Бу туһунан Ил Түмэн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева иһитиннэрдэ. Кэлэр 2022 сылга СӨ Ил Дархана А.С. Николаев дьаһалынан сайыҥҥы бириэмэҕэ таба ыстаадатыгар үлэлиир оҕолорго үс ыйдаах хамнас төлөбүрэ үүнэр сыллааҕы бюджет барылыгар киирдэ.
— 2020 сыллаахха Эбээн-Бытантай оройуонугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүтүгэр табаһыттар «биһиги оҕолорбут наһаа элбэх үлэни оҥороллор, сүрдээх улахан көмө буолаллар. Кэнники сылларга таба ахсаанын элбэҕэ, оҕолор сайыҥҥы ыйдарга тугуттары көрөн, үөнтэн-көйүүртэн быыһыыр ыарахан үлэлэриттэн, кинилэр сүрдээх улахан көмөлөрүттэн тахсар. Оҕолорбут биир эрэ ыйга үлэлээбэттэр, үс ый тухары үлэлииллэр, ол иһин 14 саастарын туолбут оҕолорго хамнастарын көрөргүт буоллар», — диэн туруорсан тураллар. Онон Айсен Сергеевич бу боппуруоһу кэмигэр быһаарарга диэн сорук туруорбута. Онтон 2021 сылга балаһыанньа хамсык ыарыытынан кытаатан, үп-харчы кырыымчыгыран, ити боппуруос быһаарыллыбатаҕа, биир эрэ ыйдаах төлөбүрүнэн, уруккутунан, хаалбыта. Оҕолор бастакы сылларга хамнастарын икки ыйынан ыла сылдьыбыт эбит буоллахтарына, биир ыйга кыччатан биэрбиттэрэ.
2022 сылга Ил Дархан дьаһалынан 3 ыйга суот оҥоһуллан, билигин бу төлөбүр кэлэр сыллааҕы бюджет харчытыгар киирэн эрэр. Дьоммут-сэргэбит олоҕо тупсарын туһугар Айсен Сергеевич Николаев үлэтин биир үтүө түмүгэ буолар.
Оҕолорбут ыстаадаҕа ийэлэрин-аҕаларын кытары бииргэ сылдьан, таба иитиитин эбии иҥэрэн, кэлэр кэнэҕэски сылларга элбэх табаны иитэн, төрүт дьарыкпытын өрө тута сылдьыахпыт диэн баҕа санаалаахпын, — диэн норуот депутата Е.Х. Голоморева кэпсиир.
Бу үтүө сонуну удьуор табаһыт, Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин «Магир» тыа хаһаайыстыбатын приозводственнай дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар община ыстаадатын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Егоровна Дьячкова үөрэ иһиттэ:
— Биһиги «Оралчимна» сайыҥҥы лааҕырбытыгар оҕолорбут, улахан дьону кытары тэҥҥэ, таба үлэтигэр сылдьаллар, ким да хаалан турбат. Ыстаада күннээҕи үлэтэ элбэх, онно сайыҥҥы өттүгэр биһиги лааҕырбыт оҕолоро күүс-көмө буолаллара саарбаҕа суох. Сыл аайы Муома улууһун дьарыктаах буолуу киинэ 14 саастарыттан үөһэ саастаах таба ыстаадатыгар сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар үлэлээбит оҕолорго биир кэмнээҕи босуобуйа төлүүр. Сайыны үлэнэн туһалаахтык атаарбыт оҕо, наҕараада быһыытынан харчы көрүлүннэҕинэ, үөрүүтэ үгүс буолааччы. Оҕолор ол үлэлээн ылбыт харчыларыгар үөрэхтэригэр туһалаах тэрили атыылаһаллар.
Онтон бу бүтэһик сылларга, хамсыгынан сибээстээн, Дьарыктаах буолуу киинэ биир эрэ ыйга босуобуйа көрөр буолла. Ол иһин биһиги оҕолорбутун эбии эрэллээх буола гынарга, стимуллаары, община хаһаайыстыбатын бюджетыттан бэлиэтиир буоллубут. Сайын табаҕа сылдьыбыт, сааһыттан тутулуга суох, оҕолорго барыларыгар харчынан бириэмийэнэн көмөлөһөр буоллубут. Элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга бу улахан төһүү күүс буоларын билэбит, ол иһин оҕолорбутун ити курдук, кыратык да буоллар, өйүүбүт. Ол иһин таба ыстаадатыгар сайыҥҥы өттүгэр үлэлиир оҕолорго туһуламмыт бырагыраама олоххо киирэн эрэриттэн олус үөрдүбүт!
Таба ыстаадатыгар сайыҥҥы бириэмэҕэ үлэлиир оҕолор толору үс ыйдаах хамнас аахсар буолаллара, кырдьык, Арктика олохтоохторугар бу улахан көмө уонна өйөбүл буолар.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
Е.Е. Дьячкова хаартыскалара.