Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы аймаҕа,
Көхсүттэн көнтөстөөх күн өркөн дьоно!
Истиҥ! Сэргээҥ! Кыттыҥ!
Самаан сайын салыллыыта, үкээр куйаас түһүүтэ, Хотун Бүлүү туонатыгар – Олоҥхо ыһыаҕа!
Былыргы быдан дьыл
Быралыйар мындаатыгар
Үс саха барахсан
Үөскээн тэнийэн,
Түөрт саха түөрэҕэ түһэн
Кэскилэ кэҥээн
Тэнийэн-ууһаан эрдэҕинэ,
Күөрэгэй чыычаах көрүлээбит
Түгэхтэй алааһыгар
Киһи киэнэ кииллээхтэрэ,
Саха киэнэ саарыннара,
Наадал хара түптэлэнэн,
Тойон сэргэ туруоран,
Ар баҕах анньан,
Кыталык үҥкүүлээбит
Кылбаа маҥан кырдалыгар
Дурда-хахха буолар убайдаах
Нарын-намчы балтылаах
Бииргэ төрөөбүттэр,
Чугас аймахтар
Сэттэ түһүмэхтээх
“Кыыс оҕо кылааннааҕа Кылаан Куо, уол оҕо туйгуна Хабытта бэргэн”
Күөн күрэскэ күүтэбит.