Хомус — өбүгэбит дьоһун бэлэҕэ. Сэтинньи ый 30 күнэ — Саха сиригэр Хомус күнэ.
Лыҥкынас куоласкынан
Ырыаларын ыллыктаар
Хоҥкунас ырыаҕынан
Хоһооннорун холлотоор
Кэҕэ чуораан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр.
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй.
Сахабыт сиригэр сэтинньи ый 30 күнүгэр сыллата Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Өбүгэлэрбититтэн бэриллибит ыллыыр чыычаахтаах саха этигэн хомуһа, кини сүрэҕи сүүдүтэр дьүрүскэн тыаһа саха дьонугар эрэ кэрэхсэммэккэ, аан дойдуга тарҕанан олорор араас норуоттар түһүлгэлэригэр, өрөспүүбүлүкэ ыытар улахан тэрээһиннэригэр норуоттары ситимниир, түмэр дьылҕаламмыта хас биирдии саханы үөрдэр.
Бу туһунан биир дойдулаахпыт бөлөһүөк, философскай наука дуоктара, “Хомус” диэн аан дойдутааҕы музейын олохтоспут Ксенофонт Дмитриевич Уткин маннык суруйбуттааҕа — “Саха хомуһа ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда”, — диэн.
Хаҥалас нэһилиэгэр саха хомуһун, быһаҕын оҥоһуутун өбүгэ бэлэҕин курдук ылынан, Сата тимир уустарын уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын, кистэлэҥнэрин сөргүтэн уонна сайыннаран утумнаахтык үлэлэһэ сылдьар киһиннэн биир дойдулаахпыт, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара бэлиэлээх нэһилиэкпит киэн туттуута буолбут Ариан Васильевич Афанасьев-Арыйаан Уус буолар.
Кини 1965 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр нэһилиэк туруу үлэһит ыала Афанасьев Василий Степанович уонна Петрова Ирина Ивановна дьиэ кэргэнигэр 3-с оҕонон төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата үйэлэригэр улуус тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга олохторун анаабыт, үрүҥ-хара көлөһүннэрин тохпут, боччумнаах кылааттарын киллэрбит дьон этилэр. Аҕата Баһылай үлэтиттэн быыс булла да, маһынан уһанара.
Ариан орто оскуоланы 1983 сыллаахха бүтэрэн, 1984 с. ытык иэһин төлөөн Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр Монголия республикатыгар сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлээт «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн бачыымы өйөөн Ньурба оройуонугар биир бастакынан эр дьон биригээдэтин тэринэн, биэс уол буолан икки сылга дуогабар түһэрсэн, «Марха» совхоз Хаҥаластааҕы отделениетыгар ыанньыксыттыы тахсыбыттара. Хара үлэҕэ сыстаҕас, ийэтин кытта тэҥҥэ ынах ыырга илии-атах буолан көмөлөһөн улааппыт уол улаханнык таһаҕас оҥостубакка үлэлээннэр, биир ынахтан үүтү ыаһыҥҥа бэйэлэрин кэмнэригэр сөптөөх үрдүк көрдөрүүнү ситиспиппиттэрэ. Арыйаан ол кэмтэн төрөөбүт дойдутуттан халбарыйбакка, эр киһи сиэринэн, мас олордон, дьиэ-уот тэринэн, ыал буолан олохсуйбута.
Улуу Суорунтан оҥоһуулаах, Кудай Бахсыттан сыдьааннаах Сата уустарын төрүт түөлбэтигэр Хаҥалас Сататыгар 9 көлүөнэ уустар олорон ааспыттарын туһунан сурукка киирбитэ. Ноноокко, Сыраан, Дорҕоон уустартан тардыылаах, төрдүгэр хааныгар уус удьуордааҕын утумнааҕын кэмигэр өйдөөн ылынан, Ариан Васильевич 1994 сыллаахха Ньурба маастара Иванов Евгений Ионович диэн көмүс ууһугар, көмүс кутарга үөрэммитэ. Ол кэмтэн сыстан-ылсан, дьикти ураты дьарыгы сөбүлээн дьэ уһаммытынан барбыта.
Саталар ааспыт үйэ бастакы аҥарыгар диэри тимири олохтоох рудаттан уһааралларын истэн сэҥээрэн, элбэх литератураны хасыһан ааҕан үөрэтэн, 2000 сылтан кинилэр ньымаларынан ылсан уһааран көрөргө саха быһахтарын охсон көрөргө санаммыта. Билигин бу дьарыгын идэ гынан, саҥаттан-саҥа састааптаах тимирдэри баһылаан оҥоһуктарын сиэдэрэй, бөҕө, үйэлээх гынарга кыһаллар. Аны 2010 сылтан хомус оҥорорго холонон ылсан үлэлиир. Хомуһу оҥорууга хатыламмат бэйэтин буочарын киллэрэн, тимир араас көрүҥүттэн : алтантан, мельхиортан, үрүҥ-кыһыл көмүстэн араас киэргэллэри сыһыарар.
Тимири олохтоох рудаттан Сата хайатын тэллэҕиттэн ылар ыра санаатын олохтоох администрация уонна кыраайы үөрэтэр музей өйөөн, 2015 с. улуус баһылыгын Граныгар кыттан, харчынан өйөбүл ылан, тимири уһаарыыга бэлэмнэнэн, 2016 сыл атырдьах ыйыгар республика биллэр уустарын ыҥыран, тимири уһааран 35 кг рудаттан 9,5 кг ыраас болгуону ылбыттара.
2017с. Хаҥалас кыраайы үөрэтэр музейын, олохтоох администрация көҕүлээһиннэринэн, Ньурба улууһун дьаһалтата, улуустааҕы култуура департамена, Ньурбатааҕы К.Д. Уткин аатынан Доҕордоһуу музейа үбүнэн көмөлөһөн, көхтөөхтүк кыттыһан бастакы республиканскай тимир уустарын күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Бу күрэххэ быһах охсон, хомус оҥорон 8 улуустан 16 тимир ууһа кыттыбыта. Күрэх түмүгүнэн Ньурба ууһа Ариан Афанасьев оҥорбут быһаҕа хас да өрүттээх тургутууну ааһан тэҥнээхтэрин булбатаҕа.
Биир дьоһун ситиһииннэн 2017 с. Ньурба улууһун иһинэн ыытыллыбыт улуус баһылыгын Граныгар, «Хаҥалас» МТ дьаһалтатын солбуйааччы баһылыга А.П. Васильева оҥорбут “Уус кыһата” бырайыага 150 тыһ. Граны ыланнар, түмэл тиэргэнигэр, “Уус балаҕана” тутуллан, манна олохтоох уус Ариан Васильевич саха төрүт дьарыгар-быһах оҥорорго, хомус охсорго икки бөлөҕүнэн оскуола уолаттарын утумнаахтык дьарыктаан, үлэлэһэ сылдьар.
2019 сыл Уус Арыйаан олоҕор үгүс ситиһиини аҕалбыт сыл. Бу сыл Хаҥалас нэһилиэгэр иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолоругар “Сата Уус” тимир уустарын күрэҕэ ыытыллыбыта. Нам улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар тимир уһаарыытын күрэҕэр «Сата уустара» диэн хамаанда тэринэн ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ, Ариан Васильевичка Ньурба улууһун норуотун маастарын аата иҥэриллибитэ, Ньурба уустарын ассоциациятын салайааччытынан анаммыта.
2020 сыллаахха Хаҥалас нэһилиэгэр ”Вудфордская печь” Аан дойутааҕы фестиваль чэрчитинэн Ньурба улууһун уустарын ассоциациятын салайааччыта Арыйаан Уус көҕүлээһининэн, Сата тимирин уһаарыыта куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыта.
Быйыл күһүн Ньурба оройуонугар ыытыллыбыт балаҕан ыйын биир бастыҥ тэрээһинэ буолбут «Якутия-миру» норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээл биир сүрүн тэрээһининэн Сата уустара тимир уустарын бэстибээлэ этэ. Өбүгэ саҕаттан үгэс буолбут дьарыгы салҕаан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Сата уустарын киэҥ араҥаҕа таһааран көрдөрүүгэ алта улуустан 13 саха ууһа кэлэн кыттыыны ылбыта, үгүс көрөөччүнү муспута, кэрэхсэппитэ.
Тустаах үлэтин таһынан Ариан Афанасьев нэһилиэккэ ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ тутаах кыттааччы, тэрийээччи, аны киһи быһыытынан көнөтө, элэккэйэ дьоҥҥо үтүө сыһыана мэлдьи кэрэхсэтэр. Бэйэтэ эмиэ байанайдаах булчут, Ариан Васильевич көҕүлээһининэн биэс сыл устата бастакы хааһы сааскы кус сезонугар өлөрбүт сааһыкка оҥорбут сахатын быһаҕын бэлэх ууммута.
Байанай ыйыгар төрөөбүт Хаҥалас ууһа Ариан Афанасьев-Уус Арыйаан Хомус күнүгэр, сэтинньи 30 күнүгэр, сиргэ кэлбит бэлиэ күнүн быйыл хаһааҥҥытааҕар да үөрэ көрсөр. Ол курдук, бу аҕыйах хонуктааҕыта, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев төрүт култуурабытын илдьэ сылдьар, тарҕатар ытык дьоммутугар судаарыстыба таһымыгар өйүүр уурааҕар олоҕуран, Сата уустарын сыдьааныгар Ариан Васильевичка ый аайы төлөнөр Ил Дархан анал стипендиятын туоһулуур сертификаты Дьокуускай куоракка Бырабыыталыстыба дьиэтигэр туттарда.
Биир дойдулаахтарыҥ ааттарыттан бу бэлиэ күҥҥүнэн, үрдүк ситиһиигинэн, үөрэн эҕэрдэлээн туран, “Хомуһуҥ дьол туһун хоһуйдун, Айыыһыт арыаллыы сырыттын алгыс тэҥэ тиэрдэн, өбүгэлэргиттэн ылбыт талааҥҥын өссө сайыннаран салҕыы үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ утумнаахтык үлэлииргэр, айар кут, уран оҥоһук, сатабыл кэнчээри ыччакка бэриллэ турдун! ”, — диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Сата тимир уустарын ааттатар уус кыһатын уота инникитин да кытыаста умайарыгар баҕара хаалабыт!
М.Н. Николаева, Хаҥалас, Ньурба улууһа.