Кыракый эрдэхтэн ыллыахха,
Кыракый эрдэхтэн сырдыахха,
Ып-ыраас ыралаах буолуохха,
Ыраахтан ыраахха барыахха.
Кыракый эрдэхтэн айыахха,
Кыракый эрдэхтэн бастыахха,
Хоһуун кыыс, хоһуун уол дэтиэххэ,
Холобур көрдөрөн иһиэххэ.
Муус устар 26 күнүгэр Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Мы – дети нашей славной Республики Саха (Якутия)» Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт отчуоттуур кэнсиэрэ буолла.
Оҕолорбут, төрөппүттэрбит уонна уһуйааччыларбыт дьоҕурдарын, талааннарын, сатабылларын, сыллааҕы сыралаах үлэлэрин көрдөрөр отчуоттуур кэнсиэрэ олус сэргэхтик, кэрэхсэбиллээхтик ааста.
Кэнсиэрбит таһымын үрдэтэн «Айылҕаана» эбээлэр түмсүүлэрэ уонна төрөппүппүт Иван Федотович Иванов алгыстаан, тойуктаан арыйдылар. Кэнсиэрбит Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммытынан, дойдубутунан киэн туттарбытын бэлиэтээн «Ситик» оҕо тэрилтэтин уонна «Робокомп» куруһуок оҕолоро Саха сирин туһунан хоһоон ааҕан бу күн суолтатын өссө үрдэттилэр, өрөспүүбүлүкэбит былааҕын өрө тутан кэнсиэр ис хоһооно, сыала өссө күүһүрдэ.
Ол курдук кэнсиэрбитин чаҕылхай ырыанан киэргэттилэр «Хобби Арт» куруһуоктан Лева Тарасов уонна 4 «в» кылаас коллектива, “Волшебство красок” куруһуоктан Амила Тистяхова, «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара Дьулус Уранаев уонна “Ситик” оҕо тэрилтэтин лидердара. Айымньылаах, ситиһиилээх, сатабыллаах үлэни баҕаран туран төрөппүттэр ааттарыттан Антоева Наталья ырыа бэлэхтээтэ. “Сата Dance”, «Танцевальный MIX» куруһуок оҕолоро эрчимнээх үҥкүүнэн тэрээһини киэргэттилэр. “Кэрэли” муода студията уонна “Уран тарбах”, “Волшебство красок”, “Хобби Арт” кэрэчээн кыргыттара бэйэлэрэ айан тикпит таҥастарын, саптарын, көрдөрдүлэр. «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара уоттаах-күөстээх флешмоб үҥкүү көрдөрөн залга оҕолор тэҥҥэ үҥкүүлэһэн олус да астыннылар.
Кэнсиэрбитин иилэн-саҕалаан ыыттылар «Ситик» лидердара Хаарчаана Заворотная, Афоня Канаев уонна аан бастаан ыытааччы оруолугар сүрэхтэммит кырачааннарбыт Лияна Сысолятина уонна Саша Дьяконов.
Отчуоттуур кэнсиэрбитигэр кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, төрөппүттэрбитигэр, уһуйааччыларбытыгар уонна көрөөччүлэрбитигэр махталбыт муҥура суох! Кэскилбит, кэнчээри ыччаппыт – оҕолорбут сайдалларыгар күүс – көмө буолар таһаарыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үгүс оҕону түмэ, сырдыкка сирдии турдун!
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.