Бу күннэргэ тапталлаах нэһилиэгим историятын уонна инникитин туһунан Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин баһылыгын Савва Иннокентьевич Даниловы кытта атах тэпсэн олорон ыйытыластым.
Кылгас справка:
Кировскай нэһилиэккэ 610 киһи олорор. Ол иһигэр 7 сааһыгар диэри оҕо ахсаана — 53, оскуола оҕото — 104, устудьуоннар — 32, ыччат — 72, пенсионер — 160. Быйылгы сылга 4 оҕо төрөөтө. Нэһилиэккэ 38 элбэх оҕолоох ыал, 1 тыыл ветерана, 52 инбэлиит (онтон 10-на оҕо), 70-тан үөһээ саастаах 42 кырдьаҕас олорор.
— Савва Иннокентьевич, үтүө күнүнэн! Нэһилиэкпит историятыттан интэриэһинэй чахчылары кылгастык сырдатыаххыт дуо?
— Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр Ийэ олоҥхоһуппут Николай Михайлович Тарасов 95 сааһын туолла. Кини үбүлүөйүгэр анаан нэһилиэкпит Ыһыаҕын ыспыппыт, күһүн киниэхэ аналлаах улахан тэрээһин улууска ыытыллыаҕа. Онтон нэһилиэкпитигэр интэриэһинэйэ диэн, саха норуодунай худуоһунньуга, муосчут Иван Федорович Мамаев биһиги нэһилиэкпитигэр төрөөбүтүн туһунан уонча сылтан бэттэх билэбит. Маны киэҥник тэнитэн, кини аатын үйэтитиигэ үлэ ыытыахпытын наада. Иван Федорович 2025 сылга 130 сааһын туолар. Уонна быйыл бары билэрбит курдук, художник-модельер Августина Николаевна Филиппова 75 сааһын туолар. Түгэнинэн туһанан, төрөөбүт нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин аатыттан «Хотугу сулус» уордьанынан наҕараадаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.
— Савва Иннокентьевич, нэһилиэккэ туох кыһалҕа, сытыы боппуруостар туралларый? Уонна ити боппуруостары кытта хайдах үлэлэһэҕитий?
— Нэһилиэкпит социальнай обьектара эргэрэн саҥардыыны эрэйэллэр. Ол курдук, кулууп, библиотека, спортзал, почта бары холбоһон Многофункциональнай киин тутулларыгар баҕа санаалаахпыт. Ону олоххо киллэриигэ бастакы хардыылары саҕалаатыбыт. Чааһынай киһиттэн уһаайбатын атыылаһан, эргэ объектарын көтүрэн, ыраастаан, сир таһаарыытыгар үлэни саҕалаатыбыт. Салыы бырайыак докумуонугар үлэлэһиэхпит.
— Улахан махтал, ситиһиилэри баҕарабыт.
Кэпсэттэ Антон АНДРЕЕВ,
Горнай улууһун Кировскай орто оскуолатын IX кылааһын үөрэннээччитэ,
медиа-оскуола кэрэспэндьиэнэ.
1
Hi gains ma’i names v Good boy