Исидор Барахов 1922 сыллаахха “Сэбиэскэй үлэһит ыйынньыга” диэн кинигэни В. Халдеев, С. Ваулин, А. Стефанюк оҥорбуттарын редакциялаан таһаартарбыта. “Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республика үөскээһинэ” диэн кииири тылы И.Н. Барахов суруйбута. Ыйынньык Саха АССР Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи сийиэстэрин көрсө, Саха сирин ситэриилээх уонна толоруулаах былаастара үлэлэрин туһумурдуур сыаллаах оҥоһуллубута. Саха сирин Сэбиэттэрин бастакы сийиэһин күнүгэр анаан бэрт ыксалынан оҥоһуллубута. Уокурук уонна нэһилиэк салайааччылара САССР административнай уонна хаһаайыстыбаннай аппарат үлэтин билсиһэргэ анаммыт.
Бу бэрт ураты ис хоһоонноох ыйынньык. Ол тугунан? Ыйынньыкка ситэриилээх уонна толоруулаах былаас эбээһинэстэриттэн, тугу үлэлииллэриттэн ураты өссө былаас үлэтин устуоруйатыттан кыракый бэлитээһиннэр бааллар.
Мантан салгыы киһи интэриһиргиир чахчыларын бэлиэтиэм.
Саха сирин КСКС (ЯЦИК) бүтэһик састаабыгар Ревком бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан И.Н.Барахов суруллубут.
Үөрэҕирии народнай комиссариатын эбээһинэстэрин, хаһан оскуолалар арыллыбытын кытта холбуу өссө 1922-23 үөрэх дьылыгар ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө бастакы ступеннаах оскуола — 36%, иккис ступеннаах -20%, оттон дьыссаат-50% аччаабыт. Ааспыт сылга дьыссаат 8 эбит. Ол аата 1923 сылга 4 эрэ буолан хаалбыт. Бу гражданскай сэрии охсуута буолара биллэр.
Саха сиригэр Кыһыл армия революционнай штаба диэн ааттаах бастакы сэбиэскэй байыаннай аппарат 1919 сыл ахсынньы 15 күнүгэр олохтоммут. Манна даҕатан байыаннай дьыала казактар Саха сиригэр кэлиэхтэриттэн баар буолбута диэнтэн саҕалаан кыракый устуоруйа суруллар.
1922 сыл 21 тэрилтэҕэ (предприятие аахсыллыбат эбит) сулууспалаахтар ахсааннара тохсунньу 1 күнүгэр -2017, онтон сэтинньигэ 802 буолбут.
Ыйынньык түмүгэр Саха сирин уобаластааҕы коммунистическай партия уонна профсозтар тэриллиилэрин кылгас устуоруйата, тутула, эбээһинэстэрэ суруллубут. “Холбос”, “Лензолото” үлэлэрин-хамнастарын туһунан чахчылар киирбиттэр. Салгыы араас атыы-эргиэн рекламалара бэчээттэммиттэр.
Туох барыта уруккуну билиигэ, үөрэтиигэ тирэҕирэн сайдар. Ыйынньык эмиэ урут хайдах этэй, билигин маннык буолла диэн бэрт интэриэһинэй чахчылары киллэртээбитэ аныгы ааҕааччыга кытта күн бүгүҥҥэ диэри туһалыы турар.
Семенова Евдокия Павловна, И. Барахов аатынан музей үлэһитэ.