Гражданскай дьоруой Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай агро-хайысхалаах оскуолата «Сатабыл» бырайыагынан үлэлиир. Сылга 4 күн араас тиэмэлээх Сатабыл күннэрэ ыытыллаллар. Быйыл «Сатабыл» бырайыак күнэ саха дьоно кыстыкка киириитигэр ананна.
Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ 2-11 кылаастар уонна учууталлар бөлөхтөргө арахсан үлэлээтилэр. Бөлөхтөргө социальнай партнердар үлэлэстилэр. Шарфик тигиитигэр — норуот маастара Елена Николаевна Лукина, хаппыыста тууһааһыныгар — бастыҥ асчыт Анастасия Семеновна Кривошапкина, ыраас мууска — балыыһа лаборана Аэлита Владимировна Павлова көмөлөстүлэр. Барыта 11 бөлөх үлэлээтэ, хайысхалара — күрдьэх, сиппиир оҥоруута, тимир көлө, үтүлүк, шарфик тигиитэ, хаппыыста туһааһын, минньигэс отон, гайд оҥоруу, ыраас муус, бикипиэдьийэ уонна медиа-бөлөх.
Сарсыарда 9 чааска линейка кэннэ бөлөхтөрүнэн үлэлиир миэстэбитигэр тиийэн, бүгүҥҥү былааны билсиһэн баран саҕалаатыбыт. Ыраас муус бөлөҕө нэһилиэккэ баар күөллэр ууларын анаалыстаан, хантан муус ылыахха сөбүн быһаардылар, бикипиэдьийэ — кыстыкка киирии сиэрин-туомун, идэһэ туһунан билистилэр, саҥа тыллары биллилэр, күрдьэх оҥорооччулар мастарыскыайга үлэлээн бардылар, сиппиир бөлөҕө — тыаҕа талах быһа айаннаата, тимир көлөлөр — оскуолабыт суоппарын А.А. Терентьев гарааһыгар массыына итиини тутарыгар үлэлээтилэр, үтүлүк, шарфик тигээччилэр быһан мээрэйдээн, кырыйан, тигэн саҕалаатылар, гайд бөлөх араас маҕаһыын сыанатын ырытан оҕо, улахан киһи кыһыҥҥы таҥаһын сыанатын быһаардылар, сыананы билэн сөхтүлэр. Биһиги медиа-бөлөхпүт бары бөлөх үлэлэрин устан, түмүккэ видео оҥорон таһаарыахтаахпыт. Ол курдук үлэлээн, 1 чаас түмүктээн, хас биирдии бөлөх отчуоттаата, презентация көрдөрдө. Онтон түмүккэ биһиги оҥорбут видеобытын көрдөрдүбүт.
Бу күн туһалаах, элбэххэ үөрэтэр-иитэр күн буолла. Саха ыала кыстыкка киириитэ элбэх үлэлээҕин, бэлэмнээҕин биллибит. Маннык бэлэмнэннэхпитинэ эрэ 8 ыйдаах кыһыммытын этэҥҥэ туоруурбутун өйдөөтүбүт.
Валя Спиридонова, «Кустук» медиакиин, Хаптаҕай орто оскуолата.