Бу күннэргэ эдэр кэрэспэдьиэннэр нэһилиэкпит баһылыгын Серафим Александрович Винокуровы кытары көрсүстүбүт. Кини ыйытыыларбытыгар хоруйдууругар көрдөспүппүтүгэр улгумнук сөбүлэстэ. Баһылыкпыт эдэрчи, эйэҕэс майгылаах, сытыы-хотуу киһи. Бу балаҕан ыйынааҕы быыбарга Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин баһылыгынан иккис болдьоҕор талылыллан үлэлээн эрэр.
Серафим Александрович нэһилиэкпит саамай биллэр уратыта диэн Сата уустарын бэлиэтээтэ. Хаҥаластар өбүгэлэрин – тимир уустарын дьарыктарын утумнаан, тимир уһаарыытын сөргүтэн, үлэ бара турарын туһунан эттэ. Үстэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уус фестиваллара ыытыллыбыттарын, олохтоох Сата тааһыттан ылыллыбыт тимири уһааран, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн былыргы үгэһинэн «рудоплавканы» Саха сиригэр тарҕата сылдьабыт диэн тоһоҕолоон кэпсээтэ.
Баһылык нэһилиэккэ турар сытыы кыһалҕалар элбэхтэрин эттэ. Чуолаан, эдэр ыччат тыаҕа олохсуйбат буолуутун ыйда. Эдэр ыччата суох — норуот кэскилэ суох. Ол быһыытынан нэһилиэккэ үлэ миэстэтин таһааран, ыччат Хаҥаласка олохсуйарын курдук усулуобуйа тэрийиэхпитин наада диир. Киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьыбакка, эдэр дьон туһалаах идэни ылан, төрөөбүт нэһилиэктэригэр кэлэн олохсуйалларын олус баҕарарын эттэ. Билигин тыа сиригэр элбэх уһуйаан, оскуола тутуллар, кинилэр оҕонон толору буолуохтаахтар. Онон нэһилиэк инники кэскилэ — ыччата буолар. Баһылык киһи бастыҥ хаачыстыбаларынан Серафим Александрович эппит тылыгар турууну уонна дьону кытта алтыһар үөрүйэҕи эттэ.
Дьэ, бу курдук, биһиги биир күһүҥҥү күн олохтоох салалтаҕа сылдьаммыт баһылыкпытын кытары сэһэргэстибит. Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннас күнүн көрсө бэртээхэй көрсүһүү буолан биэрдэ.
Татьяна ИВАНОВА, 10 кылаас, «ЫЛЛЫК» пост Ньурба, Хаҥалас.