Кулун тутар 9 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын “Олоҥхо” саалатыгар субу буолаары турар премьералары билиһиннэрэр, сырдатар сыаллаах суруналыыстардыын көрсүһүү тэрилиннэ. Ол курдук, кулун тутар 11, 12, 13 күннэригэр Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара” испэктээкил (туруорааччы Сергей Потапов) аан маҥнай көрдөрүллэр. Тыйаатыр дириэктэрэ Петр Макаров СӨ төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө айар кэлэктиип былаанын, тыйаатыр уус-уран салайааччыта Андрей Борисов, сүрүн режиссера Руслан Тараховскай саҥа испэктээкиллэрэ тахсыахтаахтарын кэпсээтэ. Ол курдук, саха бастакы романиһа, олоҥхоһут-суруйааччы Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт “Маарыкчаан ыччаттара” испэктээкил тахсыытыгар Чурапчы улууһун дьаһалтата быһаччы кыттыгастааҕын, кулун тутар 25 күнүгэр Чурапчы дьонугар-сэргэтигэр аналлаах көрдөрүү буоларын тоһоҕолоото.
Премьера саҕаланыан иннигэр, кулун тутар 11, 12 күннэригэр киэһээ 5 чаастан “Олоҥхо” саалаҕа М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай наукаҕа доктора, профессор Варвара Окорокова, кыраайы үөрэтээччи, саха тылын, литературатын учуутала Мария Филиппова, очеркист, прозаик Владимир Пестерев суруйааччы С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин ырытар лиэксийэлэрин истиэххэ сөбүн туһунан суруналыыстарга модератор Надежда Осипова иһитиннэрдэ.
— Саҥа испэктээкил соцреалистическай этно-панк хайысхалаах. Манна араас форма алтыһыыта, ситимнэһиитэ көстүөҕэ, — диэтэ суруналыыстардыын пресс-кэмпириэнсийэҕэ көрөөччүлэри соһутар үгэстээх режиссер Сергей Потапов. — Оҕо сылдьан Эрилик Эристиин “Хачыгыр” айымньытын сэҥээрэн аахпыттааҕым. Ону тыйаатыр сценатыгар туруоруох баҕалаах этим. Кэмэ кэллэҕинэ, баҕар, туруоруом. “Маарыкчаан ыччаттара” — хараҕа, үөрэҕэ суох суруйааччы улаханнык иэйэн-куойан туран суруйбут-айбыт обургу айымньыта, бастакы роман. Айымньы улахана бэрт буолан, “I көстүү” диэннээх. Ромаҥҥа элбэх персонаж баар, олор сорохторо сюжеты хамсатыыга оруоллара, сыһыаннара суох. Онон драматургияны күүһүрдэн биэрдим, тыаһы-ууһу хото киллэрдим. Пьесаны Ангелла Попова суруйда. Инникитин айымньы II, III чааһын туруорар баҕалаахпын. Испэктээкилгэ анаан Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха бриллиантовай циркэтин оркестрын салайааччыта, композитор Егор Ефимов уонча композицияны анаан-минээн айда. Ол эмиэ испэктээкил сүрүн уратыларыттан биирдэстэрэ.
“Драматургия ис хоһоонун өйдөөн-төйдөөн ааҕааччы уонна туруорааччы сэдэхсийдэ…”
1983 сыллаахха туруоруллубут “Саһарҕа хоптотун” хаттаан сөргүтэргэ диэн РФ норуодунай артыыһа, Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, режиссер Андрей Борисов Карл Сергучевка этии киллэрбит. Саха тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ Ангелла Попова пьесаны саҥалыы тыыннаабыт, көннөрбүт.
— Дьүкээгир суруйааччыта, драматург Геннадий Дьячков тыйаатыр доҕоро этэ. Билигин дьүкээгирдэр аан дойду үрдүнэн олус аҕыйахтар. Тыһыынчаттан эрэ тахса дьүкээгир баар. Олор сир үрдүттэн симэлийдэхтэринэ, аан дойду эмиэ сыыйа тутахсыйарыгар тиийэр. Мин “соцреалистическай этно-панк” эҥин диэн хайысханы соччо өйдөөбөппүн, ылыммаппын. Киһи кэннин хайыспакка эрэ олороро уустук дии саныыбын. Геннадий Дьячков дойдутугар Аллараа Халыма Нэлэмниэйигэр сылдьыбыппын умнубаппын. Онно суруйааччы балтын көрсүбүтүм. Кини миэхэ Гена бибилэтиэкэтиттэн диэн, биллиилээх режиссер Анатолий Эфрос кинигэтин бэлэхтээбитэ. Нэлэмниэй ис тыыннаах, уратылаах сир. Дьон сир иччитигэр сүгүрүйэн, бүк итэҕэйэн олорор. Драматургия ис хоһоонун чахчы өйдөөн-төйдөөн ааҕааччы уонна туруорааччы, хомойуох иһин, сэдэхсийдэ… Драматургия диэн үрдүк көстүү, ону сатаан ааҕыахха наада, кыраҕытык. Ону өйдүүр диэн бэйэтэ туспа дьоҕур, айдарыы… Тыһыынчанан араас туруоруулары олохпор көрдүм эрээри, Шекспир, Чехов айымньыларын хайдах да уларытар-тэлэритэр кыах суох. Билигин ааҕар режиссер да тарбахха баттанар гына сэдэх. Үксүгэр киэбинэн, стилизациянан үлүһүйүү баһыйар… Холобур, К. Серебренников туруоруулара итинэн уратылаахтар. Ол “муодунай” сүүрээҥҥэ эмиэ соннук, “муодунайбын” дэммит дьон тоҕуоруһа мустуо. Искусство уонна култуура ыккардын араарар ордук.
Холонуу ситиһиилээх
Артыыс Василий Борисов режиссер быһыытынан быйыл эрэ холоммут буолбатах. Кини “Бүтэһик малыыппа” диэн И. Вилквист пьесатынан икки артыыс (РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Елена Сергеева-Румянцева, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Петр Баснаев) оонньуур испэктээкилинэн Москваҕа “Диалоги” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатыр III фестивалыгар кыттан, киин сир кириитиктэрин үрдүк сыанабылын ылбыта уонна Москва көрөөччүлэригэр үлэтин көрдөрөр чиэскэ тиксибитэ. Былырыын “Махтанабын, эйиэхэ” диэн М. Байджиев айымньытынан туруоруута эмиэ саас сүрэхтэммитэ. Артыыстар Ньургуйаана Шадрина, Айаал Аммосов, Алдан Готовцев оонньообуттара.
— Билиҥҥи кэмҥэ киһи киһиэхэ сыһыана хаҕыстыйда. Киһи, оҕо — сыаналаммат курдук. Ити ордук киин сиргэ олорор дьоҥҥо сыһыаннаах. Ити кыһалҕа салгыҥҥа тэйбэҥнии ыйанан турар. “Бүтэһик малыыппаҕа” ийэ оруола Ийэ сири, оттон уол—норуоту сирэйдээн көрдөрөр. Туохтан барытыттан мэлииппэ эрэ быыһыа диэн санаанан түмүктэнэр. Тыйаатыр салалтата айар киһиэхэ кыах биэрэрэ олус үчүгэй дии саныыбын. Эйиэхэ ким да тугу да соҥнообот, бэйэҥ талбыт айымньыгын туруораҕын, — диир саҕалаан эрэр режиссер Василий Борисов.
ххх
Ис киирбэх, үйэлээх, киһи курдары умсугуйан көрөр гына төрөөбүт тылынан бастыҥ туруоруулар үксүү турдуннар.
Жанна Леонтьева.
Ааптар уонна Геннадий Охлопков түһэриилэрэ.