Бу оҕону эт-хаан уонна кытаанах санаалаах буоларга иитэр спорт көрүҥэ «Өрөгөй» спорт комплексыгар буолан ааста. Бүгүн мин иккис күнүгэр сылдьан, бу көрүҥү сэргии көрдүм.
Ол курдук, эдэр спортсменнар бүгүн алта кэмпилиэк мэдээл иһин кииристилэр. Чаҕылхайдарынан кимнээх наҕараадаланнылар?
Уолаттарга 49 киилэҕэ –
1 м – Cеменяченко Савелий (Дальневосточный Федеральный округ)
2 м — Рушбеков Ансар (Кыргызская республика)
3 м – Дустмуродов Дилмурод (Узбекистан)
58 киилэҕэ –
1 м – Чабан Даниил (Дальневосточный федеральный округ)
2 м — Шаршенов Даниэль (Кыргызская республика)
3 м – Медведев Владимир (Сибирский Федеральный округ), Асинжонов Фирдас (Узбекистан)
79 киилэҕэ –
1 м – Энхайрамдал Энхозир (Монголия)
2 м – Голибов Шокхахон (Узбекистан)
3 м – Малетин Сергей (Уральский Федеральный округ), Шогенов Эмир (Москва)
Кыргыттарга 44 киилэҕэ –
1 м – Башарова Алина (Уральский Федеральный округ)
2 м — Нураддинова Мехринисо (Узбекистан)
3 м – Рахубай Каракат (Казахстан), Барабаш Екатерина (Дальневосточный Федеральный округ)
54 киилэҕэ –
1м – Галай Анна (Уральский Федеральный округ)
2 м – Коровина Алина (Сибирский Федеральный округ)
3 м — Шарапова Дария (Республика Саха-1), Буйантсогт Саруул (Монголия)
65 киилэҕэ –
1 м – Малова Варвара (Сибирский Федеральный округ)
2 м – Энктаиван Анудари (Монголия)
3 м – Корякина Сахая (Республика Саха – 1), Турлубек Гулсезим (Казахстан)
Ону таһынан, чөмпүйүөннэри бэлэмнээн таһаарбыт тренердэргэ эмиэ мэдээллэри туттардылар.
Бу киэһээ кыайыылаахтар былаахтара халлааҥҥа гимн доҕуһуоллаах өрө күөрэйдэ. Көрөөччүлэр, тренердэр уонна мустубут ыалдьыттар спортсменнары уруйдаатылар.
Дуолан ПАВЛОВ, VII кылаас, Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата«Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньууларын пресс-киинин эдкора