Кэбээйи улууһун Мукучутугар үлэнэн Албан аатырбыт биир дойдулаахпыт, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта Семен Гаврильевич Жирков төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһин чэрчитинэн Күүлэй муҥха Лаачыма эбэҕэ буолла.
Биһиги муҥхаһыт Фомин Г.С. муҥхатыгар сыһыарыллан сырыттыбыт. Муҥхаҕа кырабыттан сылдьабын эрээри, саамай бастаан уот оттон, сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан муҥха тойоно алгыс анаабытын олус астына көрдүм. Сир-дойду бэйэ-бэйэтиттэн, киһиттэн эмиэ ситимнээх диэн итини этэн эрдэхтэрэ…
Эбэбит күндүлээтэ. Балыкпытын эһэн баран, кэннибитин хайыһан көрбүппүт киһи бөҕө турара. Бука барыбытыгар тиийдэ, ыалдьыттарга, бэтэрээннэргэ, сэриигэ сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр диэн барытын үллэрдилэр.
Байанайдаах муҥхаҕа сылдьан, бары сэмээр үөрэн, астынан тарҕастыбыт.
Айсен Местников,
И.Е.Левин аатынан
Танара орто оскуолатын XI кылааһын
үөрэнээччитэ “Арылы” пресс-бөлөх.