Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдуларын көмүскээн, норуот бүтүннүү туруммута. Үгүс буойун дьоннорбут тыыннарын толук уурбуттара. Ол ынырык сэрииттэн эргиллибиттэртэн билиҥҥи кэмҥэ бэрт аҕыйах бэтэрээн хаалла…
Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Күүкэй оскуолатын биир бастыҥ бастакы үөрэнээччитэ, учуутал, поэт, тылбаасчыт, буойун Иванов Василий Наумович күлүм гыммыт олоҕун сырдатар, кэриэстиир уонна үйэтитэр соруктаах дириҥ ис хоһоонноох “Сарсын тахсар күн иһин” диэн тэрээһин ыытылынна.
Манна бүтүн Күүкэй нэһилиэгэ, оскуолата өрө көтөҕүллэн туран, кытыннылар. Тахсан испит талааннаах суруйааччы Василий Иванов чугас аймахтара кэлэн кыттыспыттара, тэрээһин суолтатын үрдэттэ. Үөрүүлээх чааһы кырдьаҕас учуутал М.В.Николаева киирии тылынан аста, нэһилиэк баһылыга Ю.С.Прокопьев, директор Е.И.Алексеев мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.
В.Н.Иванов сиэн балтылара СӨ культуратын туйгуна З.Г.Попова-Иванова уонна Н.Н.Большакова-Алексеева сценарийдарынан Күүкэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Кэнэҕэс кэриэһим ааттаныа» литературнай композицияны туруодулар, салайааччы — учуутал И.М.Герасимова. Вася Иванов кылгас олоҕун олус уйадытыылаахтык, сэрии уодаһыннаах тыынын итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр.
Манна бэлиэтээн этэр буоллахха, Вася Иванов Күүкэй начальнай оскуолатыгар үөрэнэр сылларын көрдүрүүгэ 4 кылаас үөрэнээччилэрэ кылааһынан, салайааччы М.А.Алексеева олус эппиэтинэстээхтик кытыннылар.
Вася Иванов оҕо эрдэҕинээҕитин — Колесов Артем, студент кэмнэрин — Дьулус Сидоров, доҕорун, Михаил Спиридоновы — Дьулусхан Спиридонов, бары 7-с кылаас уолаттара толороннор, көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.
Салгыы кини олоҕун билиһиннэрэн, композицияны слайдовай бэсиэдэнэн бибилэтиэкэр Нь.П.Львова чиҥэтэн биэрдэ. Вася Иванов 1923 с. Күүкэй нэһилиэгэр Быкынаан күөлүн кытыытыгар, кэрэ айылҕалаах чараҥнаах алааска, элбэх оҕолоох, тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Наум Захарович, ийэтэ Ксенья Федоровна Ивановтар иллээх дьиэ кэргэн, колхоз үлэһит дьонноро этилэр. Вася 1930 сыллаахха Күүкэй алын сүһүөхтээх оскуолатыгар 7 саастааҕар үөрэнэ киирбитэ. Ити кэмнэргэ 1-2 кылаастар Федоров И.А. дьиэтигэр, 2-3 кылаастар Уһун Успурдуон дьиэтигэр үөрэнэллэрэ. Учууталларынан Максимов Николай Семенович, Кривошапкин Филипп Федорович, Кривошапкин Григорий Андреевич үлэлииллэрэ. Үөрэххэ олус дьулуурдаах буолан, учууталларыттан хайҕанара. Уруһуйдьутунан, ырыаны-хоһоону айарынан биллэн барбыта. Элгээйи оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, Саха сирэ 15 сылын туолар үбүлүөйүгэр Сунтаар улууһун үрдүнэн биллэриллибит уус-уран самодеятельноска, уруһуйга, бэйэттэн айыыга күрэххэ кыттан, уруһуйга уонна ырыа суруйууга бастакы миэстэлэри ылбыта. Ити сылларга илиинэн таһаарыллар сурунаалга «Иҥсэ иэдээнэ» диэн сатирическай пьесаны суруйан, дьон сэҥээриитин ылбыта.
1937 с. Муус устар ыйга «Бэлэм буол” хаһыакка Вася бастакы “Саас”, “Самыыр” диэн хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыбыттар. Салгыы Элгээйи 7 кылаастаах оскуолатын 1937 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1938 с. Дьокуускайга Сибээс комбинатын техникумугар үөрэнэ киирэр. Ити үөрэнэр сылыгар Пепе диэн М. Горькай кэпсээнин тылбаастаабыта. 1939 с. сибээс техникумуттан Педагогическай рабфакка көспүтэ. Манна үөрэнэ сылдьан, Николай Габышев, Семен Данилов, Сергей Макаров, Андрей Мартынов, Софрон Данилов уо.д.а. чулуу уолаттары кытта доҕордоһор. Эһиилигэр Дьокуускайдааҕы учительскай институт студена буолар. Институкка Күннүк Уурастыырап салалтатынан литературнай түмсүүгэ сылдьыбыта. “Күөрэгэй” диэн сурунаалга Вася айымньыта уонна хас да тылбааһа тахсыбыта. Иккис курска үөрэнэ сырыттахтарына, төлөбүрдээх үөрэх олохтонон, Василий 1941 с. тохсунньу саҥатыгар Чурапчыга Дириҥ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан анаммыт. Итиннэ биир сыл үлэлээн баран, Сунтаарга Чакыр нэһилиэгэр Күндэйэҕэ учууталлыы барбыта. 1942 с. бэс ыйыгар баҕа өттүнэн армияҕа барар. Комсомолец Вася Иванов саллаат буолаат, автоматчик-хайыһардьыт үөрэҕэр сылдьан, партия чилиэнинэн ылыллар. Бершекка младшай командирдар курстарын бүтэрэн, ити сыл ахсынньы ыйга фроҥҥа барбыта. Фроҥҥа сылдьан, суруйарын уураппатаҕа. Атастарыгар хоһооннорун ыытара. 1943 с. бааһыран, госпитальга киирэр. Манна сытан, кини дириҥ ис хоһоонноох “Ийэбэр” диэн хоһоону суруйар. Бу хоһоонун “Кыым” хаһыакка бэчээттэтэ ыытар. Бу сылга кини патриотическай тыыннаах элбэх хоһоонноро хаһыакка бэчээттэнэн тахсаллар.
Хорсуннук сэриилэһэ сылдьан, ыараханнык бааһыран, Кострома куоракка госпитальга 1944 с. өлбүтэ. Василий Наумович аҕыйах да кэмҥэ учууталлаатар, үөрэнээччилэрэ олус истиҥник саныыллара.
Уһун перемена кэмигэр оҕолорго араас оонньуулары тэрийэрэ, олус интэриэһинэй кэпсээннэри, остуоруйалары кэпсиирэ. Ол туһунан үөрэнээччилэрин ахтыыларыгар ааҕыахха сөп.
“Биир уол оҕо…» диэн кини сырдык кэриэһигэр ананан, 2005 с. кинигэ тахсыбыта. Манна ахтыылар, кини кэпсээннэрэ, хоһоонноро киирбиттэр. Саха биллиилээх суруйааччыта Николай Габышев кинигэтигэр “Студент сэриигэ өлбүтэ” диэн Вася Иванов туһунан сурук, хоһоон булкаастаах сэһэнэ киирбит. “Мин ырыам кыайыыны туойбута”, “Уот сэрии кэпсэтэр тылынан” – Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт суруйааччылар хоһооннорун, айымньыларын хомуурунньуктарыгар Василий Иванов хоһоонноро киирбиттэрин көрүөххэ сөп. 2006 сыллаахха Сунтаарга спартакиада ыытылларыгар Сунтаар кииннэммит библиотечнай ситимэ улуус нэһилиэктэрэ серия бэчээттэтэн брошюралары таһааттарбыта. Бу брошюраҕа Күүкэйтэн төрүттээх поэт, тылбаасчыт, учуутал диэн Вася Иванов туһунан сурулла сылдьар.
Тэрээһин тахсан иһэр поэт хоһооннорун хомуурунньугуттан ааҕыынан түмүктэннэ, кэрэхсэбиллээҕэ биир дойдулаахпыт артыыс, аймахтара Зоя Гаврильевна “Ийэбэр” диэн хоһоонун айымньылаах видеоааҕыытын истэн, бэлэх курдук ылынныбыт.
Маны сэргэ Василий Наумович уруһуйдьутун бэлиэтээн, уруһуй күрэҕэ түмүктэннэ, бастыҥнар ааттаннылар. Күрэх түмүгүнэн уруһуйдар тиһиллэн альбом оҥоһуллан музейга хараллар.
Тэрээһиҥҥэ харда тылы ыалдьыт Герасимова Сардаана Михайловна истиҥник махтанан туран, бэйэтэ оҥорбут альбомнарын, Василий Наумович кинигэтин бэлэх уунна.
Инникитин Күүкэй оскуолатын үөрэнээччитин, учууталы кэнчээри ыччат үйэтитэргэ аатын ааттаан кэриэстиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
“Кустук” пресс-киин эдкордара.
Күүкэй, Сунтаар.