2007 сыллаахха “Кэскил” (“Бэлэм буол”) Бочуоттаах эрэдээктэрэ Нина Протопопова “Секлетея Алексеевна Курчатова” диэн кинигэни суруйбута. «Бэлэм буол» хаһыат сэрии кэннинээҕи бастакы эрэдээктэрэ С.А.Курчатова олоҕун, үлэтин кэрдиис кэмнэрин, кини чугас доҕотторун, аймахтарын туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан кинигэҕэ сырдаппытыттан быһа тардыылары бэчээттиибит. Маны таһынан, Секлетея Алексеевна туһунан кини тастыҥ балта Эльвира Егоровна Сабардахова ахтыытын «Бэлэм буол» сурунаалбыт балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.
Үс уоллаах Секлетея Ивановна Курчатова Баатаамтан Маачаҕа көһөн кэлэн олохсуйар. Бу – биһиги кэпсиир Секлетеябыт эбэтэ этэ. Онон бастаан эбээ Секлетея туһунан сырдатыахха.
Секлетея үс уолаттарын аҕалара Трофим диэн аата эрэ биллэр. Улахан уола Алексей Трофимович 1897 с. төрөөбүт. Иккис уол Хатырык диэн хос аатынан биллэр. Үһүс уол, Илья, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, өр сылларга дойдутугар учууталлаабыта, 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин бастыҥ активиһа этэ. Маачаҕа олорон, Секлетея Ивановна Сунтаартан төрүттээх Семен Иванов диэн киһиэхэ иккиһин кэргэн тахсар. Киниттэн үс уолланар, биир кыыстанар. Уолаттара улаатан, сүһүөхтэригэр туран барбыттара. Онон эмээхсин сүөһү-ас тутар, бурдук, хортуоппуй, оҕуруот аһа үүннэрэр сиргэ олохсуйар санааҕа кэлбитэ.
Инньэ гынан биэс уол, биир кыыс ийэлэрин кытта сүбэлэһэн, болуот оҥостон, малларын тиэнэн, дьол көрдөһө Өлүөнэ долгуннарыгар уйдаран, сүүрүк хоту түһэ турбуттара. Куду Бэс диэн кыракый дэриэбинэ анныгар кэлэн болуоттарын кытылга астараллар. Уолаттар тахсан дэриэбинэни кэрийэн көрөллөр, аҕыйах ыаллаах, олус үчүгэй сирдээх-уоттаах, айылҕалаах, киһи кутун-сүрүн тардар, олохсуйуохха сөптөөх дойду эбит диэн быһаараллар. Онон бу кытылга сүөкэнэллэр.
Дьэ, ити курдук Секлетея эмээхсин оҕолорунуун Куду Бэскэ олохсуйан, Курчаатаптар аҕа уустарын төрүттээбитэ. Курчаатаптар бурдук ыһаллара, хортуоппуй, хаппыыста, оҕуруот аһын олордоллоро, сүөһү туталлара.
Улахан уол Алексей Трофимович Татьяна Афанасьевнаны Слепцованы кэргэн ылан, кинилэртэн эбэтин аатын сүкпүт Секлетея Алексеевна төрүүр. Курчаатаптар үлэлээн айахтарын да тэринэллэрэ, кэмигэр сынньанары да сатыыллара. Иллэҥ кэмнэригэр Алексей Трофимович хормуоскатын тардан кэбиһэрэ, нуучча народнай ырыаларын, үҥкүүлэрин (тустеп, краковяк, кадриль) оонньуура. Кэргэнэ, Татьяна Афанасьевна Слепцова, частушкалыы-частушкалыы үҥкүүлээн дайара. Курчаатаптар оҕолорун кыраларыттан ырыаҕа, үҥкүүгэ, музыкаҕа сыһыарбыттара…
1944 сыллаахха Секлетея тохсус кылааһы бүтэрэн баран Горнай Бэрдьигэстээҕэр онус кылааска үөрэнэ барар. Онно аҕатын балта Мария Семеновна олорор.
Секлетея 1945 сыллаахха, быраас буолар баҕалаах, Дьокуускайга киирбитэ.”Үлэлээбит эрэ дьону медицинскай институкка ыытабыт” диэн чугаһаппатахтар. Кыысчаан улаханнык толкуйдуу барбакка, пединститут филологическай факультетыгар киирбитэ. Институкка чэпчэки атлетиканан уонна хайыһарынан дьарыктанан, 1946 сылтан хайыһарга республика чемпиона буолар.
Пединституту бүтэрэн баран, Секлетея Алексеевна Дьокуускай 2 нүөмэрдээх оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан ананар. Манна биир эрэ сыл үлэлээбитэ. 1951 сыл балаҕан ыйыгар кинини комсомол горкомун оскуолаҕа секретарынан талаллар. Ыччат ортотугар оргуйар үлэ хаба ортотугар: пионер сүлүөттэрин ыытан, эдэр мичуринецтары түмэн, турист оҕолору кытта толоон, ойуур устун айаннаан, эдэр техниктэри куоталаһыннаран, кыһыл хаалтыстаах оҕолору ыллатан-үҥкүүлэтэн, сүүрдэн, хайыһардатан, үгүс үлэни тэрийэн ыытан – комсомол төлөннөөх сыллара элэс гынан ааһа охсубуттара. Комсомол кыһатыгар чочуллубут үлэһит кыыһы партия обкомугар инструкторынан анаабыттара.
1957 сыллаахха олоҕун аналын Петр Дмитриевич Ефимовы көрсөн ыал буолаллар. Үөһээ Дьааҥыга биир сыл олорбуттарын кэннэ, кэргэнин Бүөтүрү ДОСААФ уобаластааҕы Советын бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара, онон Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ.
1958 сыллаахха Секлетеяны «Бэлэм буол» пионер хаһыатын редакторынан аныыллар. Кини бу хаһыаты тула үгүс үтүө дьону үмүрүччү тарпыт үтүөкэннээх киһи, салайааччы буолбута.
Партия обкомун салайааччылара тэрийэр дьоҕурдаах саха дьахтарын С.А.Курчатованы партия Мирнэйдээҕи горкомун секретарынан талбыттара. Онон кэргэнин, оҕолорун, ийэтин илдьэ Мирнэйгэ көспүтэ. Алмаас промышленноһын туругурдууга 13 сыл үлэлээбитэ. 1973 сыл кулун тутар 5 күнүгэр С.А. Курчатованы Радионан уонна телевидениенэн биэрии Комитетын бэрэссэдээтэлинэн аныыр туһунан партия обкомун бюротун уурааҕа тахсыбыта. Онно Секлетея Алексеевна 16 сыл үлэлээбитэ.
Ити киэҥ эйгэлээх, өй-санаа күүрүүтүн, тэрийэр дьоҕур түмүллүүтүн эрэйэр үлэтин сэргэ кини республика таһымнаах улахан общественнай үлэни-хамнаһы санныгар сүгэрэ. Саха АССР үс ыҥырыкка депутат этэ. 17 сыл устата дьахталлар Республикатааҕы Советтарын бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээбитэ. Сэрии уонна үлэ ветераннарын куораттааҕы Советын бэрэссэдээтэлинэн туох баар дууһатын сылааһын, этэр-тыынар кыаҕын ветераннар олохторун чэпчэтэргэ анаан, уостубат төлөнүнэн, уҕараабат эрчиминэн үлэлээбитэ. Олоҕо барыта – дьон туһугар этэ. Ону билинии биир бэлиэтэ – киниэхэ саха сүүнэ дьахтара Софья Петровна Сидорова аатынан Знагы туттарыы буолар.
Бу төлөннөөх сүрэхтээх киһи олоҕун биир өттүттэн көрдүбүт. Баар ээ кини олоҕун иккис өттө: оҕо, кэргэн, ийэ, эбэ, эдьиий, балыс, уруу-аймах быһыытынан иэһин төлөөһүнэ, эбээһинэһин толоруута, киһилии кэрэ сиэринэн кыһамньыта, болҕомтото…
Секлетея Курчатова төрүччүтэ
Эбэтэ – Секлетея Ивановна Курчатова, эһэтэ – Трофим (толору аата биллибэт). Эбэтэ бастакы (ити Трофим диэн) кэргэниттэн Алексей (1897 с.т.), Илья диэн уолаттардаах, өссө ортоку уол хос аата эрэ биллэр – Хатырык диэн. Иккис (Сунтаартан төрүттээх Семен Иванов) кэргэниттэн үс уолланар, биир кыыстанар.
Секлетея аҕата – Алексей Трофимович Курчатов (Аҕа дойду сэриитин хонуутугар Калининградка охтубут) , ийэтэ – Татьяна Афанасьевна Слепцова.
Кинилэр оҕолоро, Секлетея бииргэ төрөөбүттэрэ: Михаил (оҕо сааһыгар өлбүт), Секлетея бэйэтэ, Валентин (оҕото Евгений, өлбүт), Василий (оҕо сааһыгар өлбүт), Анна (оҕолоро — Мария, Алексей, Ньургун, Татьяна, сиэннэрэ — Марияттан Иван, Алексейтан Диана, Ньургунтан биир уол, Татьянаттан икки кыыс), Николай (кыргыттара — Анна, Лида Саха сириттэн көспүттэр), Алексей (оҕолоро Юра, Люда, Секлетея).
Секлетея кэргэнэ — Петр Дмитриевич Ефимов.
Кинилэр оҕолоро – Дмитрий Петрович, Алексей Петрович.
Сиэннэрэ – Дмитрийтан икки кыыс, Алексейтан икки уол.