Бүгүн Охлопков аатынан Майа оскуолатыгар Ийэ тыл күнүн чэрчитинэн 2 -4 кылаастарга «Санаабын сатаан этэбин» диэн тыл этээччилэр күрэхтэрэ буолан ааста.
Күрэх сыала –соруга диэн тѳрѳѳбүт тылы үѳрэтии суолтатын урдэтии, кыра саастаах оҕо тѳрѳѳбут ийэ тылын сүмэтин иңэринэригэр, санаабыт санаатын тѳрѳѳбут тылынан саңара, быһаарса уѳрэнэригэр усулуобуйа тэрийии, оҕону ѳбүгэ сиэригэр — майгытыгар, тылыгар–ѳһүгэр, утуѳ угэстэригэр иитии.
Күрэх үс түһүмэҕинэн ыытылынна: бастаан кыттааччы бэйэтэ бэлэмнэнэн кэлбит тематыгар тыл этэр. Иккис түһүмэххэ өс хоһоонун суолтатын быһаарар, үһүскэ — бэриллибит темаҕа тыл этэр.Тыл этээччилэр саха быһаҕын, булт сиэрин – туомун, ону таһынан ийэлэрин , аҕаларын туһунан кэпсээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар үчүгэй бэлэмнээхтэрин, тылы сөпкө тутталларын бэлиэтээтэ.Үс түһүмэх кэнниттэн дипломант аатын сүктүлэр 3 б кылаас үөрэнээччитэ Долгунов Айсен уонна 4 б кылаас үөрэнээччитэ Аржаков Костя, кыайыылаах уонна лауреат аатын сүктэ 4 а кылаас үөрэнээччитэ Слепцов Айтал.
Тэрээһини ыытта оскуола педагог библиотекаря Бакычарова Клавдия Дмитриевна .
Майа оскуолата