Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 5 «а» (кыл. сал. Сивцева С.В.), 5 “б” (кыл. сал. Новгородова Н.В.), 6 “б” (кыл. сал. Шамаева М.Д.), 6 «в» (кыл. сал. Сивцева А.Р.), 7 «а» (кыл. сал. Шамаева М.П.), 8 “б” (кыл. сал. Татаринова В.Д.) кылаас үөрэнээччилэрэ «Саллаакка сурук» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кытынныбыт. Уопсайа 60 суругу кичэйэн туран суруйдубут.
Быстах хомуурга барбыт биир дойдулаахтарбытыгар кыра да болҕомто олус наада дии саныыбыт. Хас биирдии үөрэнээччи бу аахсыйа суолтатын өйдөөн, ис сүрэҕиттэн туох баар үчүгэйи баҕаран туран сурук суруйда. Баҕа санаабыт таһынан оскуолабыт, кылааспыт сонуннарын үллэһиннибит. Биһиэхэ саллаакка суругу суруйуу улахан суолталааҕын, эппиэтинэстээҕин туһунан кылаас салайааччыларбыт кэпсээбиттэрэ.
Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт эр бэрдэрбитин кэлэн иһэр Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэринэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит, махтал тылларын этэбит.
Өрүү бу маннык араас аахсыйаларга кыттыыны ылыахпыт уонна биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт.
Юлиана Никулина, V кылаас,
Нарыяна Оллонова, VII кылаас
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата.