Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын оҕолоро аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар сурук, харысхал, аккырыыкка оҥорон ыыттыбыт, ону таһынан, кыра кэһии хомуйдубут. Сурукпутугар хас биирдии бэйэбит: «этэҥҥэ сылдьан, дойдугутугар, дьоҥҥутугар кэлиҥ», – диэн баҕа санаабытын суруйдубут. Уолаттар Хабаровскай кыраайга, Амур уобалаһыгар сулууспалыы сылдьаллар.
«Арылы» — пресс-бөлөх.
Кэбээйи, Мукучу.