Михаил Гаврильевич Тарабукин үйэ уларыйар 1919 сылыгар II Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Аграфена Гаврильевна кини 7 саастааҕар өлбүтэ. Михаил оччотооҕу ыарахан кэмҥэ үс кылааһы бүтэрбитэ. Онтон ыла, 1942 сыллаахха Ийэ дойдутун көмүскүү барыар диэри, холкуоска үлэлээбитэ. Сэриигэ барбыт сылыгар аны аҕата өлбүтэ.
Михаил Гаврильевич маннык суруйбут:
“1942 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр “Пятилетка” холкуостан ахсыа буолан сэриигэ барбыппыт. Кинилэртэн мин эрэ тыыннаах ордон, Ленинград куорат аттыгар атахпар бааһыран, эргиллэн кэлбитим. Мин сэриилэһэр кэммэр наар чугуйар эрэ этибит.Сэрии бастакы утаата буолан, кимэн киирдэхпитинэ да, олох чугаһаппаттара. Туох да элбэх киһи өлөрө. Буулдьа, сэнэрээт ардах курдук кутара. Ол сылдьан атахпар ыараханнык бааһыран, Новосибирскай байыаннай госпиталыгар алта ый сыппытым. Онно уҥа атахпын төрдүттэн быспыттара. 1943 сыллаахха дойдубар эргиллэн кэлбитим”.
Оннооҕор хотой көтөр кынатын, түөрт атахтаах кыыл биир атаҕын тоһуттаҕына мөлтүүр-ахсыыр. Оттон киһини итинник эчэтии булгуруппат эбит. Ол холобура – М.Г. Тарабукин олоҕо.
Михаил Гаврильевич сэрииттэн эргиллээт, аҥаар атахтаахпын диэбэккэ, үлэ үөһүгэр харса суох түспүтэ. Алта сыл холкуоска сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Оччолорго, туох да механизация суох кэмигэр, баттыгынан сылдьан, сүөһү көрөр манан аҕай буолбатаҕа биллэр. Ол эрээри, Мэхээлэ айылҕаттан кыанар киһи буолан, үлэттэн толлубат этэ. Кини сүөһү көрүүтүнээҕэр өссө ыарахан, сылайбат сындааһыны эрэйэр үлэҕэ көһөн, аны холкуос кадровай булчута буолбута!
Саллаат өрүү саллаат. Кыһынын күндү түүлээх соноругар, сайынын күөх быйаҥ сомсуутугар сылдьара. Ити үлэтиттэн кини 1987 сыллаахха биирдэ уурайбыта.
Михаил Гаврильевич сэрии толоонугар даҕаны, эйэлээх олоҕу тутууга даҕаны ыарахан диэн толлон турбатаҕа. Ийэ дойдутун көмүскэлигэр сылдьан, кыа хаанын тохпут, чэгиэн этин-сиинин сэймэктэппит саллаат “Албан Аат” III, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I степеннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Оттон эйэлээх олоххо “Коммунистическай үлэ удаарынньыга”, “IХ пятилетка удаарынньыга” үрдүк ааттары ылбыта.
Хомойуох иһин, сэрии уордьаннардаах саллаата, үлэ удаарынньыга Михаил Гаврильевич Тарабукин бүгүн биһиги ортобутугар суох. Ол эрээри, Михаил Гаврильевиһы бар дьоно умнубат, кини аатын алта оҕото, үгүс сиэнэ ааттаталлар.
II Байаҕантай, Уус Алдан.