук суруйан ыытабыт.
Лицейгэ киириэхпиттэн мин интернакка олорор буолбутум. Онно элбэх оҕолору кытта билсиспитим, баспытааталларбыт, интернат үлэһиттэрэ биһиэхэ наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһаллар, барытын быһаараллар, уопсай сиргэ сылдьар быраабылалары тутуһарга үөрэтэллэр, интернакка олус минньигэстик аһаталлар, улахан кылаас оҕолоро биһиэхэ баһаатайдыыллар. Интернаппыт саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын оҕолор бэйэбит сценарий толкуйдаан, залбытын уруһуйдарбытынан киэргэтэн олус бэлэмнэммиппит.
Биһиги хоско бииргэ олорор кырныттарбынаан Күннэйдиин, Амелиялыын, Аиналыын, Даиналыын, Сандаралыын «Три кота» мультик геройа буолбуппут. Мин китаянка куоска буолбутум. Сценка оонньоон көрдөрбүппүт. Үһүс миэстэ ыламмыт бэлэх туппуппут.
Хамаҕаттаҕа мин өссө фортепианоҕа музыкальнай оскуолаҕа дьарыктанабын. Онно эмиэ саҥа дьыллааҕы утренник буолбутугар сылдьан ыллаан-туойан, хороводтаан, Тымныы Моруостан эҕэрдэ уонна минньигэс бэлэх ылан тарҕаспыппыт.
Лицейбит биэчэрэ наһаа үчүгэйдик ааспыта. Кылааһынан «Простоквашино» мульткиинэни көрдөрөн, 1 миэстэ буоламмыт олус үөрбүппүт — көппүппүт. «Конкурс музыкальных пародий» Хабиб диэн ырыаһыт толорор «Ягода -Малинка» диэн ырыаны ыллаан, үҥкүүлээн көрдөрбүппүт. Мин онно нуучча сарафаннаах, кокошниктаах кыыс буолбутум. Кылааспытын бэйэбит киэргэппиппит. 2023 сыл кытайлар халандаардарынан Кролик сыла буоларынан мин дьиэбиттэн тыыннаах кроликпын клеткаҕа аҕалбыппын оҕолор бары олус интэриэһиргээн көрбүттэрэ, аһаппыттара.
Дьиэбитигэр саҥа дьылы олус үчүгэйдик көрсүбүппүт. Куораттан мин ийэм бииргэ төрөөбүт балта дьиэ -кэргэнин кытта кэлэн ыалдьыттаабыттара.
Тохсунньу 4 күнүттэн Е.А. Тихонова аатынан Оҕо түөлбэтин киинэ тэрийэр «Кидбург» диэн квест быһыытынан ыытыллар тэрээһиннэргэ сылдьан элбэҕи биллим көрдүм. Түөлбэҕэ тыыннаах уголокка эмиэ элбэх кроликтар баалларын көрөн үөрбүтүм, аһаппытым, имэрийбитим. Түөлбэ бары үлэһиттэригэр махтанабын, саҥа дьылга бары үчүгэйи, кэрэни, сырдыгы баҕарабын.
Анита Находкина