Аҕа дойду Улуу сэриитигэр үлэни кыайар, сырыыны сылдьар дьонтон ураты, сокуоннай саастарын ситээт да, сэриигэ ыҥырыллан бараннар, сорохторо кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар эргиллибиттэрэ, хомойуох иһин, сорохтор сэрии хонуутугар хаалбыттара. Сэрииттэн төннөн кэлбит дьон кэпсииринэн, дойдугуттан, чугас дьоҥҥуттан сурук кэлэрэ туохтааҕар да күндү буолара уонна өстөөҕү хоторго кынаттыыра.
Украинаҕа байыаннай операцияҕа барбыт саллааттарбытын өйөөн, дойду үрдүнэн ыытыллар «Письмо солдату» диэн акцияҕа кыттыһан, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруктары суруйдубут.
Сурук ис хоһооно сүрүннээн кыайыы буоларыгар эрэллэрин сүтэрбэттэригэр, дойдуларыгар кинилэри чугас дьонноро күүтэллэрин туһунан буолар. Аны икки тылы билбэт дьоҥҥо сурук тиксэн хааллаҕына, сурукка эбии уруһуй уруһуйдаатыбыт, ону көрөн хантан сурук кэлбитин өйдүөхтэрин сөп.
Сурукпут тиийэн, саллааттарга күүс-көмө буолуо диэн эрэллээхпит.
Ванесса ПРОКОПЬЕВА, «Тымтык» пост.