Кыыл-сүөл нөҥүө илиистик эрэ буолбакка, өссө да элбэх ыарыы бэриллэр. Олортон биирдэстэринэн төбүрүөн (нууччалыыта “стригущий лишай”) буолар. Ыалдьыбыт оҕоттон атын оҕолор эмиэ сысталлар. Төбүрүөнү хайдах эмтиир туһунан педиатр Светлана Миронова кэпсиир.
Төбүрүөн буулаабыт
Бу тирии ыарыытын трихофитоз уонна микроспорум “грибок” көбүтэр. Оҕоҕо үксүн дьиэ кыылыттан—ыттан, куоскаттан, сүөһүттэн, сылгыттан, бэл диэтэр, хомяк кыылтан сыстар. Оҕо ыалдьыбыт куоска оҕотун, ыты имэрийдэҕинэ, тыыттаҕына, ыарыыга ылларар.
Бу тирии ыарыыта оҕоттон оҕоҕо эмиэ бэриллэр. Ыарыһах туттубут малын, холобур, тараах, соттор, бэргэһэ нөҥүө “грибогунан” сыстар.
Оҕолор 80 %-нара сөбүлээн кууһар, тыытар кыылларыттан, куоска оҕотуттан, сысталлар. Ордук оҕо доруобуйата мөлтөөбүт кэмигэр эбэтэр тириитигэр аһаҕас баастаах буоллаҕына, кэбэҕэстик сутуллар. Улахан киһи ыалдьыбыта биирдэ эмэ баар буолар.
Төбүрүөҥҥэ хайдах сыстымыахха сөбүй?
Оҕо кыылы, куосканы кытта оонньоон баран, илиитин мыылалаан үчүгэйдик сууннаҕына, бу ыарыыга сыстымыан да сөп.
Төрөппүт тугу гыныахтааҕый?
Бастатан туран, оҕону туспа хоско сытыараҕыт. Оронун таҥаһын, таҥна сылдьыбыт таҥаһын мыылалаах, суодалаах ууга оргутаҕыт, өтүүктүүгүт. Хоһун күн аайы эмиэ оннук сууйаҕыт, быылын сотоҕут. Ыарыһах туспа иһиттээх, мыылалаах буолар. Таҥаһын, сотторун сотору-сотору оргутаҕыт. Төбүрүөн оҕо төбөтүгэр тахсыбыт буоллаҕына, ыга ыла сылдьар чараас бэргэһэни кэтэ сылдьыахтаах, ону күн аайы уларытаҕыт, оргутаҕыт. Кыылтан сыстыбыт буоллаҕына, ол кыылы эмиэ эмтиэхтээххит.
Сэрэтэбит: куосканы, ыты, атын кыылы оҕо утуйар таҥаһыгар сытыара үөрэтимэҥ.
Ааптар: Таисия Алексеева